Учуутала, сыаната суох аныгы оскуола

Ааптар: 
18.11.2023
Бөлөххө киир:
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.

Сыыппара, технология тэтимнээхтик сайдар үйэтигэр олоробут. Бу туоһутунан аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга Уһук Илин уокурукка аан маҥнайгы, Арассыыйаҕа алтыс Сбер “21 оскуола” аһыллыыта буолла. Манна учуутал — суох, манна сыана — суох. Хайдах үөрэнэллэр?

21‑с үйэ оскуолата

Сбербаан саҥа кампус аһан эрэр үһү диэни истэн, ох курдук оҥостон, сарсыарда болдьообут бириэмэлэригэр тиийдим. Киирээти кытта харах халтарыйар сүрэх быһыылаах бирилийээн кырыылаах хаартыскаҕа түһэр зона турар. “Сүрэх быһыы мээнэҕэ толкуйдамматаҕа. Тоҕо диэтэххэ, биһиги кампуспут сылаас, тупсаҕай, мааны. Оттон бирилийээн кырыылааҕа биһиги кампуспут, АйТи салаа сотору кэминэн Арассыыйа АйТи хайысхатыгар дьиҥнээх бирилийээнинэн буоларыгар эрэнэрбитин туоһулуур”, — диэн кампус исписэлииһэ этэр.

Сүүмэрдиир үөрэххэ полицейскай, балет артыыһа, юрист, устуоруйа учуутала, провизор, картограф, фармацевт, о. д.а. кытта сылдьаллар.

Салгыы таас эркиннээх сынньанан олоро түһэр, кинигэ ааҕар, кофе иһэргэ аналлаах хостор бааллар.

Иккис мэндиэмэҥҥэ тахсааппытын кытта биһиги иннибитигэр сүүһүнэн оробуочай миэстэлээх үлэлиир хос нэлэйэ тоһуйар. Көмпүүтэр аайы үлэҕэ умса туспүт, мин көрдөхпүнэ, эдэр дьон олороллор. Кампус барыта 198 үлэлиир миэстэлээх. Сорохторо үһүскэ бааллар. “Оробуочай миэстэлэри түөрт кластерга араарбыппыт уонна сахалыы Эрчим, Айар, Ситим, Тускул диэн ааттаталаабыппыт”, — диэн быһаарар. Уҥа өттүгэр 144 миэстэлээх кэмпириэнсийэлиир саалалаах, кэпсэтии ыытар хостоох, кыттааччыларга аналлаах толору тэрилинэн хааччыллыбыт остолобуойдаах, теннистиир, сынньанар, 14 үлэһиккэ аналлаах хостор бааллар.

“Кампус сууккаҕа 24 чаас үлэлиир. Эдэр дьон мантан букатын тахсыахтарын баҕарбаттар, умсугуйан туран үлэлииллэр. Күн бүгүн Саха сирин 4 тыһ. олохтооҕуттан сайаапка киирдэ. Атын куораттар кампустарыгар 18–25 саастаахтар үөрэнэр эбит буоллахтарына, биһиэхэ орто саас 30 тэҥнэһэр, саамай саастаахпыт 50‑нээх, 40% — кыргыттар.

Сүүмэрдиир үөрэххэ полицейскай, балет артыыһа, юрист, устуоруйа учуутала, провизор, картограф, фармацевт, о. д.а. кытта сылдьаллар.

Улуустан эмиэ кэлэн үөрэниэхтэрин сөп. Оскуола сүүмэрдиир үөрэҕин (26 күн) ааһан, сүрүн үөрэххэ хаалбыттары уопсайынан хааччыйыахтаах. Билиҥҥитэ уопсай боппуруоһун кэпсэтэ сылдьабыт. Сүрүн үөрэх ортотунан 1,5 сыл курдук барар. Ол кэнниттэн стажировкаланаллар, салгыы үлэлии бараллар. Эбэтэр оскуолаҕа төннөн үөрэхтэрин салгыахтарын, таһымнарын үрдэтиниэхтэрин сөп. Үлэ биэрээччилэр номнуо билигин ыйыталаһан эрэллэр”, — диэн этэр. Ити курдук, үс мэндиэмэннээх аныгы Сбер “21 оскуолата” кампус уопсай иэнэ 1900 кв. м тахсаҕа тэҥнэһэр.

Аал уоту аһатан, сэргэ туруоран

Балачча кэтэспиппит кэннэ: “Кэллилэр!” — диэни истэн хайыһа биэрбитим, Ил Дархан Айсен Николаев салайааччылаах сүүрбэччэ киһи кутуллан киирдэ. Эдэр алгысчыт Виталий Очиров кампус аһыллар үөрүүлээх тэрээһинин сахалыы сиэринэн аргыый, наллаан алгыс этэ-этэ аал уоту арыылаах алаадьынан аһатта, уохтаах кымыһынан айах тутта, сыт таһаарда.

