Учуутал идэтэ: сыыппаралар, чахчылар

14.10.2016
Бөлөххө киир:

Бүгүн Саха сирин үөрэҕириитин эйгэтигэр уопсайа 58 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлии-хамсыы сылдьар, онтон 26 тыһыынчаттан тахсата педагогическай үлэһиттэр, ол иһигэр 13600-һэ —учуутал.

Бу “халыҥ аармыйаттан” 2015 сыл түмүктэринэн учууталлар 85,6 % — үрдүк профессиональнай үөрэхтээхтэр. 2014 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө (85,16%), үүнүү баар. Үрдүкү квалификациялаах учуутал ахсаана эмиэ үүнэ турар – 27,38% -тан 29,5 %-ҥа диэри.

2016 сылга дуогабар быһыытынан, 460 эдэр учуутал өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар үлэлии кэллэ.

Систиэмэлээх үлэ ыытыллыытын түмүгэр 5 сылга диэри педагогическай ыстаастаах учуутал ахсаана 18,9% -ны ылар, бу көрдөрүү арктическай улуустарга өссө үрдүк – 22,2 %. Ол аата үгүс эдэр учуутал хотугу улуустарга үлэлии барар. Манна улахан оруолу “Арктика учуутала” бырайыак ылар.

2006 сылтан саҕалаан, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ үс өрүттээх дуогабар быһыытынан, 30 учууталы 5 сылга болдьохтоон тыа сирин ыраах сытар, уустук суоллаах-иистээх сирдэр оскуолаларыгар үлэҕэ ыытар. Бу бырагырааманы олоххо киллэрии сылларыгар Арктика уонна Хотугу улуустар үөрэхтэрин кыһаларыгар уопсайа 300 учуутал үлэлии тиийдэ. Кинилэртэн 144 учуутал, дуогабардарын усулуобуйатын хайыы-үйэҕэ ситиһиилээхтик толороннор, 1 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай кээмэйдээх судаарыстыбаннай өйөбүлү ыланнар, олорор дьиэлэрин тупсарыннылар. Биир үчүгэй өрүтэ – бу бырагырааманан баран үлэлии сылдьар учууталлартан 45%-тан тахсалара олохсуйан хаалаллар. Бу барыта үөрэхтээһин хаачыстыбата үрдүүрүгэр улахан сабыдыаллаах. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата бу бырагырааманы өйөөн, 2019 сылга диэри салгыы ыытар.

Билигин, аныгы уларыйыыларга эппиэттэһэр квалификациялаах, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, сайдыыга бэлэм каадырдар сыаналаналлар. Урукку курдук, билиини эрэ биэрэр буолбакка, оҕо бэйэтэ чинчийэн, үөрэтэн көрөн, саамай сөптөөх быһаарыныыны булан ыларыгар, биһиги тэтимнээх олохпутугар бэлэмнээх тахсарыгар учуутал көмө-тирэх буолар аналлаах.

Татьяна МАРКОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0