Билигин Саха сиригэр быһа холоон 3 тыһ. чугаһыыр ыал Угаров шкалаалаах биологическай термометры туттар.
Ол гынан баран дьон үксэ ити термометры урукку градусник курдук салгын төһө тымныйбытын эбэтэр итийбитин билэргэ эрэ туһанар.
Дьиҥэр Угаров термометрыттан киһи үгүс информацияны ылан күннээҕи олоҕор туһаныан сөп.
Холобур, дьиэ температурата 19 кыраадыс буоллаҕына олорорго, утуйарга ордук табыгастаах. Ол гынан баран билиҥҥи киһи 20-21 кыраадыс (ити Целсийинэн 24-25 кыраадыс) сылаас буоларыгар үөрэнэн хаалбыт.
Салгын 12 кыраадыс (Целсийинэн 16 кыраадыс) буоллаҕына:”Сөрүүн”, — диибит (прохладно). Ол аата сайыҥҥы таҥаһы устан, халтаң таҥаһы кэтэр кэм саҕаланар.
Сотору кэминэн салгын температурата 0U кыраадыс (+4 С) диэки тиийэн тымныы (холодный) дьыл-күн саҕаланыа.Чараас истээх бачыыҥка, сылаас куурка, баайыы бэргэһэ уонна хайаан да бэрчээккэ, үтүлүк кэтиллиэхтээх. Оччоҕо тымныыттан сыыстарбаккын, тумуулаабаккын, сөтөллүбэккин, кыарыыга ылларбаккын.
Урукку термометры туттар дьон итини билбэттэр, сылаас дии санаан чараастык таҥналлар, ыарыыга хаптараллар.
Балаҕан ыйын 25-һин кэнниттэн халлаан тымныйар, уу тоҥор буолар, ол аата
-4 U эбэтэр 0 С. Тымныы (холод) күүһүрэн (морозный период) барар, саҕаланар.
Угаров термометрын күннээҕи олоххо туттууга сүбэ
Өссө ичигэстик таҥныллар — истээх бачыыҥка, баккы, халыҥ куурка, чэпчэки саҥыйах о.д.а. тоҥмот-тириппэт курдук талан кэтиллэр. Хайаан да бэргэһэ наада. Муоданы сырсан төбө сыгынньах сылдьыы доруобуйаҕа охсуулаах. Төбө сылааска сылдьыахтаах. Дэлэҕэ даҕаны Ийэ Айылҕа барахсан төбөҕө хойуу баттаҕы хаалларда5а.
Тымныы (холод) U (+4 С) -тан 0 С (-4 U) диэри тымныы өр турдаҕына ичигэскэ үүнэр оҕуруот аһыгар (холобур, оҕурсууга, перецкэ о.д.а) хаһыҥ курдук дьайар, Хонуу, тыа үүнээйилэрэ үүнэллэрэ тохтуур, үөн-көйүүр сорох көрүҥэ өлөр. Ол аата
атын тыынар тыыннаах эмиэ эмсэҕэлиир.
Манна даҕатан эттэххэ билигин биһиэхэ күһүн-саас күн-дьыл уларыйар кэмигэр кэтэр анал таҥаспыт суох. Итисаҕаланарни толкуйдуохха этэ.
Алтынньы ый 20-тин диэки кырыа кыһын кэмэ бүтэн кыыдаан кыһын саҕаланар, халлаан күүскэ тымныйан барар.
-30 U Тымныы түстэ да тирии бачыыҥканы, саппыкыны устан, таба тыһа этэрбэс, ичигэс саҥыйах, аныгы анал куурка, түүлээх бэргэһэ о.д.а. кэтиллэр.
Бэрт кылгастык кэпсээтэххэ итинник.
Онон Угаров термометрын туһанан сөпкө ичигэстик таҥнан куруук чэгиэн, олоххо ситиһиилээх буолуохха, уһун үйэлэниэххэ сөп эбит.
Чэгиэн-чиргэл, дьоллоох буолуҥ!
Гавриил Угаров, термометр ааптара.
Дьокуускай.