“Саха сирэ үрдүк технологияларга толкуйдаан туран суоттанна, бу киһи хапытаалын сайдыытын ирдиир. Манна үөрэнэн тахсар каадырдар АйТи хампаанньаларга эрэ буолбакка, судаарыстыбаннай управлениелартан саҕалаан, оҥорон таһаарыыга тиийэ үлэлиэхтэрэ. Ситиһиини! Манна үөрэммиттэр Сбертэн сулустар бөлөхтөрүнэн суһумнуур бирилийээн буолалларыгар эрэнэбин”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.

Герман Греф тыл этиитин Саха сирэ маннык эдэр, тэтимнээх уонна стратегическай толкуйдаах салайааччылааҕынан дьоллоох диэн этииттэн саҕалаата. “21 оскуола” бырайыак өссө саҕаланарын саҕана бу каадыры бэлэмнээһиҥҥэ улахан өрө тахсыы, дойдуга бөдөҥ инвестирование буолара биллибитэ. Күн бүгүн 4 тыһ. тахса устудьуон үөрэнэр, 400 тыһ. тахса киһи оскуолаҕа киирэр. Кинилэр үлэҕэ өрө тахсыыларын кэтээн көрбүппүт, биһиги атын үлэһиттэрбитинээҕэр ортотунан 2,5 төгүл түргэнник өрө тахсаллар. Оскуола бастыҥнары, квалификациялаахтары буолбакка, саамай баҕалаахтары (мотивированных) ылар. Бу аан дойдуга саамай көдьүүстээх уонна үөрэх аныгы көрүҥэ буолар. Салгыы исписээлинэстэрбитин кэҥэтиэхпит. Аны 5–7 сылынан Саха сирин “21 оскуолатын” бүтэрээччилэр өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, дойду инники олоҕун хамсатар дьон буолуохтара диэн толкуйдаахпын”, — диэн Сбербаан бэрэсидьиэнэ, Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Греф бэлиэтээтэ.

Саха сирэ Арассыыйаҕа алтыс

“21 оскуола” — бу Сбер 18‑тан үөһэ саастаах дьону АйТи эйгэҕэ программированиеҕа босхо үөрэнэр кыаҕы биэрэр кыһата. Саха сирин сэргэ Сбер “21 оскуолата” Москва, Казань, Новосибирскай, Сургут, Великэй Новгород куораттарга бааллар.

“21 оскуолаҕа” үөрэнэ киирэргэ урукку билии, үлэҕэ уопут, программированиены сатыыллара-сатаабаттара, дьупулуом оруолу оонньообот. Үлэһиттэр иһитиннэрбиттэринэн, бырайыакка кыттааччы 50‑тан тахса бырыһыана программированиеҕа бастакы уопуту манна үөрэнэн ыллыбыт дииллэр эбит. Аны биир интэриэһинэйэ — “21 оскуолаҕа” уһуйааччы, лиэксийэ, сыана диэн суох. Устудьуоннар бэйэ-бэйэлэриттэн уопут атастаһаллар, бэйэлэрэ хасыһан, ким тугу билбитин үллэстэн үөрэнэллэр. Биирдиилээн эбэтэр быарайыактары толорууга хамаанданан сорудахтар бааллар. Үөрэх болдьоҕо кыттааччыттан бэйэтиттэн тутулуктаах, 1,5–3 сыл буолар.

Аня Николаева:

 Программированиеҕа кууруска дуу, оскуолаҕа дуу үөрэммит киһи дии сылдьыбытым. Маннык босхо оскуола Дьокуускайга аһыллыбытыттан олус үөрбүтүм, тута сайаапка ыыппытым. Идэбинэн экэнэмииспин. Программированиеҕа туох даҕаны сыһыаным суох. Барыта табыллан интенсивкэ киирэн хаалбытым, олус үчүгэйдик үөрэнним. Үөрэх бу ньымата түргэнник тиийимтиэ эбит. Ол тыыннаах туоһуларынан биһиги буолабыт. Билигин бастакы соругум — сүрүн үөрэххэ киирии. Ылбатахтарына кэлэр интенсивкэ салгыы үөрэниэм.

Наталья Петрова:

— Мин вэб-разработчик дьупулуомнаахпын. Программированиеҕа үөрэниэхпин баҕаран “21 оскуолаҕа” сайаапка ыыппытым. Манна букатын атын, программирование саҥа тылын үөрэттим, үөрэх ньымата даҕаны ураты, умсугутар. Ментор, чуҥкук лиэксийэ диэн суох, бэйэ-бэйэбититтэн үөрэнэбит.

Хаартыскаларга Андрей Сорокин (СИА), Людмила Попова түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0