Учууталбар махтанабын…

24.06.2021
Бөлөххө киир:

Хайа да кэмҥэ элбэх идэттэн бэйэҕэ ордук барсары, санааҥ иһинэн сытары, ону ааһан, сөбүгэр хамнастааҕы таба тайаныы туһунан сатабылы, табыллыыны эрэйэр. Онуоха эрдэттэн толкуйданыы, анааран-ырытан көрүү, оҕо эрдэхтэн бэлэмнэнии, кыһамньы көмөлөһөр. Ону тэҥэ эдэр киһи идэни таларыгар чугас дьоно, учууталлар, төрөппүттэр сүбэлэрэ быһаарар оруоллааҕа – баар суол. 

edersaas.ru

Федор Терентьевич Сутаков – Мииринэйдээҕи суол тутар управление (МУАД) прораба, кэскиллээх исписэлиис, салайааччы. Бу суол тэрилтэтигэр үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, үлэҕэ киирбит. Ол кэмтэн хайыы үйэ уон сыл ааспыт.

Биллэн турар, аҥаардас баҕа санаа – тутах.  Сүрүнэ, талан ылбыт идэҕэр ситиһиилээхтик туттарсан, куонкуруһу ааһан, баҕа­лаах үөрэххэр сатаан киириэххин наада. Ол аата, букатын оҕо эрдэхтэн, оскуола сылларыттан үөрэххэ дьулуур, дьаныар, сүрэхтээх буолуу ирдэнэр. Бу санаа оруннааҕын бүгүҥҥү биһиги дьоруойбут кэп­­сээнэ да кэрэһилиир.

Күн бүгүн Федор Терентьевич уоппуска ылан, төрөөбүт-үөскээбит сиригэр, Амма улууһугар Бөтүҥҥэ, ­дьиэнэн сынньана сылдьарыгар түбэспиппин.

Амманы үгүстэр тыа хаһаайыстыбатынан, чуолаан сир оҥоһуутунан, бурдугунан дьарыктанар улуус быһыытынан билэбит. Аны, Бөтүҥҥэ чулуу ыанньыксыт, “Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иһин” IV истиэпэннээх уордьаннаах, элбэх оҕолоох ийэ Аграфена Сутакова олорор. Арааһа, аймаххыт да буолуо? Бырамыысыланнас хайысхатын хаһааҥҥыттан талан, суолу оҥорооччу идэтин ыларга быһаарыммыккын кэпсээ эрэ.

Аграфена Егоровна, кырдьык, аймахпыт. Аҕам Терентий Федорович билигин да пиэрмэрдиир. Сүөһү иитиитинэн дьарыктанар. Оҕо эрдэхпититтэн өрүү да дьоммут сүөһүлээх-астаах буо­­лааччылар.  Онон атын да тыа оҕолорун курдук, хотоҥҥо сылдьан, илии-атах буолан көмөлөһө улааттахпыт. Сайын от үлэтигэр сылдьарбыт. Ийэм Татьяна Григорьевна уһун кэмҥэ оҕо саадын  иитээччитинэн үлэлээбитэ. Билигин – сэбиэдиссэй солбуйааччыта.

4-с кылаас кэнниттэн Амма гимназиятыгар киирэн үөрэммитим. Онно идэни талыыга ураты болҕомто уураллара, сүбэлииллэрэ.  Холобур, киин сир үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар тус сыаллаах үөрэххэ киирэргэ эрдэттэн бэлэмнииллэрэ. Идэбин сөпкө таларбар кылааспыт салайааччыта, математик Марфа Константиновна Яковлева сүбэтэ миэхэ олус көмөлөспүтэ диэн анаан бэлиэтиэм этэ. Махталым улахан. “Суол баарын тухары үлэтэ суох хаалыаҥ суоҕа” диэн турардаах.

Гимназияны 2005 сыл­­лаахха бүтэрэн, Каадыр бэлэмигэр департамент нөҥүө Хабаровскай Чуумпу акы­йааннааҕы университетын Уһук Илиннээҕи суол институтугар киирбитим. “Массыына суоллара уонна аэродромнар” диэн идэҕэ. Ол саҕана ХИФУ-га автодорожнай факультет аһылла илигэ. Саха сириттэн аҕыс оҕо буолан киирбиппититтэн 2 кыыс, 4 уол буолан бүтэрбиппит.

