Учууталлар төлөпүөнүнэн сибээстэһэллэригэр анал тарыып баар буолуон сөп. Маннык этиини Госдуума үөрэҕириигэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Яна Лантратова киллэрдэ. Кини үөрэҕирии миниистирэ Сергей Кравцовка анал суругу суруйда диэн «Учительская газета» иһитиннэрэр.
Тарыыпка ый аайы 35 Гб интэриниэт, 500 СМС, 500 мүнүүтэ кэпсэтии босхо буолуохтаах. Мантан таһынан таһаардаҕына, төлөбүрдээх. Бу маннык анал тарыыбынан үстэн элбэх сыл ыстаастаах учууталлар туһаныахтарын сөп.
Дьокутаат этэринэн, учууталлар ый аайы оҕолору, төрөппүттэри кытта кэпсэтэллэригэр элбэх мүнүүтэни, улахан кээмэйдээх интэриниэти туһаналлар, маны барытын бэйэлэрэ төлүүллэр: 1000 солкуобайга диэри ороскуотураллар.
Маннык саҥа тарыыбы ханнык баҕарар мобильнай сибээс оператора холбуохтаах, учуутал туох да уустугу көрсүө суохтаах.
«Үлэ хаамыыта да түргэтиэ, учуутал оҕолордуун, төрөппүттэрдиин алтыһыыта бөҕөргүө, түргэн информацияны ылар кыах үөскүө диэн», — диэн дьокутаат суругар этиллэр.