Удаҕан Даайыс

Ааптар: 
11.04.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

1992 сыл, ахсынньы. Дьокуускайга балыыһаҕа сытабын. Палаатабар иккиэбит. Бороҕонтон сылдьар Петр Н. диэн сэттэ уонун ааспыт киһини кытта сытабын. Мин бу балыыһаҕа үс ый эмтэммитим тухары хас да киһини кытта сыттым, ол эрэн, кини эрэ миэхэ үчүгэй өйдөбүлү хаалларда.

Мин 11 сааспыттан балыы­һаҕа сыппатах сылым диэн суох. Манна быраастары, сиэстэрэлэри, санитаркалары эдьиийдэрбэр холуубун. Акулина диэн санитарканы уонна Рита диэн сиэстэрэ кыргыттары испэр киллэрэбин. Кинилэр эрэ миэхэ истиҥ сыһыаннаах курдуктар.

КЭЛИН КУТТАММАТ ДА БУОЛБУТУМ

Оҕо эрдэхпиттэн иччи, сибиэн, абааһы диэни истэн улааппытым да, бу диэн баардыылаабат этим. Арай кэлиҥҥи сылларга харахпар арааһы көрөр буоллум. Түннүккэ ый сырдыгар киһи күлүгэ аттыбар турар буолар. Онтон соһуйан куттанан олоро биэрдим да, күлүк муннукка суураллан сүтэн хаалара. Кэлин куттаммат да буолбутум.

Күннэр-дьыллар хонуктар ааһаллар. Анаалыс, укуол, систиэмэ быыһыгар реанимацияҕа киирэбин. Испэр балыыһаттан үтүөрэн эрэ тахсарбын саныыбын, ону араас мөкү да, үтүө да санаалар тиһигин быспакка өйбүн ытыйаллар.

Биир күн аллараа этээс­кэ түһэн киоскаттан хаһыат, кинигэ ылаары, өр уочаракка туран сыыстаран үрдэрдим быһыылаах. Эмиэ ыарыым бэргээн киэһэнэн реанимацияҕа киллэрэн эрэллэрин өйдөөн хааллым.

ЫҺЫАХ ДИИ САНААБЫТЫМ…

Түүл эбитэ дуу, хайдах эбитэ дуу. Санаабар, дойдубар ыһыахха сылдьабын. Биир түһүлгэҕэ чугаһыыбын, онтон мөккүөр, айдаан иһиллэр. “Бу киһини ылабыт, бу киһини ылбаппыт”, – дэһэллэр. Аны: “Эдэрэ бэрт, кэлин ылыахпыт. Бу кырдьаҕас кэмэ кэлбит, ылабыт”, – диэн саҥа иһиллэр. Ол турдахпына миигин дьон быыһынан үтэн-анньан киллэрэн иһэллэр курдук этэ да, өйдөнөн кэллим.

Эмиэ эмп сыттаах билэр хоспор сытар эбиппин. Төбөм ыарыыта ама курдук. Мин утатаммын айаҕым кууран тулуйбатым. Истиэнэттэн тутуһан туран коридорга таҕыстым, аһыыр хоско киирдим. Биэдэрэни арыйан хомуоһунан уу бастан иҥсэлээхтик киллиргэттим. Арай ас түҥэтэр хос иһиттэн ааппын ыҥырар саҥаны иһиттим. Эргиллэ түспүтүм: уһун халааттаах эдэр кыыс турар эбит. Хос уота суох буолан сирэйэ үчүгэйдик көстүбэт.

– Эйигин дойдугуттан дьонуҥ ыйыталлар, туруга хайдаҕый дииллэр, – диэн кыыс нарын куолаһа иһилиннэ.
– Үтүөрэн эрэбин, – диэтим.
– Сөп, тиэрдиэҕим, – диэн эргиллэн аан кэннигэр барда.

Ким буоллаҕай диэммин хоско киирдим, арай киһи баара көстүбэт, аан кэннин көрдүм – ким да суох.