Производственнай быраактыка туһалаах

– Кэнэҕэһин үлэлиэхтээх тэрилтэҕин булунаргар, араас кэлэктиипкэ үлэлиир үөрү­йэххэ да производственнай быраактыка туһата сүҥкэн. Холобур, бэйэм 2-с куурус кэнниттэн  дойдубар, “Аммаавтодорга” оробуочайдаабытым. 3-с куурус кэнниттэн Хаандыгаҕа, федеральнай суолга  2 ый быраактыкаламмытым. Дьэ, онтон 4-с куурус кэнниттэн Мииринэйгэ МУАД-ка тиийбиппэр хамнас төлөөн туран, прорабынан үлэҕэ ылбыттара. От, атырдьах ыйдарыгар үлэлээбитим. Кэлэктииби, салалтаны, үлэһит үлэлиир, сынньанар, олорор усулуобуйатыгар кыһамньы баарын сонно тута сөбүлээбитим. Ол кэмҥэ управление салайааччытынан Александр Андреевич Кондратьев саҥа анаммыта. Учаастакпыт на­­чаалынньыга Сунтаар Элгээйититтэн төрүттээх, Альберт Петрович Петров этэ. Кини эрэкэмэндээссийэтинэн үөрэхпин бүтэрээппин кытта эри­йэн, тута прорабынан үлэҕэ ылбыттара.  Олохтоох каадыр элбээһинэ ити кэмтэн сыыйа саҕаланан барбыта  диэххэ сөп.

Усулуобуйа үчүгэйэ да сэҥээрдэр

– Манна кэлэрим саҕана саҥа ыал буолаары сылдьарым. Кэргэним оҕо күүтэрэ. Сонно тута уопсай дьиэ биэрбиттэрэ. Икки сыл буолан баран, бэйэбит ипотеканан кыбартыыра ылбыппыт. Мииринэйи хайабыт да сөбүлээтэ. Олорорго табыгастаах:  балыыһа, маҕаһыын, култуура киинэ субу аттыгар турар. Чөкө уонна ыраас куорат. Оҕобутугар уһуйаан булуутугар ончу эрэйдэммэтэхпит, Дьокуускайга курдук уһун уочарат суох. Үлэбин, үлэм иллээх-эйэлээх кэлэктиибин олус сөбүлүүбүн. Социальнай өттүнэн хааччыллыы – барыта үчүгэй. Кэлэктиибинэн үлэ дуогабарыгар киирбит барыта тутуһуллар. “Профалмаз” диэн идэлээх сойуус бэркэ үлэлиир. Ким баҕалаах путевка анатан, соҕуруу да баран сынньаныан сөп.

Суол хаһаайыстыбатын прораба тугу дьарыктанарын, төһө киһини салайан үлэлэтэрин кылгастык быһааран биэрбэккин ээ? Билигин элбэх абитуриент кулгаах-харах иччитэ буолан сырыттаҕа. Баҕар, ким эмэ суруйууну ааҕан толкуйданыа.

– Прораб – “производитель работ” диэнтэн тахсыбыт тыл. Олох судургутук быһаардахха, начаалыстыба сорудаҕын оробуочайдарга, үлэни толорооччуларга тиэрдэҕин. Ол туолуутун, хаачыстыбатын хонтуруоллуугун. Былаан туоларыгар үлэлэһэҕин. Сайын прораб сала­йыытыгар 50-ча үлэһит баар буолар. Ол иһигэр грейдери, тыраахтары ыытааччылар, самосвал суоппардара, оробуочайдар бааллар.  Сайын, сэрэйиллэрин да курдук, суол өрөмүөнэ, суолу тутуу үлэтэ үксүүр. Кыһын 820 км уһуннаах кыһыҥҥы суолу астарыы, көрүү-харайыы тэриллэр. Төттөрүтүн, үлэ элбиир диэм этэ.

Эһиэхэ үлэҕэ киирэргэ тиэхиньикэҕэ сыстаҕас буолуу, илии үлэтигэр күүс наада буолуо? Үлэлиир тиэхиньикэҕит барыта алмаас таһыытыгар курдук улахан кыамта­лаах, баараҕай массыына буолбатах, сахалар да холкутук үлэлиир буоллахтара? Орто саас төһөнүй? 

– Тиэхиньикэ өттүгэр, чуолаан тыраахтарга, саха аҕыйах. Суоппардар, дьэ, саҥа балай эмэ кэлитэлээн эрэллэр. Биһиги кэлэктиипкэ орто саас билигин 40 эргин буолла быһыылаах. Прорабка ха­­йаан да тиэхиньикэҕэ сыстаҕас буолуу ирдэммэт. Тиэхиньикэлээхтэри салайар, үлэни тэрийэр буоллаҕыҥ (Күлэр).

