Удьуор олоҥхоһут Афанасий Попов

01.07.2022
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо Ыһыаҕар олоҥхоһут Афанасий Попов «Кылаан чыпчаал» бирииһи ылан, Ил Дархан илиититтэн 700 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээти туппута. Кини: “Бу кыайыыбын төрөөбүт Тааттабар аныыбын. Тааттаҕа олоҥхо төрүттэммит, иитиэхтэммит дойдута буолан, билигин 200-тэн тахса толорооччу баар буолла. Сыл аайы эбиллэ турабыт. Былырыын Баҕардыынап кыайбыта, сыл аайы таатталарга биэриэхтэрэ суоҕа дии санаабытым эрээри, ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбитим», — диэн эппитэ.

Афанасий Николаевич, чахчыта, кыайыан кыайдаҕа. Кини — СӨ култууратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Оһуохай үтүөлээх этээччитэ, алгысчыт, Саха сирин Бочуотун кинигэтигэр киирбит дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, Арассыыйатааҕы “Төрөппүт Албан аата” уордьан-мэтээл хаһаайына. 50 сыл култуураҕа үлэлээбит уопуттаах. Кэнники кэмҥэ оҕолору, ыччаты олоҥхоҕо уһуйа, үөрэтэ сылдьар үтүөкэн өҥөлөөх.

Афанасий Попов 1972-74 сылларга Москваҕа эстрада мастарыскыайыгар үөрэммитэ. Ону бүтэрэн кэлэн баран, Саха сиригэр бастакы вокальнай-инструментальнай “Чороон” ансаамбылга ыллаабыта-туойбута. Онно сылдьан кэргэнин Евдокия Петровнаны кытары билсэн, ыал буолбуттара. 1977 сыллаахха эдэр ыал биир сүбэнэн, уол дойдутугар Таатта Боробулугар тахсан олохсуйбуттара.

Алта оҕону төрөтөн, бэртээхэй дьон гына улаатыннардылар. Улахан уоллара Николай Попов – СӨ норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа, Опера, балет тыйаатырын солиһа, орто уол Петр – Санкт-Петербурдааҕы Михайловскай тыйаатырга муусукаан, Nord Sound диэн бөлөххө ыллыы сылдьыбыта. Кыра уол Афанасий — урбаанньыт, Happy Chuck бөлөххө ыллыыр. Кыргыттартан Настя улуустааҕы ырыа күрэстэригэр кыттан, кыайар этэ.

2000 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ “Бастыҥ дьиэ кэргэн” аатын ылан, “УАЗ” массыынанан бириэмийэлэммиттэрэ. Сүөһү, сылгы тутан, оттоон-мастаан, улахан хаһаайыстыба тэринэн олорбуттара. Билигин сааһыран, сүөһүлэрин тохтоттулар эрээри, сылгыларыгар оттууллар. Сайын аайы эбээ-эһээ лааҕыра үлэлиир, кыра бытырыыстартан саҕалаан, устудьуоннарга тиийэ кэлэллэр. Эһэлэрэ кинилэри окко, булка илдьэ сылдьан, уһуйар.

Поповтар ыал буолбуттара лоп курдук 45 сылын туолла. Онон, быйыл кинилэргэ төгүрүччү бэлиэ дааталаах, эргиччи ситиһиилээх сыл эбит.

Хайдах саҕалаабытай?

“Утумнааһын диэн баар”, — диир Афанасий Николаевич. Кини аҕата Ньукулай олоҥхоһут, эһэтэ, сэрии бэтэрээнэ Охонооһой Боппуок бэйэтэ 6 олоҥхолоох олоҥхоһут, хос эһэтэ Миитэрэй эмиэ олоҥхоһут эбиттэр. Афанасий бииргэ төрөөбүт инитэ – Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлии сылдьыбыт, олоҥхону толорооччу, РФ үтүөлээх артыыһа Петр Баснаев. Онон, дьэ, удьуордааһын, хаан күүһэ диэн кинилэргэ ырылхайдык көстөр.

Афанасий оҕо эрдэҕинэ, учуутала: “Аҕаҕын истэн баран, оҕолоргун кэлэн үөрэт”, — диэбитин ылынан, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону туруора сылдьыбыттаахтар. Ол эрэн, сэбиэскэй кэмҥэ олоҥхо биһирэммэт буолан, улаатан баран, дьарыктамматаҕа.

Култуураҕа үлэлии сылдьан, 2000 сыллаахха ийэ олоҥхоһут Петр Решетников олоҥхотун куолаан толорууга кыттыбыта. Онтон өй ылан, бөлөҕүнэн толорооччулар тоҕо суохтарый, тоҕо ким да дьарыктаабатый диэн, баҕалаах дьону түмэн, дьарыктанар буолбуттара.

2016 сыллаахха Дьааҥыга Олоҥхо Ыһыаҕар кыттан кэлэн баран, “олоҥхону идэтийэн толоруохха сөп эбит ээ” диэн санаа киирбитэ. Бу кэнниттэн Олоҥхо Ыһыахтарын көтүппэккэ кыттан, миэстэлэһэр буолбуттара. Намҥа буолут ыһыахха соҕотоҕун толорууга 1-кы миэстэни ылбыта.

Дьаҥ турбут кэмигэр Амма улууһа ыыппыт тэйиччиттэн күрэһэр кыттан, бастаабыта. Өлүөхүмэҕэ буолбут ыһыахха анал ааты ылбыта. Быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕар – “Кылаан чыпчаал” кыайыылааҕа! Онон, бу курдук дьоҕурун сыыйа сайыннаран, кылаанын сытыылаан, талаанын арыйан, кыайыы көтөллөннөҕө, ситиһии ындыыланнаҕа.