Мин этим сааһа арылларга дылы буолан, коридорга хайдах тахсыбыппын да билбэтим. Эмискэ бырааһым сүүрэн кэлэн нууччалыы мөҕөн этэн баран хоннохпуттан тутан, “Реанимация” диэн суруктаах ааны арыйан ороммор сытыарда. Сотору эмиэ били ыарыым тииһигэ киирэн киһи тулуйбат туругар киирдим…

ҮС КҮН ӨЙӨ СУОХ

Эмиэ аматыйан палаатаҕа киллэрдилэр. Киэһэ Рита аттыбар олорон: “Үс күн өйө суох сыппытыҥ, ол сытаҥҥын киһи куттаныах саҥатын саҥараҕын, өлбүт дьону кытта кэпсэтэр курдуккун”, – диэтэ. Мин онтон соһуйбатым.

Сарсыарда обход буолла. Быраастар аттыбар тураллар, көрөллөр-истэллэр. “Уол аматыйбыт, аҕатыгар этиэх­пит, дойдутугар илдьэ бардын. Оройуонун балыыһатыгар эмтэннин. Саҥа дьыл кэннэ быһаарыахпыт”, – диэн кэпсэ­тэллэр. Тахсан бардылар.

Ахсынньы 31 күнэ үүннэ. Ыарыһахтар үгүстэрэ дьиэлэригэр тахсыбыттар. Мин курдук ыараханнык ыалдьааччылар эрэ хаалбыттар. Бүгүн аҕам барахсан бэрэски, халбаһы, салаат, туорт куһуога аҕалла.

УРАТЫ БИЛСИҺИИ

Нөҥүө күн быдан чэпчээн турдум, мэйиим эргийбэт. Аа-дьуо тураммын уһун коридор устун хаама бардым. Кирилиэс үктэллэрин устун үөһэ этээскэ таҕыстым. Атын отделениеҕа киирэн уп-уһун коридор устун хааман иһэн түннүк холуодатыгар киһи олорорун көрдүм. Хараҕым мөлтөх буолан, лаппа чугаһаан баран, эдэр кыыс тобугар илии­тин ууран умса туттан олорорун көрдүм. Төттөрү эргиллэн төннөн эрдэхпинэ: “Уолчаан, тохтуу түс, кэпсэтиэххэ”, – диэн кыыс куолаһа иһилиннэ. Мин саараабыттыы тура түһэн баран төннөн кэллим. Били түүн аһыыр хоско көстүбүт кыыс олорор эбит, наһаа соһуйдум.

– Чэ, билсэн кэбиһиэххэ, мин аатым Дария, сахалыыта Даайыс диэммин. Эн биһи уонна көрсүөхпүт суоҕа да буоллар, кэпсэтэн хаалыахха, – диэтэ. Онтон мин ааппын эттим уонна ханнык отделенияҕа сытарбын кэпсээн эрдэхпинэ, кини эмискэ: “Чэ, сөп, уонна кэпсээмэ, мин барытын билэбин”, – диэтэ.
– Миигиттэн толлума, куттаныма. Мин көннөрү киһит­тэн уратытык айыллан төрөөн элбэх эрэйи көрбүтүм, оннук да олоробун. Онон миигин балыыһаттан балыыһаҕа көһөрөн иһэллэр, тугум да ыалдьарын быһаарбаттар. Саатар тулаайах буоламмын, чугас өйүүр киһим суоҕа наһаа санаа­бын баттыыр. Бу балыыһаҕа эйигин эрэ кытта кэпсэтиэх уонна көмөлөһүөх санаам кэллэ. Били түүн аһыыр хоско мин этим. Ол түүн төрөөбүт сиргиттэн кэлэн өбүгэлэриҥ туруккун ыйыттарбыттара, эппиккин барытын кинилэргэ эппитим, аны кэлбэттэр, суолларын саптым.

Эн удаҕан уонна ойуун диэни элбэҕи ааҕар киһи билэҕин. Миигин оннук ыйаах­таан киһи буолан төрө­төн-үөскэтэн сордоох-эрэйдээх олоҕу олоробун. Оттон мин оннук олоҕу адьас баҕарбаппын, мин киһи курдук олох олоруохпун баҕарабын. Ол иһин эппин-сииммин кэрбээн сиэн бүтэрэн эрэллэр, дууһабын эрэ ыйысталлара хаалла, – диэн баран ууламмыт хараҕынан миигин көрдө.

