Удачнайга шахта суулунна

Бөлөххө киир:

Сэтинньи 25 күнүгэр 11 ч 55 мүн. «АЛРОСА» АК «Удачнайдааҕы» сир аннынааҕы руднигар хайа маассата сууллан алдьархай таҕыста. «Суһал көмөнү» оҥорбут Э.Б. Матхалова этэринэн, 12 ч 50 мүн. хайа маассата сууллуутуттан фотограф Александр Довбня уонна «АЛРОСА» АК (ПАО) вице-президенэ Елена Гангало эт-хаан эчэйиитин ылан, Удачнай куорат балыыһатыгар киирбиттэр. Саахал тахсар кэмигэр «Удачнайдааҕы» рудникка 209 киһи үлэлии сылдьыбыт.

«В Якутии.ру» сайт иһитиннэрэринэн, хайа маассата түһүүтүгэр «АЛРОСА» АК президенэ Андрей Жарков уонна «АЛРОСА» АК вице-президенэ Игорь Соболев бааллара сабаҕаланар. Хампаанньа салалтата шахтаҕа үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлии сырыттахтарына, ити саахал тахсыбыт.

Билигин «АЛРОСА» АК ити быһылааҥҥа анал официальнай иһитиннэриини бэлэмниир.

Александр ТАРАСОВ.


+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0