Учууталга махтал

02.12.2020
Бөлөххө киир:

Быйылгы 2020-2021 үөрэх дьыла СӨ олимпийскай эрэсиэрбэтэ Чурапчытааҕы  Д.П. Коркин аатынан спортивнай интэринээт-оскуолаҕа – көҥүл тустууга саха чулуу уолаттара Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов курдук олимпиецтары бэлэмнээн, дойдубутун аатырдыбыта 45 сыла, спортивнай үөрэх кыһата тэриллибитэ 55 сыла туоларынан, улахан уратылааҕын туһунан ааҕааччыларбытыгар иһитиннэрбиппит.

Талааннаах тириэньэр Дмитрий Коркин төрүттээбит оскуолатыгар үлэлээбит, Интэринээт томторугар олорбут, олорор дьон туһунан кэпсээммитигэр бүгүн өссө биир страницаны ары­йарбыт то­­ҕоостоох буолла. Тоҕо диэтэххэ, кинилэртэн биирдэстэрэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕи­риитин туйгуна, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, «Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы интэринээт-­оскуола сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” бэлиэлээх учуутал Ирина Степановна ШАДРИНА соторутааҕыта 85 сааһын туолла.

Сэтинньи 15 күнүгэр үөрэнээччилэрэ ытыктыыр учууталларын үбүлүөйдээх төрөөбүт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтилэр, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттардылар, үтүө тыллары эттилэр. Учуутал киһиэхэ, үөрэнээччитин билиниититтэн, ис сүрэхтэн тахсар махталыттан үөрэриттэн ордук күндү уонна туох баар буолуон сөбүй?!

Шадриннар интэринээт-оскуола олоҕор улахан оруоллаах дьоннор. Ирина Степановна оҕолору географияҕа үөрэппитэ. Оттон Алексей Спиридонович 1963-1967 уонна 1971-1977 сылларга дириэктэринэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Кини үрдүк таһымнаах, салайар-тэрийэр үлэҕэ баай уопуттаах Чурапчы райисполкомун бэрэссэдээтэлэ Степан Охлопковка   солбуйааччытынан үлэлээбитэ үрдүк тэрээһиннээх салайааччы буоларыгар төһүү буолбута. Оскуолаҕа дириэктэрдиир кэмигэр бастакыттан типовой тутуулары ыыппыта – саҥа оскуоланы, спортсааланы, учууталларга анаан уопсай дьиэлэри, оҕолор олорор куорпустарын, саҥа баанньыгы, прачечнайы, гарааһы, тустуу саалатын, о.д.а. Бу үтүмэн үлэни олоххо киллэрэригэр “Якуттяжстрой” тэрилтэни кытта шефтэһии олохтообута көмөлөөх буолбута.

Үөрэнээччилэрин уонна оройуон салалтатын кытта.

Бу үбүлүөйдээх күннэригэр оскуола завуһа Дарья Яковлева Ирина Степановнаны талааннаах педагог быһыытынан үрдүктүк сыаналыыр. Саҥаһын туһунан Вера Шадрина  үтүө тыллары этэр.   Итиэннэ 1977 сылтан Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи мөлтөхтүк истэр оҕолор оскуолаларыгар бииргэ үлэлээбиттэрин туһунан Розалия Сивцева, Наталья Павлова, Галина Расторгуева эмиэ истиҥник ахталлар.

Кэллиэгэлэрин кытта. 70-с сыллар.

Оттон интэринээт-оскуола 1970 сыллааҕы выпускниктара: “Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуола аар саарга аатырбыт тириэньэрэ Дмитрий Петрович Коркин үлэтин үгэннээн турар кэмигэр, биһиги 9-с кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, 1969 сыллаахха Роман Дмитриев Мар дель платаҕа (Аргентина) 2-с призер буолбута… Биһиги выпустан 10 уолбут ССРС успуордун маастара, 11 киһи ССРС успуордун маастарыгар хандьыдаат этилэр. Киэн туттуубут — Олимпиада чөмпүйүөнэ Павел Пинигин; ССРС оҕолорго икки төгүллээх призера Дмитрий Пахомов; уолаттарга ССРС уонна РСФСР призера Афанасий Захаров; “Азия оҕолоро” Оонньуулары төрүттэспит, оччолорго успуорт миниистирин солбуйааччы Михаил Друзьянов”, — диэн суруйаллар. Кинилэртэн СӨ фармация туйгуна Ольга КОРЯКИНА уонна РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Вера СЕМЕНОВА учууталларын кэпсээнин сурунан ылбыттарын уонна кини туһунан биир үөрэнээччитин санаатын киэҥ ааҕааччыга тиэрдэбит.