– Кистээн кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөбүн, эмтиибин, ол барыта кистэлэҥ буолар. Ол эрэн, айбыт айыыларым өссө күүстээх хомуһуммун киллэттэрэн, бар дьоҥҥо бааргын биллэр дииллэр. Чэ, ол туһа туспа, ону эйиэхэ кэп­сээбэппин. Билигин мин ­эйиэхэ көмөлөһүөм, эккэр-­сииҥҥэр сөрүөстүбүт ыарыы абааһытын киэр кыйдыам. Кэл, иннибэр тур, билигин мин ытыспын сүүскэр тутуом, эн утуйан ылыаҥ, эн биһигини бу коридорга билигин ким да көрбөт, онон куттаныма, – диэтэ.
Мин кини иннигэр чуга­һаан биэрдим. Кыыһым хараҕын харата дьиктитик улааппытын көрдүм, ытыһын сүүспэр уурбута ип-итиинэн суоһаан эрэрэ баара да, ханна барбыппын билбэккэ хааллым. Арай ыраах эр киһи кутурар саҥата, барабааны охсон ньиргийэр тыас баар курдук. Онтон улам чугаһаан төбөм иһигэр ньиргийэн баран эмиэ сыыйа ыраатан сүтэн хаалла.

ЫАРЫЫТТАН БОСХОЛОНУУ

Эмискэ уһуктан кэллим, иннибэр Даайыс турар уонна: “Эйигин буулаабыт ыарыыны таһаардым, эргиллибэт сиригэр атаардым. Эн ыарыыҥ суола өбүгэлэргиттэн кэлбит кырыыс эбит. Саҥа төрүүргэр кииҥҥэр эриллэн тыыммат буол­бут кэмҥэр ол кырыыс ­ытаан-соҥоон кэлэн эйиэ­хэ хатаммыт. Ол иһин дьулайыҥ түөрт сааскар сабыллыбыт. Ол эрэн, үөһээҥҥилэр эйигин ситэри эмтэппэтилэр, арай атын ыраас эйгэлээх дьиэҕэ эмтээбитим буоллар баҕар… Кэлин ыарыыҥ эмиэ хаста да киирэ сылдьыа, ол эрэн, быдан чэпчэкитик аһардыаҥ, наһаа күүстээх эминэн эмтэнэн этиҥ-сииниҥ мөлтөөбүт, эмтээх отунан эмтэнэриҥ буоллар, аматыйыаҥ этэ.

Айылҕаҕа үтүөнү кэрэни баҕара сырыт, ол алгыһыҥ хас эмэ төгүл күүһүрэн сир дойду туруктаах буоларыгар көмө буолуо. Эйигин өбүгэлэриҥ харыстыыр эбиттэр, инники олоххор дурда-хахха буо­луохтара.

Миигин уонна көрсө, көр­дүү сатаайаҕын. Куораттан бараргар көтөр буолан көстөн ааһыаҕым. Чэ, кэлбит сиргинэн төнүн, кэннигин хайыһыма”, – диэтэ.

Палаатабар кэлэн ону-маны саныы олордохпуна, аҕам киирэн кэллэ.

– Бырааскын көрүстүм, сарсын выписка биэриэхпит, кэлэн ылаарыҥ диэтэ. Онон сарсын кэлиэм, – диэтэ.
Сарсыныгар туманнаах куорат уулуссатын устун массыынанан айаннаан истэхпитинэ хара суор массыына иннинэн, ойоҕоһунан тэлэмээт­тэнэ дайан сапсынан ааста. Мин, кини быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым.

P.S. Онтон ыла отут сыл ааста. Бу ааспыт сыллар олоҕум элбэх түһүүлээх-тахсыылаах буоланнар биллибэккэ аастылар. Даайыс диэн удаҕан кыыс эппитин барытын толоробун, бу олоҕум тосхоло буолла.

ТУСКУН.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0