Федор, туруупкаҕа иһиттэххэ, кырачаан саҥата иһиллэр. Хас оҕолооххутуй? Кэргэниҥ туох идэлээҕий? Бэйэҥ курдук, бырамыысыланнаска сыһыаннаах идэ дуу эбэтэр?

– Кырачаан кыыспыт балтараатыгар сылдьар. Улахаммыт – уол, 2012 сыллаахха төрөөбүтэ.  Кэргэним Ньургуйаана Давидовна ХИФУ-ну бүтэрэн, саха тылын үөрэхтээҕэ. Биир дойдулааҕым, эмиэ Бөтүҥтэн төрүттээх. 5-с кы­­лаастан Амма гимназиятыгар киириэхпэр диэри  бииргэ үөрэммиппит.

Ээ, олус үчүгэй дии! Биир кылаас, биир – төрөөбүт дойду. Саха тылын идэлээҕэр Мииринэйгэ үлэ булунуу уустук соҕус буолбатах дуо?

– Бастаан, дэкириэккэ барыар диэри уһуйааҥҥа үлэлээбитэ. Билигин бибилэтиэкэрдиир.

Ыччат уонна бырамыысыланнас

Ээ, хата! Федор, Саха сириттэн үөрэммит кыһаҕын алтыа буолан бүтэрбиккитин этэн аһардыҥ. Ылбыт идэтинэн хаскыт үлэлии сылдьарый, ханна?

– Кэбээйиттэн сылдьар биир кыыспыт билигин идэтинэн Крымҥа бэркэ диэн үлэлии сылдьар. Үрүҥ Хайаттан сылдьар кыыспыт ИДьМ начаалынньыга буолбута. Табаарыһым “Бүлүү” ФКУ-га суол хаһаайыстыбатын сүрүннүүр эспиэринэн үлэлиир. Биир уолбут “Арктика суолларыгар” баар, оттон биирбит  СӨ бырабыыталыстыбатын аппараатыгар үлэлиир.

Идэ тала сылдьар, толкуйданар ыччакка тугу баҕарыаҥ этэй?

– Үлүбээй, идэ эрэ ылыахха диэн буолбакка, ол идэни ылан баран, дьиҥ олоххо ханна үлэлии сылдьары хайаан да толкуйдаан, өйгө оҥорон көрүөххэ наада дии саныыбын. Ол ханнык баҕарар салаа буолуон сөп: бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбата, ДьУоКХ. Үрдүкү кылааска эрэ буолбакка, эрдэттэн толкуйданар, идэҕэ сыһыаннааҕы барытын ыйыталаһа сылдьар ордук.

Биһиги үлэбит үчүгэйэ, эппитим курдук, бары усулуобуйа барыта баар. Хаһан хамнас кэлэрий, бу ыйга кэлиэ дуу диэн долгуйбаккын. Барыта кэмигэр кэлэр. Мииринэйгэ оҕо сайдар усулуобуйата толору баар. Оҕоҕо, улахан да дьон сылдьарыгар сөптөөх сиэксийэ арааһа үлэлиир. Сороҕо – босхо, сороҕо сөбүгэр төлөбүрдээх. Холобур, икки бассейн баар. Уһуйааҥҥа ылылларга  кыһалҕа суох.

Федор, эн иннинэ быраатыҥ Иваҥҥа эрийэ сылдьыбытым. Кинини эн үлэҕэ сирдээбит эбиккин. Оттон бииргэ төрөөбүт бырааты, балыһы киһи куһаҕан үлэҕэ ыҥырбата өйдөнөр. Хас сыл аҕаҕыный? Уопсайынан, бииргэ төрөөбүт хаскытый, туох идэлээхтэрий?

– Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит. Бэйэм ыал улаханабын. Иван 1,5 сыл балыс. Кини ХИФУ ГРФ Нерюнгритааҕы салаатын 2013 сыллаахха бүтэрэн, хайа инженерэ идэтин ылбыта. Идэтинэн үлэ көстүбэтэҕэ. Аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитигэр манна ыҥырбытым. 2015 сылтан биһиэхэ үлэлиир. Араас үлэни толорор. Биир кэмҥэ прорабы солбуйа сылдьыбыта. Мииринэйгэ аспаал-бетон собуота баар. Билигин онно маастардыы сылдьар. Биригэдьиир курдук диэххэ сөп. Ыам ыйыттан алтынньыга диэри – онно үлэ оройо. Кэргэннээх, икки оҕолоох. Балтыбыт ийэтин курдук: иитээччи идэлээх. Биир бырааппыт Владивостокка, ДВФУ-га ньиэп-­гаас идэтигэр үөрэнэр. Кыра бы­­рааппыт онус кылааһы бүтэрдэ.