Үөрэнээччилэриниин уонна кэллиэгэтэ Е.Я. Барашковалыын.

Олус күндүтүк саныыбын

(И.С. Шадрина ахтыытыттан) 

—Мин Ньурба улууһуттан төрүттээхпин. Бастакы Малдьаҕар нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Ийэм түөрт саастаахпар оҕолоноору өлбүтэ. Онон, тулаайах аҥардаах кыыс, төрдүс кылаастан онуһу бүтэриэхпэр диэри наар интэринээккэ иитиллибитим-үөрэммитим. Дьиҥинэн, төрдүбүн-ууспун соччо кэпсээччим суох эрээри, бу сырыыга кыратык кэпсиим. Ньурба улууһун кулубата Донской Николай Николаевич диэн киһи баара, ол киһи икки уоллааҕа, биир уола Донской Семен Николаевич 1 (Пиэрибэй) диэн, иккиһэ Донской Семен Николаевич 2 (Торуой). Иккиэн сэбиэскэй былаас буолуута, Саха сиригэр миниистиргэ тиийэ үлэлээбиттэрэ. Биирэ – үөрэх миниистирэ Донской Семен Николаевич 2 (Торуой), биирэ “земельнэй” миниистирэ. Кинилэр  ­эдьиийдэрэ — эбээм Донская Ирина Николаевна.  Мин эбээм аатын сүгэбин. Донскойдары 1938 сыллаахха троцкицтар, баай төрүттээхтэр диэн, хаайан баран, иккиэннэрин өлөрбүттэрэ. Бу кэнники эрэ реабилитацияламмыттара… Аҕам Тимофеев Степан Сергеевич холкуос ыарахан үлэтиттэн илистэн, 45 сааһыгар өлбүтэ. Ийэм Мария Николаевна диэн этэ. Куттаннаннар, Донской арааспаанньаны ылбатахтар… Онуһу бүтэрэн баран, 1952 сыллаахха, Ленинградтааҕы А.А.Жданов аатынан университекка географическай факультекка үөрэнэ киирбитим уонна 1957 сыллаахха үчүгэйдик бүтэрэн, Сахам сиригэр кэлбитим. Аналбын көрсөн, 1957 сыллаахха Алексей Спиридонович Шадриҥҥа кэргэн тахсыбытым.

Ирина, Алексей шадриннар уолаттара Степалыын, Алешалыын. Чурапчы с. 1974 с.

Чурапчы спортивнай интэринээт­оскуолатыгар 1964-1977 сылларга үлэлээбитим. Алексей Спиридонович,  Дмитрий Петрович Коркины Чурапчыга Одьулуунтан сатыы сылдьан үлэлиирин билэр буолан, интэринээккэ үлэҕэ ыҥырбыта. Алексейдаах Дмитрий Ленинградка Герцен институтугар иккиэн бииргэ үөрэммиттэрэ, онтон ыла доҕордуулар. Дмитрий Петрович бастаан утаа биһиэхэ олорор кэмигэр, кинилиин элбэхтик оҕолор майгыларын ырытарбыт. Итиэннэ Евдокия Яковлевналыын иккиэ буолан оҕолору кытта кэпсэтэрбит. Араас улуустартан кэлбит, сорохторо уустук соҕус майгылаах уолаттары, майгыларын үөрэтэн, сүбэлээн биэрэрбит. Элбэх оҕону бэттэх аҕалбыппыт дии саныыбын. Оччолорго психолог диэн, биллэн турар, суоҕа. Алексей Спиридонович дириэктэрдиир кэмигэр тустуук оҕолор дойду араас куораттарыгар үгүстүк күрэхтэһиилэргэ  барыталыыллара. Ол кэмҥэ үөрэх миниистиринэн Николай Иванович Шарин этэ, кини биһиги оскуолабытыгар улахан өйөбүл буолбута. Чурапчы спортивнай интэринээт-оскуолатын кэлэктиибэ — бука бары үлэнэн үлүһүйбүт дьон этилэр. Иитээччилэр сарсыарда эрдэ оҕолору  туруора тиийэн баран, киэһээ утуйбуттарын кэннэ биирдэ дьиэлииллэрэ.