Таатта – олоҥхо иитиэхтэммит дойдута

— Таатта улууһугар сыл аайы олоҥхону толорууга күрэс ыытыллар. Онно 15 нэһилиэк бары кытталлар. Куолаан толоруу маассабай буолан, сыллата 200-тэн тахса кыттааччылаах буолар. Култуура управлениетыгар Майя Егорова диэн фольклору дьаһайар үлэһит тэрийэр, сүрүннүүр. Онон, кэнники кэмҥэ үчүгэй хамсааһын таҕыста диэххэ наада. Ордук Кыйы, Чөркөөх нэһилиэктэрэ көхтөөхтөр, үчүгэй олоҥхоһуттардаахтар.

Биһиги “Дьохсоҕон түмсүүтэ” диэн бөлөхпүтүгэр сүүрбэччэ киһи дьарыктанар, оҕолортон саҕалаан, 80 саастаах эбэлээхпит. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону 14 буолан, куолаан толоробут.

Сыл аайы, күрэс буолуон иннинэ, былыргы үгэһи сөргүтэн, ыалларга, ону тэҥэ, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа тиийэн олоҥхолуубут, оҕолору кыраларыттан олоҥхо эйгэтигэр сыһыарабыт. Кыһыннары үөрэтэн, дьарыктанан, нэһилиэкпитигэр эмиэ туруорабыт.

Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга Петр Захаров бэйэтэ эмиэ олоҥхоһут, Уот Хойостоон хос сиэнэ, Кулаковскайдар сыдьааннара буоллаҕа. Онон сүрдээҕин өйүүр, үүнэр көлүөнэ олоҥхоһуттары иитиигэ-үөрэтиигэ интэриэстээх, бэйэтэ көрүүлэрдээх.

“Оҕолору анаан уһуйар хайаан да наада”

Ыччаты олоҥхоҕо, оһуохайга уһуйаҕын. Аныгы кэмҥэ бу төһө уустугуй?

— Уһуйбут оҕом Лариса Попова илин эҥээр улуустарыгар ыытыллыбыт күрэскэ кылаан кыайыылаах буолбута. Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар Лариса уонна Иван Потапов анал ааты ылан кэллилэр. Бу уһуйааччы быһыытынан мин эмиэ ситиһиим буолар. Сороҕор атын нэһилиэктэртэн кэлэн үөрэнэн, сүбэлэттэрэн бараллар.

Оҕолорбун таларбар эмиэ төрүттэрин көрөбүн. Эһэлэрэ-эбэлэрэ ырыаһыт, оһуохайдьыт, олоҥхоһут буоллахтарына, бу дьоҕурдара хаанынан бэриллэр, онон олус түргэнник арыллаллар, ылыналлар, харса суох туойан, олоҥхолоон бараллар. Сороҕор, олох дьарыктамматах дьон бэйэлэрэ да соһуйааччылар. Ыллыыр оҕолору талан ылабын, бастаан кылыһах таһаарарга, туойарга, сөпкө тыынарга үөрэтэбин.

2019 сыллаахха улууска оҕолорго анаан оһуохайга күрэс тэрийбиппит. Хамсык мэһэйдээбитэ эрээри, өссө да салгыыр былааннаахпыт.

Утум быстыбатын курдук, хас нэһилиэк ахсын болҕомто ууран, уһуйааччыны булан, үп-харчы көрөн, оҕолору хайаан да анаан үөрэтиэххэ наада. Кэлин норуоппут духуобунай, култуурунай баайын кинилэр илдьэ хаалыахтара турдаҕа…

Олоҥхо – бэйэтэ тыйаатыр

Уутугар-хаарыгар киирэн олорон, олоҥхоһут хайдах туруктанарый? Тугу саныырый, иэйэрий?

— Урут, саҥа саҕалыыр эрдэххэ, суруллубуту өйгөр хатаан үөрэтэн баран, ону эрэ ааҕа олорор курдук буолаҕын. Умнан кэбистэххэ, ону өйдүү сатаан, тылгыттан матан, харгыстары көрсөҕүн. Оттон элбэх олоҥхону биллэххэ, дьаныһан дьарыктаннахха, бэйэтэ ис-искиттэн тахсан бара турар эбит. Этэргэ дылы, эн айаххын эрэ атан биэрэҕин. Уобараска да киирии чэпчиир, ытатан-соҥотон, күүркэтэн биэрэҕин, бэйэтэ тахсан иһэр. Саҥа олоҥхолору үөрэтэриҥ эмиэ чэпчиир.

Мин кэргэним – бастакы кириитигим. Кини аан бастаан истэр, бэйэтэ сыһыаннаах буолан, кытаанахтык дьүүллүүр, сыыһалары-алҕастары ыйар. Киниэхэ бастаан эксээмэн туттарар курдукпун. Ыарырҕаттахпына, инибэр Бүөтүргэ эрийэн, сүбэлэттэрэбин.

Дьиҥэ, олоҥхоҕо уһуйуллуу, уһуйуу уустук. Биир күдьүс тойук эрэ буолбатах, тус-туспа уобарастарга киирэн, ол персонаж майгытын, иэйиитин тиэрдэр курдук, куоласкын, дэгэтин уларытан, туойуохтааххын. Холобур, абааһы оруолуттан соһуччу Туйаарыма Куо буола түһэҕин. “Ньургун Боотур” олоҥхоҕо 1 чаас иһигэр 14 оруолу уларытаҕын. Уустуга манна сытар дии саныыбын. Ол эрээри, олоҥхо олус интэриэһинэй, умсугутуулаах. Олоҥхо сүмэтэ, мүөтэ – бу толорооччу уобараска киириитигэр буолар. Олоҥхо диэн бэйэтэ туспа тыйаатыр кэриэтэ буоллаҕа.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0