Угольнай олохтоохторун сөмөлүөт сырыыта уонна суол кыһалҕата долгутар

Бөлөххө киир:

Үөһээ Халыма оройуонун Угольнайыгар бырабыыталыстыба 2018 сыллааҕы үлэтин отчуоттаата. Угольнайдар тырааныспар, суол-иис кыһалҕатын туруорустулар. Олохтоохтор нэһилиэктэртэн оройуон киинигэр диэри суол туруга куһаҕанын сүрүн кыһалҕаларынан ааттаатылар. 

Бу улууска Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Тарасов салалтатынан алта киһи сырытта. Миниистир билиэт тарыыба тоҕо үрдүгүн, Арассыыйа Почтата, Сбербанк салааларын үлэтин, аэропорт тутуутун, ОДьКХ үлэтин туһунан ыйытыктарга эппиэттээтэ.

«Якутия» авиахампаанньа рейстэрэ Арассыыйа иһинэн уонна тас дойдуларга сылдьыаҕа. Оттон «Полярные авиалинии» Ан-24 уонна Ан-26 сөмөлүөттэринэн өрөспүүбүлүкэ иһигэр көтөр буолуоҕа. Баҕар, бу быһаарыныыттан билиэт сыаната түһүөҕэ», — диир Александр Тарасов.

Маны таһынан, Александр Евгеньевич суудуна хампаанньатын үлэтин туһунан, Жатайдааҕы судоверфь тутуута саҕаланан, сылга 10 өрүс тырааныспарын оҥорон таһаарарын туһунан иһитиннэрдэ.

Вилена Созонова, «Колымские новости» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0