Күөх Маайга.

Дмитрий Петрович оскуоланы бүтэрбит оҕолору Дьокуускайга салгыы дьарыктыыра. Сойууска, кыраныысса таһыгар тахсар оҕолор эбии дьарыктаналларыгар куоракка кэллэхтэринэ биһиэхэ сылдьааччылар. Оҕолорум билигин да махтаналлар. Холобур, Коля Яковлев, Симон Бойнов, Проня Ефимов, Люба Дьячковская… Оттон Игнатьев Степа диэн оҕо туббалыыһаҕа эмтэниитигэр, бэйэм кыра оҕолордоох киһи, өйөбүл буолбутум. Бу ыарахан ыарыыттан тыыннаах хаалан, үйэтин тухары махтаммыт оҕо кини баар.

Интэринээт оҕолорун кинигэ ааҕыыны сөбүлүүргэ үөрэппитим. Бэйэм ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Кыргыттары баайарга үөрэппитим. Оҕолору кытта тэҥҥэ кэпсэтэргэ дьулуһарым. Ону кинилэр өйдүүллэр. Илларион Москубаҕа туста бара сылдьан, миэхэ кэһиитин үс өҥнөөх уруучука аҕалбыт этэ, оттон Дмитрий Петрович Японияттан аҕалбыт уруучуката олус диэн үчүгэйдик, синньигэстик суру­йара…  Итинник түгэннэр эмиэ умнуллубаттар эбит. Чурапчытааҕы интэринээт-оскуолаҕа айымньылаахтык үлэлээбит сылларбын олус күндүтүк ахтабын-саныыбын. Кэлэктииппэр махтанабын.  Үөрэппит оҕолорбунан киэн туттабын!

Людмила Дьячковская-Постникова, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин, социальнай харалтатын туйгуна:

—Алексей Спиридонович уонна Ирина Степановна Шадриннар Чурапчы интэринээт-оскуолатын сайдыытыгар улахан оруоллаах, сүдү кылааттарын киллэрбит педагогтар буолаллар. Дириэктэр Алексей Шадрин оскуола спортивнай статуһу ыларын ситиспитэ. Ирина Степановна олус ирдэбиллээх, дириҥ билиилээх, бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах учуутал оҕолор куттарын тутара. Ис киирбэх, улахан уҥуохтаах, ньурбалыы нарыннык, унаарытан саҥарар маанытык таҥныбыт учуутал кылааска киирэн хаартаҕа көрдөрө-көрдөрө араас куораттар, дойдулар, муоралар, өрүстэр тустарынан бэрт интэриэһинэйдик кэпсиирин бары да иһийэн олорон истэрбит. Кини оҕоҕо барытыгар биир тэҥ сыһыаннааҕа, хаһан да куолаһын үрдэтэн, кими эмэ мөхпүтүн өйдөөбөппүн. Биһиги төрөппүттэрбит чугас доҕордуу уонна ыаллыы олорор буоланнар, иллэҥ кэмнэрин бииргэ атаараллара. Сайынын бары бииргэ сир астыырбыт, уолаттар аҕаларын кытта булка, балыкка сылдьаллара. Шадриннар уолаттара Стёпалаах Алёша биһиги бырааттарбытын кытта, икки дьиэнэн бары тэҥҥэ булкуһан улааппыттара.

Түөлбэ иистэнньэҥнэрэ А.М.Абрамова, И.С.Шадрина, А.С.Сазонова, А.Н.Коркина.

Ийэлэрбит баайаллар, оҕуруо анньаллар, онно биһиги тэҥҥэ үөрэнэрбит. Үчүгэй, умнуллубат да кэмнэр этилэр!

Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуола кэлэктиибэ уонна үөрэнээччилэр.

                                                                                                           ХХХ

Ирина Степановна, Алексей Спиридонович Шадриннар туох баар өйдөрүн-санааларын, сатабылларын оскуола сайдыытыгар анаабыттара. Интэринээт-оскуола баарын тухары кинилэр ааттара умнуллуо, киллэрбит кылааттара өлбөөдүйүө суоҕа диэн эрэнэбит.

Сүрүн хаартыскаҕа: РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Ирина Степановна,  РФ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала Алексей Спиридонович Шадриннар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0