Учуутал хамнаһа намтыа суохтаах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов онлайн-кэмпириэнсийэ кэмигэр ыйытыыларга хоруйдаата. Манна киирбит ыйытыыларга миниистир сиһилии хоруйдары биэрдэ.

edersaas.ru

Үгүс ыйытыы биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ), сүрүн уопсай эксээмэҥҥэ (ОГЭ) туһаайыллар. Миниистир иһитиннэрэринэн, быйылгы биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) бэс ыйын 8 күнүттэн, онтон сүрүн уопсай эксээмэн (ОГЭ) бэс ыйын 9 күнүттэн саҕаланаллар. Уларыйыы киирэр түгэнигэр эксээмэн кыттыылаахтарыгар суһаллык иһитиннэриэхпит диэтэ.

Итини тэҥэ, оскуола оҕолоро ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниигэ көспүттэринэн сибээстээн, учууталлар хамнастара уларыйар дуо, диэн ыйыталлар. Тустаах боппуруос дойду бары учууталларын долгутар. “Өскөтүн туох эбит төрүөтүнэн хамнаспыт түспүт дии саныыр буоллаххытына, ол туһунан биһиэхэ, РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтигэр иһитиннэриэхтээххит. Бу боппуруоһу мин тус хонтуруолбар тутабын. Хамнаска уларыйыы суох буолуохтаах”, — диэн миниистир эттэ. Ол эбэтэр дистанционнай технологияны туһанан дьиэттэн олорон үөрэнии кэмигэр педагогтар хамнастара түһүө суохтаах диэн бэлиэтиир.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0