Тыый, өссө биир бырамыысыланнас эйгэтин талбыт киһи баар эбит! Мииринэйгэ олохсуйбут биир дойдулаахтаргыт төһө элбэх быһыы­лаахтарый?

– Дьиэ-уот оҥостон олохсуйбут 10-тан тахса баарын билэбин. Ньурба ХБК-тыгар, атын хонтуораларга, МУАД-ка да үлэлээччилэр бааллар.

Дьэ, бу курдук саха ыччата бырамыысыланнаска, ал­­маас тэрилтэлэригэр, ону тэҥэ салаа тэрилтэлэригэр эмиэ, холобур, бу түгэҥҥэ МУАД-ка, бэркэ диэн үлэлии сылдьар.

Федор быраата Иван Сутаков “Аммабар сылдьыбатаҕым алта сыл буолла”, –  диир. Ол эрээри, үлэтин да, олорор куоратын да сирбэт. Биһирээн да сырыттаҕа.  Идэни талааччыларга, абитуриеннарга тугу сүбэлиэҥ этэй диэбиппэр: “Киһи хайаан да үрдүк үөрэхтэниэхтээх диэн буолбатах. Мин тус санаам, орто, анал да идэлээх киһи үчүгэй, үрдүк хамнастаах үлэлэ­ниэн сөп”, – диэн санаатын үл­­лэстэр. Кырдьыга да, оннук. Сүрүнэ, киһи үлэтин сөбүлүөхтээх.

Иваннаах Федор Сутаковтар, сахалыы сиэринэн, бастаан утаа хаһыакка анаан кэпсиэхтэрин-ипсиэхтэрин баҕарбатахтара. Ыччакка, идэни талааччыга эһиги холобургут туһалыа, баҕар: “Дьон кыайарын тоҕо мин кыа­йыа ­суохтаахпыный?” – диэн сэрэхэдийэр, сээбэҥниир санаатын кыа­йан, олоҕун суолун оҥосторугар көмөлөһүөххүт диэбиппэр, хата, сөбүлэннилэр. Уолаттарга махтанан туран, ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!

Киһи олоҕун ким да бэлэмнээн, оҥорон биэрбэт. Киһи киһиттэн үөрэнэр, сайдар. Оттон үлэ түмүгэ төһөнөн таһаарыылаах да, оччонон өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ, оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ тупсар.

МУАД тэрилтэ оҥорбут суолунан күн тааһа — алмаас  тиэллэр, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, ол иһигэр,  алмаас эйгэтин үлэһиттэрэ, олохтоох нэһилиэнньэ, ыалдьыттар айанныыллар. Ити курдук, барыта утум-ситим холбонон, сибээстэнэн, Сахабыт сирин  саргыта салаллар.

Айан суола элбэҕи быһаарар

Айан суолун аны да, былыр да хорук тымырга мээнэҕэ холооботтор. Күннээҕи олохпут-дьаһахпыт, доруобуйабыт туруга, оҥорон та­­һаарыыбыт, ол аата бүттүүн экэниэмикэбит да айан суолуттан быһаччы тутулуктаах.

Күн бүгүн Саха сирин ­суол­­ларынан араас кыамта­лаах, кыра, баараҕай кээмэйдээх, Арассыыйаттан саҕалаан араас омук сиригэр оҥоһуллубут “легковой”, фургон массыыналартан саҕалаан, самосвалыгар, модун кыамталаах тыраахтарыгар тиийэ тимир көлөлөр тигинэччи сүүрэллэр. Ол курдук, биир да бырамыысыланнас тэрилтэтэ улахан уйуктаах массыыната, тиэхиньикэтэ суох толору күүһүнэн үлэлиир кыаҕа  суох. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн ботуччу кээмэйин хааччыйар АЛРОСА хампаанньа сүүнэ уйуктаах «DoDo», «Howo», «Faw» массыыналара айан суолунан үтүмэн үгүс үлэни, сырыыны толороллорун билэҕит.

Оттон улахан кыамта­лаах тиэхиньикэ сылдьарыгар ха­­йаан да үрдүк хаачыстыбалаах, бары ирдэбили тутуһан оҥоһуллубут суол наада. Ону биһиэхэ Мииринэйдээҕи массыына суолларын управлениета хааччыйар диир оруннаах.

