“Эдэр саас” ааҕааччылара дорооболоруҥ! Учуутал дьүөгэм туһунан кэпсииргэ сананным. Билигин «учуутал хамнаһа үрдүк», «учууталлары өйүүллэр», «дьиэ ылалларыгар көмөлөһөллөр» уо.д.а. этиилэри үгүс билэр дьоммуттан истэбин. Ол эрээри ити истэргэ эрэ дөбөҥүн дьүөгэм кэпсээниттэн иһиттим уонна итэҕэйдим.
Дьүөгэм аата Сайыына диэн. Кини былырыын Санкт-Петербурдааҕы үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, Саха сиригэр үлэлии кэлбитэ. Сайыынаны сэрэйбитин курдук, тыа сиригэр учууталынан анаабыттар. Төрөппүттэрэ иккиэн учууталлар буолан, «тыа сиригэр учууталлыыр саҕа дьол суох, урут сэбиэскэй кэм саҕана маннык үчүгэй, итинник үчүгэй этэ» диэн алҕаан, кыыстарын Бүлүү эҥэр улууска ыыппыттар. Сайыына үлэлиэхтээх оскуолатын дириэктэрин кытта сибээстэһэригэр, «бэлэм толору хааччыллыыллаах учууталлар уопсайдарыгар миэстэ уурдубут, үлэҥ чааһа элбэх, онон хамнаһыҥ даҕаны добуочча буолуо» диэн эрэннэрбит. Кыыс «тыый, үчүгэй даҕаны усулуобуйаҕа үлэлииһикпин» диэн күлүгэр имнэммит эрэ. Атырдьах ыйын бүтүүтэ Сайыына үс улахан суумка, икки дьааһык кинигэ маллаах таксига олорон, үлэттэн дьоллоно, олоҕун оҥосто Бүлүүлүүр суолунан айанната турбут. Оскуолатын дириэктэрэ кыыһы уруйдуу-айхаллыы көрсүбүт, быстах кэмҥэ ыалга дьукааҕынан олордубут. Сайыына оннук дьукаахтаһан, алтынньы ый ортотугар диэри олорбут, били толору хааччыллыылаах дьиэбит төрүт даҕаны суох эбит. Кыыс хомолтотун биллэрбитигэр, дириэктэрэ иччитэхсийбитэ өр буолбут дэриэбинэ таһыгар турар дьиэҕэ олохтообут. Кыыс куттаннар да хайыай, бэйэтэ көрдөһөн ылбыт дьиэтигэр аны ый ахсын 10 тыһыынча солкуобай куортам харчытын төлүүр чиэскэ тиксибит. Били «добуочча» хамнаһын аҥара онно барар буолбутуттан Сайыына кыһыйбыт аҕай. Сотору кэминэн Сайыынаҕа кылаас салайааччытын эбээһинэһин сүктэрбиттэр. Кини тохсус кылаас оҕолорун кытта уопсай тылы олус эрэйдээхтик булбут. Кылааһын оҕолоро сотору-сотору бэрээдэк кэһэннэр, кыыс үлэлээбит сыратын, сылбатын сотон иһэллэр үһү. Үлэтин саҥа саҕалыыр эдэр учууталы биир да уопуттаах учуутал өйөөбөтөх, көмөлөспөтөх, ол оннугар «сыл аҥара үлэлээбит үлэҥ түмүгэ суох!» – диэн сирэй-харах анньан, саҥаралларын истэрэ. Аны ол куортамнаан олорбут дьиэтигэр сарсыарда, күнүс, киэһэ оһох отторо. Дьокуускай куоракка таас дьиэҕэ бэлэмҥэ олорбут кыыс оһох сабар диэни хантан билиэй? Бастаан утаа буруону дьиэҕэ ыытан кэбиһэн, элбэхтэ тумнаста сыспыт, эрэй бөҕөнү көрсүбүт. Аны эбиитин оттор маһын, иһэр уутун мууһун барытын бэйэтэ атыылаһан, ый бүтүүтэ били хамнаһыттан аҕыйах солкуобайдаах эрэ хаалара. Ол эрэйдэнэ сылдьан, Сайыына Нева өрүс үрдүгэр турар дьэрэкээн уотунан угуйа оонньуур Санкт-Петербург куоратын элбэхтэ ахтара. «Бу кэриэтэ төһө да аччыктаатарбын, быстардарбын, хаттаан онно устудьуоннуу сылдьыбыт киһи» – диэн саныыра. Чуҥкук дэриэбинэҕэ саатар сыл баһыгар-атаҕар кэнсиэр, биэчэр буолан быстыбата. Оскуолатын дириэктэригэр кыһалҕатын кэпсии киирдэҕинэ, кулгааҕын таһынан истэн кэбиһэрэ. «Үөрэх дьылын эрэ түмүктээтэрбин Дьокуускайга көһүүһүкпүн» диэн быһаарыммыта. Дьонугар төлөпүөн нөҥүө ытаатаҕына, «киһи ыараххатары тулуйуохтаах, ити билигин эрэ инник, олоҕун өссө да иннигэр» диэн саба саҥаран иһэллэрэ. Сайыына ити курдук эрэйдэнэн биир үөрэх дьылын түмүктээт, докумуон оскуолаттан төттөрү ылан, «аны тыа сиригэр үлэлээбэппин» диэн мэктиэ тылын этэн көһөн барбыта. Сайын Дьокуускай куоракка кэлэн үлэ көрдүү сатаабыта даҕаны, биир да сөптөөҕү булбатаҕа. Оттон билигин сибэкки атыылыыр маҕаһыыҥҥа үлэлии сылдьарын истэммин, мин олуһун сонньуйдум. Сайыына: «Дьоллоох Дьокуускай куорат даҕаны диэхтээн, күнү супту сибэкки суулууртан ордубаппын», – диэн кэпсээнин түмүктүүр.
Мин санаабар, хас биирдии киһиэхэ син биир олох оскуолатын ааһыы диэн баар буолуохтаах. Сайыына куоракка кыахтаах ыалга атаахтык иитиллибитэ, тыа сиригэр үлэлии тиийбитигэр олоххо бэлэмэ суоҕа, куруук төрөппүттэрин бэлэмигэр сылдьыбыта атахтаатаҕа буолуо. Ол эрээри, дьүөгэм Санкт-Петребург курдук улуу куоракка кэскиллээх идэҕэ биэс сыл туйгуннук үөрэнэн баран, сибэкки суулуу сылдьарын истэммин олус харааста санаатым.
Эдита SALGUN.