Бүгүн, муус устар 12 күнүгэр, Арассыыйа Юрий Гагарин космоска көппүтэ 60 сылын бэлиэтиир. Бу көтүүттэн ыла аан дойдуга куйаары үөрэтиигэ, дойдубут устуоруйатыгар саҥа эпоха саҕаламмытынан ааҕыллар. Бэл, саҥа төрөөбүт оҕолору дьоруой аатынан Юрий диэн сүрэхтиир буолбуттара. Аҥаардас Саха сиригэр ол сылга 380 оҕону Юрий диэн ааттаабыттар диэн Саха сиринээҕи ЗАГС иһитиннэрэр. Оттон чуолаан муус устарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 883 уол оҕо күн сирин көрбүтүттэн, 44 уолу бастакы космонавт аатынан сүрэхтээбиттэрэ биллэр.
Космос куйаарын үөрэтэр учуутал — Юрий Романов
Үйэ аҥаарын аннараа өттүгэр, 1971 сыллаахха, сэбиэскэй учуонайдар “Марс-3” диэн Марска бастакы чинчийэр аппарааттара этэҥҥэ түспүтэ. Ол эрээри, аҕыйах сөкүүндэ буолан баран, бу ыстаансыйа сири кытта сибээһэ быстыбыта. “Марс-3” аппарааты 40 сыл ааспытын кэнниттэн, 2013 сыллаахха чинчийээчи Виталий Егоров булбута. Маныаха биһиги биир дойдулаахпыт Дьокуускай куорат физико-техническэй лиссиэйин информатикаҕа учуутала Юрий Романов сүппүт эбийиэги хайдах булуохха сөбүн идиэйэтин быһаарбыта. Соһуйуох иһин диэххэ дуу, Юрий Николаевич бастакы космонавт Юрий Гагарин аатынан ааттаммыт киһи эбит. Кини “Марс-3” эбийиэк көстүүтүгэр үлэтин космос эйгэтигэр кылаатынан ааҕар:
— Мин 1963 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ төрөөбүтүм. Дьоммор бастакы оҕо буоламмын, аҕам бастакы космонавт аатынан Юрий диэн ааттаабыт. Кыра эрдэхпиттэн куйаар тиэмэтин интэриэһиргии улааппытым. Алта саастаахпар космос туһунан сурунаалы көрө турарбын аҕам бэлиэтии көрөн хаартыскаҕа түһэрбитэ баар. Ол аата оччолорго номнуо киэҥ куйаары интэриэһиргиир эбиппин. Бибилэтиэкэҕэ сылдьан элбэҕи ааҕар, көрдүүр, интэриэһиргиир, сулустары кэтээн көрөр этим. Учууталбыт уруокка: “Улааттаххытына туох идэлээх буолуоххутун баҕараҕыт?” диэн ыйыппытыгар, мин: “Космонавт буолуом этэ”, — диэн хардарбытым. Онуоха кини улаханнык аахайбатаҕа быһыылаах. Онтон 5-6 кылааска сылдьаммын, ол учууталбын Афанасий Нифонтовиһы тылбар киллэрэн, пионерскай дружинабытын соһумардык өлбүт космонавт Владимир Комаров аатынан ааттыахха диэн этии киллэрбитим. Ону ылыммыта. “Хоккейдыы сырыттахпытына, эн сулустары ааҕа турар буолааччыҥ, оонньууну ыһар этиҥ. Эйигиттэн сылтаан оҕолор бары халлааны көрөн баран турааччылар”, — диэн оччотооҕу үөлээннээхтэрим билигин ахталлар. Оскуола кэнниттэн физфагы бүтэрэн баран, Космофизика институтугар үөрэнэ киирбитим.
Юрий Гагарин аатынан ааттаммытым дьылҕабын таайбыт быһыылаах. Оччолорго үйэтэ да оннук буоллаҕа, Юрий Гагарины киэн тутта улааттахпыт. Ийэм куйаар туһунан араас сурунааллары сурутар этэ. Бу санаатахха, ол сурунаалларым оҕоҕо анамматах, анаан идэтийбит исписэлиистэр ааҕар литературалара эбит. 1979 сыллаахха сэттис кылааһы бүтэрэн баран “Артекка” астрономия куруһуогар дьарыктаммытым. Тиийбит күммүтүгэр учууталбыт космос туһунан тугу билэрбитин тургутан көрбүтэ, онуоха үксүн мин эппиэттээбитим. Барыларыттан ордук билэрбин оҕолор дьиктиргээн эргиллэн көрөллөрүн өйдүүбүн. “Артекка” сылдьан баҕа санаабын толорон, Крым хараҥа түүнүн сулустарын телескобунан көрбүтүм. Наһаа үчүгэй халлааннаах этэ.