Аны, биһиги курдук сайынын лаппа итийэр, кыһынын улаханнык тымныйар ураты килиимэттээх дойдуга  хайдахтаах да бастыҥ хаачыстыбалаах суол өр буолбат. Кэмиттэн кэмигэр алдьанар, мөлтүүр. Онон өрөспүүбүлүкэ суолу оҥорооччулара, ол иһигэр биир бастакынан Мииринэйдээҕи массыына суолун управлениетын (МУАД) үлэһиттэрэ  суол туругун кыраҕытык кэтииллэр, көрөн-истэн олороллор. Быһата, сылы эргиччи үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Саҥа суолу тутууну сэргэ араас өрөмүөн, саҥардан биэрии үлэтэ күүскэ уонна былааннаахтык барар. Дэлэҕэ да, прораб Федор Сутаков кыһынын үлэ өссө үксүүр, эппиэтинэс да биллэ улаатар диэ дуо!

Суол алдьамматын-кээһэммэтин туһугар суол кытыытын, уу сүүрүгүрэр, туоруур сирдэрин, карьердары оҥоруу – эмиэ кинилэр үлэлэрэ.  Холобур, са­­наан көрүҥ, аҥаардас Ленскэйтэн Удачнайга диэри 66 муоста баар. Ол иһигэр 8 улахан, 33 орто, 22 дьоҕус кээмэйдээх. Балар эмиэ кыһамньылаах көрүүнү-истиини эрэйэллэр. Ол өйдөнөр.

Маныаха АЛРОСА Миири­нэйдээҕи массыына суолун управлениета алмаас хампаанньатыгар эрэ буолбакка, Саха сирин Арҕаа эҥээрин социальнай-экэнэмиичэскэй олоҕор суолтата, көмөтө сүҥкэнин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Хоммут уос хоҥнубучча, МУАД устуоруйатын санатан ааһыым. Мииринэйдээҕи массыына (айан) суолун управлениета 1960 сыл сэтинньи 15 күнүгэр төрүттэммитэ. 2008 сылтан саҕалаан “МУАД” АЛРОСА салаа тэрилтэтин быһыытынан үлэлиир. Тэрилтэни, Федор Сутаков эппитин курдук, Александр Андреевич Кондратьев салайан, тэрийэн-бэрийэн үлэлэтэр.

МУАД-ка аҕыс суол учаастага уонна 8 автопуун киирсэр. Балар Ленскэй куораттан саҕалаан, Удачнайга уонна Үрүҥ Хайаҕа диэри уонна Иркутскай уобалас Усть Кутугар диэри түстэнэн үлэлииллэр.

МУАД уопсайа 4 561 км уһуннаах айан суолун сылы эргиччи көрөн-истэн олорор. Бу – эттэххэ эрэ дөбөҥ. Итинтэн сылы эргиччи үлэлиирэ – 1 127, кыһыҥҥы суола 3 434 км.

Маннык уһун суолу оҥорорго туттуллар аспаал-бетон булкадаһыгын тэрилтэ иһинэн үлэлиир бэйэ собуота оҥорон таһаарара – олус табыгастаах. Бу собуокка билигин биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут Федор Терентьевич бииргэ төрөөбүт быраата Иван Сутаков үлэлии сылдьар эбит. Биһиги тэрилтэҕэ олохтоох каадыр кэлиҥҥи сылларга биллэ элбээтэ дэһэллэр уолаттар. Маныаха “олохтоох каадыры — бырамыысыланнаска” бырагыраама үлэлээбитэ төһүү буоллаҕа. АЛРОСА хампаанньа бу бырагыраама – муҥутуур көхтөөх кыт­тааччыта буоларын билэҕит.

Бу курдук, бүтүн өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар дьоһун суолталаах, алмаас бырамыысыланнаһын тэрилтэлэригэр ыччаппыт сыстан, үлэлээн, олоҕун суолун оҥосто сылдьарыттан киһи үөрэр, сэргэхсийэр.

Бэрт сотору Биир кэлим эк­­сээмэннэр түмүктэнэн, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын бүтэрбит үгүс ыччат сөбүлүүр, сэргээбит идэтигэр туттарсар “итии-буһуу” күннэрэ үүнүөхтэрэ. Кинилэртэн алмаас, бырамыысыланнас эйгэтин талан, үөрэнэн, бастыҥ исписэлиис буолааччы элбэх буолуоҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

“Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан Татьяна ЗАХАРОВА

“АЛРОСА” пресс-сулууспатын хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0