Сэрии саҕана Саха сирин бары нэһилиэктиэриттэн фроҥҥа көмө ыытаарылар, дьонтон үп-харчы, ичигэс таҥас, алтан иһиттэри хомуйаллара. Манна кэпсэнэр суруйуу ол саҕанааҕы түбэлтэ.
Биир дэриэбинэттэн үлэни кыайар эр дьону барытын сэриигэ ыҥыртаабыттара. Арай доруобуйаларынан мөлтөх, кырдьаҕас, инбэлиит дьон уонна сэлликтээх аҕыйах уолаттар эрэ хаалбыттар. Биллэн турар, холкуос бэрэссэдээтэлинэн оҕонньору туруорбуттара уонна киниэхэ сорук-боллур, сүүрэр-көтөр киһинэн ыарыһах уолун анаабыттара. Хомуйбут таҥастарын, харчыларын ый аайы оройуонтан боломуочунай кэлэн, илдьэ барара уонна саҥа былаан хаалларара.
Ол курдук, үлэлии-хамсыы сырыттахтарына биир ыйга тиийэн, былааннарын кыайан толорбот турукка киирбиттэр. Дьэ, бэрэссэдээтэл уолунаан хайдах буолабыт диэн санааҕа түспүттэр. Кинилэргэ кырдьаҕастар сүбэ-ама буола сатаабыттар. Мантан тэйиччи турар алааска эдэр удаҕан кыыс көмүллэ сытарын кэпсээбиттэр. Кыыһы көмөллөрүгэр, бадаҕа, көмүһү, харчыны уурбут буолуохтаахтар. Ону баран көрдөһөн, ааттаһан ылан кэлиҥ диэн буолбут. Үтүө санаалаах кыыс этэ. Онон, баҕар, кыһалҕаны өйдүө, көмөлөһүө диэн сүбэлээбиттэр.
Маҥнай утаа саараабыттар. Ол эрээри, кыһалҕа тирээн кэлбитэ бэрдиттэн, аҕыйах хонукка аһыыр өйүө ылынан, атынан ол алааска айаннаабыттар. Түүннэри-күннэри айаннаан, дьэ, тиийиэхтээх алаастарыгар кэлбиттэрэ, күөл хоту өртүгэр икки улахан ампаар дьиэлэр тураллара. Хаҥас ампаарыгар көтөн түспүттэрэ, айан киһитэ хонон-өрөөн ааһарыгар остуол, орон, көмүлүөк оһох, иһит-хомуос бааллара. Дьэ туран, көмүлүөгү оттон, астарын тобоҕун аһаан, сэниэ киллэринэн баран, аны биир ампаарга тахсыбыттар. Онно киирэн кэлбиттэрэ дьиэ ортотугар хаппахтаах оҥкучах баар. Ону аһа баттаабыттара, кирилиэс көстүбүт. Кирилиэһинэн аллараа түспүттэрэ өссө икки хаппахтаах буолан биэрбит. Олору арыйбыттара тымныы баҕайы хоско баар буола түспүттэр. Онно икки остуол турар эбит. Бииригэр эдэркээн баҕайы кыыс оҕо утуйа сытар курдук туттан сытар үһү. Кини уһун суһуоҕа субуллан сиргэ тиийэр эбит. Хаҥас остуолга кыһыл, үрүҥ көмүстэр, кумааҕы харчылар кыстанан сыталлар.
Оҕонньордоох уол өр соҕус дөйөн туран баран, тоҥмуттарын өйдөөн, туох наадаҕа кэлбиттэрин быста-ойдо саҥараат, харчы үрдүгэр түһэн уктаат, бырастыылаһан бу алаастан тэскилээбиттэр. Дьиэлэригэр тиийиэхтэригэр диэри туох да мэһэйдээбэтэх. Тиийэн нус-хас буолан уол кинигэ ааҕа олордоҕуна, эмискэ холорук түспүт уонна ааны ким эрэ сүр күүскэ аспытыныы тиэрэ баран түспүүгэр уол өйдөөн көрбүтэ, били, удаҕан кыыс киирэн турар эбит. «Харчыбын сарсыҥҥы күнү аһарбакка илдьиҥ. Илдьибэтэххитинэ куһаҕан буолуо», — диэт, тахсан барбыт. Уол аҕатыгар тиийэн эппит уонна харчыны илдьэн уурарга сүбэлэспиттэр. Сарсыныгар бараннар харчыны төттөрү уурбуттар уонна бырасты гынарыгар көрдөспүттэр.
Алааска кэлбиттэригэр боломуочунайдара кэлэн олороро үһү. Онуоха бэрэссэдээтэл этэр: «Дьэ, бэйэҥ өйдөө, ыарахан кэм буолла, былааны толорботубут. Мэ, бу баар биһиги бүтэһик харчыбыт». Боломуочунай ылан аахпыта, кини биэрбит былааныгар сөп түбэһэр харчы баар буолан тахсыбыт. Ол иһин: «Хайа, бу эн миигин күлүү дуу, элэк дуу оҥостон сымыйалыы олороҕун быһыылаах», — диэн боломуочунай кыыһырбыта буолбут. Дьон бары соһуйбуттуу бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбиспиттэр. Бэрэссэдээтэл, итэҕэйиминэ, эмиэ ылан аахпыта, кырдьык, боломуочунай аахпыт харчыта толору баар буолан тахсыбыт. Онно оҕонньор сөхпүт даҕаны, иһигэр махтаммыт даҕаны. Удаҕан кыыс көмөлөстөҕө диэн буолбут.
Бу кэнниттэн оҕонньор уолун көрдөҕүнэ, уола күн тура-тура дьүдэйэн иһэр курдук эбит. Аны туран, сүтэн хаалар идэлэммит. Ардыгар, хас эмэ хонон баран кэлитэлиир буолбут. Улахан санааҕа ылларан сылдьар курдук үһү.
Оннук биир күн дьиэтиттэн хомунан тахсан барбыт уонна эргиллибэтэх. Көрдөөбүттэр да булбатахтар. Ол сылдьан, оҕонньор удаҕаны саныы биэрэр уонна онно барбыттар. Тиийэн көрбүттэрэ, уоллара кыыс аттыгар тоҥон баран өлө сытар эбит.
Бу үһүйээн чахчытын-сымыйатын билбэппин эрээри, дьиҥнээх олоххо буола сылдьыбыта диэн сэһэргээбиттэрин истэн суруйдум.
А.Николаева.
«Эдэр саас» хаһыаттан, 1994 с.