УДАҔАН (Салгыыта. Иннин алтынньы 12 күнүгэр көр)

Ааптар: 
10.11.2018
Бөлөххө киир:

Дьэримиэйэптэр кыыстара Кээтии эрдэ кэпсэниллибитин  курдук, кэнники Айтыына Удаҕан диэн ааттаммыта. Дьүөгэлэрэ син биир Кээтии диэн ыҥыраллара. Оҕо сылдьан сасыһа оонньоотохторуна, Кээтиини көрдөөн булбаттара. «Ээ, мин көрдөөбөппүн, Кээтии син биир булларбат, окко иннэни көрдүүр кэриэтэ”, — Ньукуу уол буугунаан кэбиһээччи.

Сасыһа оонньоон, бары көстүбүттэрин кэннэ, көрдөөччү оҕоҕо аны бэйэлэрэ көрдөһөөччүлэр. Кэмниэ кэнэҕэс Кээтии күлэн сыһыгыратан, тииһэ кэчигирээн, мастан түһэн кэлээччи. Хаста да көрдөөбүт мастарыгар кыыс хаһан икки ардыгар тахсыбытын сөҕөөччүлэр да, атын оонньууга аралдьыйан ыйыппакка хаалааччылар.

“Ол эргэ дьиэҕэ сасыһа оонньуохха, Кээтии да буоллар ханна саспыт үһүө”, — оҕолор сүбэлэһэн баран, кыыһы эргэ иччитэх балаҕаҥҥа саспытын кэннэ, бары көрдүүргэ быһаарыммыттара. Кээтии хоттордоҕуна эбэтэр көрдөөн буллахтарына оҕолорго остуоруйа кэпсиэхтээх, ону таһынан кыргыттарга хокуукка оонньотон көрдөрүөхтээх. Оттон уолаттарга оҕус оонньуурдары харсыһыннарыахтаах. Оҕолор ону олус сөбүлүүллэр. Кыыс да ону сатаан оонньотор.

Оонньуурдар дьиҥнээхтик хамсаан бараллар, Кээтии саҥарбыта кини буолбакка, кимнээх эрэ саҥаралларын курдук иһиллэрэ. Оттон Кээтии кыайдаҕына оҕолор кинини кытта ынахтарын көрдөһөллөр. Ону да оҕолор сөбүлэһэн баҕаларын хоту, үөрүүнэн барсаллар. Кыыс оннук үчүгэй угаайылаах. Үөһэ дьирибинии, дьырыбыныы турар күөрэгэйи илиитигэр ылан ыллатар. Кини үрдүгэр лыахтар тэлээрэ көтөллөрө үчүгэйин эриэхсит! Бары үтүө барыта кинини тулалыыр курдук.

Оҕолор эппиттэригэр Кээтии сөбүлэспитэ, маҥан былааччыйата тэлээрэн, балаҕаҥҥа сүүрэн киирбитэ. Оҕолор көрдүү сатаан баран: “Кээтии, ханнаҕыный? Таҕыс бэринэбит!» — диэн үөгүлэспиттэригэр, кыыстара күлбүтүнэн балаҕан үрдүттэн түспүтэ. Түһэригэр лыах курдук тэлээрэн түһэр курдук гыммыта. Оҕолор итэҕэйбэккэ харахтарын сотто-сотто көрбүттэрэ. Хаһан, хайдах үөһэ тахсыбытын ыйыта сатаабыттарын эппэтэҕэ.

