Саха сирин учууталлара федеральнай бириэмийэни ылыахтара

Ааптар: 
10.09.2020
Бөлөххө киир:

Педагогикаҕа ситиһиилэрин иһин бириэмийэни анааһыҥҥа РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ куонкурус түмүгүн таһаарда. Дойду бастыҥ учууталларын кэккэтигэр Саха сирин 10 учуутала киирдэ. Бу Дьокуускай куорат, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Уус Алдан уонна Хаҥалас улууһун учууталлара буолаллар.

Ити туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Андрей Тарасенко Твиттерга суруйар. Алтынньы 5 күнүгэр диэри испииһэккэ киирбит учууталлар 200 тыһыынча солкуобай суумалаах бириэмийэни тутуохтара.

Бириэмийэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан бигэргэммитэ. Куонкурска кыттааччылары көрдөөһүн бары эрэгийиэннэргэ былырыыҥҥыттан ыытыллар. Манна алын кылаас, орто, улахан сүһүөх оскуолаларга 3 сылтан итэҕэһэ суох педагогическай ыстаастаах учууталлар кытталлар.

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, учууталлар үөрэтэр биридимиэттэригэр бэйэлэрэ оҥорбут, үтүө сыанабыллаах, түмүктээх анал ньымалаах, үөрэнээччилэрэ тустаах биридимиэккэ, уруогу таһынан дьарыкка үрдүк көрдөрүүлээх  буолуохтаахтар. Учуутал үөрэх араас технологиятын, ол иһигэр дистанционнай технологиялары көдьүүстээхтээхтик туттары сатыахтаах. Ону таһынан, айдарыылаах оҕолору кытта, социальнай өттүнэн табыллыбатах эбэтэр олох уустук балаһыанньатыгар түбэспит дьиэ кэргэн оҕолорун кытта үлэҕэ усулуобуйаны олохтуохтаах.

Кыттааччылары барыларын үөрэх управлениеларын уонна идэлээх түмсүүлэр уорганнарын кэллиэгийэлэрин түмсүүлэрэ түһэрбиттэр. Үөрэх эйгэтин судаарыстыбаннай уорганнарыттан, уопсастыбаннай тэрилтэлэртэн, төрөппүттэртэн турар экспиэртэр сыаналаабыттар.

Сүүмэрдиир куонкурус икки түһүмэҕинэн барбыт: улуустааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи. Улуус таһымнаах куонкуруска өрөспүүбүлүкэ 83 оскуолатыттан 97 учуутал кыттыбытыттан, өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ 55 учуутал ааспыт. Кыайыылаахтар испииһэктэрин РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ бигэргэппит.

СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0