Онтон кэлэн баран үөрэппит учууталбын Юрий Дмитриевич Онищенконы кытта суруйсар этибит. Бырайыак оҥорон ыыппытым. Кэлин 2014 сыллаахха эмиэ “Артекка” космическай симиэнэ буолбута. Онно Москва дэлэгээссийэтэ ыҥыран, оҕолору илдьэ бара сылдьыбытым. Юрий Дмитриевиһи көрсүбүтүм, оскуолаҕа сылдьан ыыппыт суруктарбын илдьэ сылдьарын көрдөрбүтэ.
Космонавтика күнүн аайы викторина ыытабын, быйыл 15-с төгүлүн ыытаары сылдьабын. Урукку сылларга Украинаттан, Томскайтан тиийэ кытталлара.
Космос куйаарын чинчийиигэ, оҕолору манна туһайаан үөрэтиигэ элбэх сырабын уурбутум. Ол курдук, 1988 сыллаахха «Буран» хараабыл көтөрүгэр научнай эспэдииссийэнэн Тиксиигэ бара сылдьыбытым. Космоска дьүкээбил уоттарын үөрэппитим. Билигин космос тиэмэтигэр икки саайтаахпын: mars71.ru уонна vostok1start.ru. 2004 сылтан сайын аайы «Өлүөнэ сирэ» форумҥа оҕолору космонавтикаҕа уһуйбутум. 2006 сыллаахха бу хайысханы бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев өйөөн, өссө күүскэ ылсан үлэлээбиппит. Билигин бу хайысха өйөнөр буолла, интэриэһиргиир оҕо эмиэ үксээтэ.
Успуорт кэллиэксийэһитэ, бэйиэт бэрдэ — Юрий Щукин-Манай
Тааттаттан төрүттээх Дьокуускай куорат олохтооҕо Юрий Щукин бастакы космонавт аатын дьоһуннаахтык сүгэ сылдьар дьонтон биирдэстэрэ буолар. Юрий олоҕун, суолталаах аатын туһунан маннык кэпсиир:
— Юрий Гагарин куйаарга 1961 сыллаахха муус устарга куйаарга көппүт эбит буоллаҕына, мин аан дойдуга бастакынан сэбиэскэй киһи куйаарга көтөн, улахан үөрүү-көтүү буола турдаҕына, ыам ыйын 14 күнүгэр Таатта Туора Күөлүгэр күн сирин көрбүтүм.
Миигин аҕам Фотий Григорьевич Щукин диэн нэһилиэкпит бас-көс киһитин аатынан Фотий диэн сүрэхтиэн баҕарбыт үһү. Ол аатынан сэбиэккэ миигин суруттара тиийбит. Онуоха кинини сэбиэккэ үлэлиир дьахталлар: “Аата былыргы аатынан аныгы оҕону ааттаан эрдэххитий! Юрий Гагарин диэн киһи космоска көппүт, кини аатын биэриэххэ”, — диэн тылларыгар киллэрбиттэр. Аҕам дэлби хомойбут, ийэбэр кэлэн оҕобутун сэбиэт дьахталлара Юрий диэн ааттаатылар диэн кэпсээбит. Онтон кэлин Юрий Гагарины уруйдуур-айхаллыыр, аата элбэхтэ иһиллэр буолбутугар, аҕам: “Оҕобутун историческай суолталаах аатынан суруттарбыт эбиппит. Оҕобут аатынан кэлин киэн туттуо”, — диэн хомолтото ааспыт.
Улуу киһи аатынан ааттаммыппын оскуолаҕа киирэн баран билбитим. Туора Күөлгэ 1961 сыллаахха төрөөбүт оҕолортон кими даҕаны Юрий диэн аттаабатахтар эбит. Быйыл ыам ыйыгар 60 сааспын туолаары сылдьабын. Манай диэн аатынан хоһоон, поэма суруйабын, онон үбүлүөйдээх сааспын көрсө хоһооннорум кинигэтин таһааттарыам. Космонавтика тиэмэтин, манна диэн эттэххэ, соччо интэриэһиргээбэппин. Успуорт тиэмэтигэр кэллиэксийэлээхпин, Дьокуускайга быыстапкабын тэрийэр былааннаахпын.
Айтана Аммосова.
Хаартыскалар — дьоруойдар тиксэриилэрэ.