Сыллар-хонуктар оннук элэстэнэн ааһан испиттэрэ. Кээтии билигин сүүрбэ саастаах. Номоҕон дьүһүннээх, уһун хойуу суһуохтаах. Кэрэ сэбэрэ бастыҥа, нарын таһаалаах мааныта. Уолаттар уора-көстө кыҥастаһар бэйэлэрэ эмиэ да удаҕан кыыстан толлоллоро. Кыыран бардаҕына Илиэһэй кыыһа илэ түспүтүнүү көрүҥнэнэр. Атын күҥҥэ киһи омнуолуу санаабат, кыыс оҕо киэбин кэтэр. Кээтии бэйэтэ Ньукуу уолу сөбүлүү көрөр. Уол уу ньулдьаҕай бэйэтэ улаатан төлөһүйбүт. Мээнэ саҥаран-иҥэрэн чабыламмат буолбут, оттомурбут. Тоҕо эрэ уруккутун курдук Кээтиигэ чугаһаабат, оонньоһо сатаабат курдук буолбут. Кыыс эмиэ да маннык айылгылаах буолбутуттан, кэмсинэ саныыр.

Кээтии хантан булбута, ким бэлэхтээбитэ биллибэт көмүс кылдьыылаах, синньигэс тутаахтаах төгүрүк  сиэркилэлээх . Ону кыргыттар уларса сылдьан көрүнэллэр. Биирдэ Саргы кыыс алҕас мүччү тутан үлтү түһэрбитэ. Сиэркилэ ортотунан хайа барбыта. Бары Кээтии диэки куттаммыттыы көрбүттэрэ.

«Сиэркилэ алдьанара үтүөҕэ буолбатах», — Кээтии кимиэхэ туһаайбыта биллибэттик эппитэ. Кыргыттар бары тарҕаспыттарын кэннэ, Саргы Кээтиини үүйэ-хаайа тутан, кинини туох күүтэрин этэригэр көрдөспүтэ. «Билбэтиҥ ордук буолуо, кэлин этиэҕим», — диэбитин кыыс истибэтэҕэ. Хаайара бэрдин иһин Кээтии эппитэ. Саргы таптыыр уола сотору остуос быһыллан турар кыыһы кэргэн ылыахтаах эбит. Ол аата кыыстаах уолу баай дьоннор кыра саастарыгар, ыал оҥорон холбооттуур туоһута остуос быспыттар.

Саргы истибэтэҕин истэн, хараҕа кэҥии түспүтэ. Иэдэһинэн хараҕын уута мөлбөрүйэн сүүрбүтэ. Алдьаммыт сиэркилэни оргууй ылан көрбүтэ. Төгүрүк сиэркилэ ортотунан хайдан, икки гына көрдөрөр курдук буолбут. Кыыс хараҕын уута сиэркилэҕэ таммалаабыта. Сиэркилэ алдьаммыт аҥаарыгар таптыыр уола санньыйбыт мөрсүөнэ көстөргө дылы гыммыта. Саргы сиэркилэни Кээтиигэ биэрэ охсубута.

—Кээтии, бука диэн этиэҥ дуо, Батас кими таптыырый?

—Кини эйигин таптыыр, ол эрээри, эн аналыҥ буолбатах, — Кээтии дьүөгэтин аһыннар даҕаны этэригэр тиийбитэ.

Саргы ойон тураат, үүнэн турар талахтар диэки сүүрэ турбута. Хатыҥ анныгар олорон уйа-хайа суох ытаабыта — Батас миигин таптыыр эбит уонна иккиэн бииргэ буолар кыахпыт суох. Саргы талахтарга түһэн чыбыгыраһар, көҥүл чыычаахтарга ымсыыра санаата.

Кинилэр курдук көҥүл буолбут киһи ньии. Ким кимиэхэ көтөн тиийэрэ көҥүл. Батас билигин билбэт кыыһын кэргэн ылыа турдаҕа. Хаһан эрэ кыра сырыттаҕына, үлэспиттэр диэни истэн аһарбыттааҕа. Ону улахаҥҥа уурбат этэ. Билигин кэмэ кэллэҕэ. Кээтии — Айтыына Удаҕан эппитэ сымыйа буолуон баҕарда. Суох. Кини эппитэ энчирээбэккэ туолан иһэр. Онуоха сэрэйиэн быатыгар, Батас санаата алдьаммыттыы тутта сылдьар этэ. Тугу эрэ этиэн баҕарар быһыылааҕа.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

edersaas.ru саайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0