Үөдэйдэр астара аатыран эрэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун Үөдэйин олохтоохторо 2017 с. “Хаҥалас-Ас” кэпэрэтиип көмөтүнэн астыыр сыаҕы тутан үлэҕэ киллэрбиттэрэ.

Онон нэһилиэнньэттэн сир аһын уонна эти тутан астыыллар. Ол курдук, кыһыҥҥы өттүгэр эттэн араас аһы-үөлү, кэтилиэттэри, пельменнэри уо.д.а. оҥороллор. Оттон билигин балыгы тутан, тууһаан, хатаран, ыыһаан, астыы сылдьаллар.

Сайын уонна күһүн олохтоохтор күөх луугу итиэннэ сир аһын (биэ эмиийин, дьэдьэни, хаптаҕаһы, сугуну, отону) соҕотуопкалыыллар. Асчыттар онон барыанньа, сироп арааһын оҥороллор. Нэһилиэнньэ сир аһын дохуоттаах салаа быһыытынан сыаналаата, оҕолор отон хомуйаннар, оскуолаҕа барар таҥастарын-саптарын хааччынар буоллулар.


Баара эрэ 400 киһи олорор дьоҕус бөһүөлэгэр бу сыах баара дьоһун сабыытыйа. Манна биэс киһи бастайааннай үлэлиир, ону таһынан бородууксуйа элбээбит кэмигэр эбии киһи ылыллар. Хамнас кэмигэр төлөнөр итиэннэ икки күн өрөбүллээх буолан, үлэтэ суох олорор дьон сыахха быстах да үлэлииргэ сүүнэкий баҕалаахтар, уочаратынан кэлэн үлэлииллэр. Улуус дьаһалтата сыах үлэтин өйүүр, оттон олунньуга отчуоттуур мунньахха тиийэ сылдьыбыт Бырабыыталыстыба биригээдэтэ Үөдэй холобурун атын нэһилиэктэргэ тарҕатыахха сөбүн бэлиэтээбитэ. Астыыр сыах быйылгы сыллаах былаана дьэҥкэ: соҕотуопканы өссө кэҥэтэн, оҥоһуллар бородууксуайны элбэтии.

Анна Сергучева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru. сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0