Ыһыы-2017: Бааһынаҕа үлэ күөстүү оргуйар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Нам улууһугар сиртэн үүнээйини ылыыга 82 хаһаайыстыба үлэлиир, ол иһигэр 12 хаһаайыстыба сүөһү аһылыгын соҕотуопкатыгар, 44 хаһаайыстыба хортуоппуйга, 25 хаһаайыстыба оҕуруот аһыгар, биир хаһаайыстыба бурдукка идэтийэр. edersaas.ruru

Сүөһү сүмэһиннээх аһылыгын соҕотуопкалыыр «Дайыына» ХЭУо, «Эрэл» ТХПК итиэннэ бааһынай хаһаайыстыбалар бурдук ыһаннар, улууһу сиилэһинэн, сенаһынан хааччыйаллар.
Хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын үүннэриигэ урукку сыллартан биллэр-көстөр үлэлээх «Дьулус-97» (сал. Михаил Сивцев), «Шмидт» (Григорий Уваровский), «Дьаҕанытта» (Виктор Обутов), «Дохсун» (Егор Бурнашев), «Саҥа сүүрээн» (Александр Жирков), «Эҥсиэли» (Захар Винокуров), «Кэскил» (Алексей Кузьмин) о.д.а. мэлдьи туруктаах үүнүүнү ылаллар. Кинилэр холобурдарын батыһан, Григорий Уваровский, Мария Уваровская, Ильнара Исмакова (Бөтүҥ), Рафаэль Петров, Эдгар Константинов (Үөдэй), Захар Винокуров (Үөдэй) хаһаайыстыба тэринэн, таһаарыылаахтык үлэлииргэ дьулуһаллар. Онон көрдөрүү сыллата тупсарыллар. Холобур, улуус үрдүнэн хортуоппуй баалабайынан 2014 с. — 4381 т, 2016 с. — 4734 т, оҕуруот аһа 2014 с. — 1219 т, 2015 с. — 1429 т, 2116 с. — 1510 т хомуллубута.
Быйыл бу хаһаайыстыбалар сүөһү сиир култууратын 1651 гектарга (биир сыллаах оту 1204, элбэх сыллаах оту 367 гектарга), бурдугу 167 гектар бааһынаҕа ыһар, 300 гектары паардыыр, хортуоппуйу 530 гектарга олордор, оҕуруот аһын 126 гектарга үүннэрэр былааннаахтар. Онон билигин кинилэр бааһынаҕа күнтэн күнү сырсар түбүктээх үлэ үөһүгэр сылдьаллар.
Улуус дьаһалтата сиртэн үүнүүнү ылыыга сыллата сөптөөх үбү көрөр, онно тирэҕирэн хаһаайыстыбалар базаларын хаҥаталлар, ыһыыларын сирин кэҥэтэллэр. Ол курдук, кэлиҥҥи үс сыл устата икки оҕуруот аһын харайар аныгы хааччыллыылаах ыскылаат тутулунна. Оттон быйыл «Эрэл» ТХПК 1 тыһ. тонна оҕуруот аһын харайар ыскылаата үлэҕэ киллэриллиэхтээх, ону сэргэ, үс саҥа ыскылаат, үс сиилэс траншеята, 70 км усталаах бүтэй тутуллуохтаах.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0