Учууталлаабытым номнуо 43 сыл буолбут эбит. Санаан аастахха, элбэх да оҕону үөрэттэҕим, элбэх да үтүө учууталлары кытта бииргэ алтыһан үлэлээтэҕим. Оттон бу сыллар тухары дириэктэрдэрим Филипп Федорович Чугунов, Василий Софронович Долгунов, Николай Константинович Чиряев — бары Саха сиригэр киэҥник биллибит педагогтар буолаллар.
1977 сыллаахха СГУ-ну бүтэрэн, биология, химия учууталын идэтин ылбытым. И. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү орто оскуолатыгар ананан үлэбин саҕалаан иһэн, дьиэтээҕи балаһыанньабынан, төрөөбүт Боотулуубар учууталлыыр буолбутум. Оччолорго дириэктэринэн Чугунов Филипп Федорович, солбуйааччыларынан Золотарева Мария Николаевна, Буртахова Акулина Михайловна, Афанасьева Варвара Федоровна үлэлиир этилэр. Үөрэппит учууталларбын Долгунова М.Н., Ефимов Г.Г., Адамова Ф.С., Боескоров С.Т., Максимова М.Ф., Прокопьев П.С., Оконосова А.А. кытта үлэлиир буолбуппуттан долгуйа да, толло да санаабытым.
Бастакы сылбар оскуолам салалтата өйөөн, география, биология, физкультура чаастарын биэрбиттэрин, билигин хайдах үөрэппитим буолла диэн сөҕө саныыбын. Эһиилигэр учууталым Мария Николаевна, миэхэ химияҕа миэстэ таһаараары эбитэ дуу, Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатыгар көһөн, бэйэм идэбинэн үлэм дьэ саҕаламмыта. Мария Николаевна оройуоҥҥа биир бастын учууталынан биллэрэ. Кини үөрэппит оҕолоро олимпиадаҕа да, үөрэххэ киириигэ да инники күөҥҥэ сылдьаллар этэ. Онон учууталым кэнниттэн үлэлиир улахан эппиэтинэстээҕэ.
Университекка үөрэммит сылларым элбэх билиини биэрбит курдуктара да, учууталлаары гыммыппар, арай, туохтан саҕалаан үөрэтэрбин, уруок былаанын хайдах оҥосторбун да билбэт курдугум. Учууталларым барахсаттар көмөлөһөннөр, учуутал буолар суолга бигэтик үктэммитим. Мария Николаевна үөрэппит тэтэрээтин оҕоттон ыламмын, уруокка хайдах суруйтарыахха, суоту хайдах суоттатыхха сөбүн көрөн, туһаммытым. Билигин санаатахха, киһи күлүөх курдук да, оччолорго, ол оҕо тэтэрээтэ улаханнык көмөлөспүтэ. Аны химия олимпиадаларыгар Боотулуу оскуолата, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ аатырар Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатын кытта тэҥҥэ илин-кэлин түсүһэр эбит этэ. Дьэ онон, ол үгэс кэһиллибэтин туһугар, үлэлээн барбытым.
Киэн туттар үөрэнээччилэрим
Кылааска сорох сыл 40-тан тахса оҕо буолара. Бары 10-с кылааска эксээмэн туттараллара. Дьэ, сарсыарда 9 чаастан киэһэ 11-гэ диэри олорон, сороҕор ытаһыылаах, долгуйуулаах да эксээмэн буолара… Боппуруос бөҕөтө биэрэн, эбиитин бүтэһигэр барытын быһааран баран, оҕону таһаарарбыт. Чиэппэргэ син элбэх «2» сыананы туруорар учуутал этим, ол гынан баран, сыл түмүгэр син ситиһэн тахсааччылар. Бастакы аттестациябын барарбар оскуолам «с условием» диэн ыыппыттаах, ону оройуоннааҕы хамыыһыйа «с поощрением» диэҥҥэ көннөрбүт этэ. Ол кэмҥэ үөрэтэр оҕолорум олимпиадаҕа ситиһиилэнэн уонна үрдүк үөрэххэ балайда кииртэлээн барбыттара. Оттон оскуолам салалтата ирдэбиллээҕэ эдэр учуутал үүнэригэр-сайдарыгар төһүү күүс буолбута.
1978 сыллаахха бастакы, 1981 сыллаахха иккис кылааспын салайа ылбытым. Отучча, саамай хамсанар саастарыгар сылдьар оҕолору кытта тапсан, икки өттүттэн өйдөһөн, көмөлөсүһэн үлэлээбит кэмнэрбин билигин күндүтүк саныыбын. Төрөппүттэрим туохха барытыгар саба түһэн көмөлөһөн, үтүө дьон этилэр. Учууталбытыгар диэн, саха үгэһинэн, булт, кус, балык кэһиилээх буолаллара. Араас тиэмэлэргэ кылаас чаастарын ыытарбыт. Рита Акимова кылаас оҕолорун түмэрэ, Тима Боескоров, Гульнара Тимофеева тугу эппиккин тута үчүгэйдик да уруһуйдууллара, Тамара Степанова истиэнэ хаһыатыгар эрэдээктэрдээн, куонкурустарга бастыыр этибит. Света Лазарева, Степан Иванов, Шура Семенова, Федя Константинов ырыаһыттарбыт этилэр. Трофим Афанасьев баяҥҥа, уолаттар гитараҕа оонньуу-оонньуу ыллыыллара… Билигин оҕолорум үлэ, олох үөһүгэр сылдьаллар, дьиэ-уот тэринэн эһээ-эбээ дэттэрэн олороллор, учууталларын кытта билсэ туралларыттан долгуйа үөрэбин. Семен Осоров — СӨ Бочуоттаах тутуу үлэһитэ, Тамара Семенова, Надежда Егорова (Алексеева), Тимофей Боескоров, Гульнара Тарасова (Тимофеева) – СӨ үөрэҕириитин туйгуннара, Тамара Степанова СГУ БГФ бүтэрэн, «Сахаювелир» тэрилтэҕэ эппиэттээх үлэһит, Зинаида Алексеева, Антонина Москарова бэтэринээрдэр, Александра Семенова, Иван Степанов эмчиттэр, уо.д.а. айымньылаахтык үлэлииллэринэн киэн туттабын.
Тыа сирин үлэтэ урут да, билигин да барыта оскуоланы кытта сибээстээх. Бүппэт, хайаан да буолуохтаах субуотунньуктар, агитзона, самодеятельность, сэбиэт дьокутааттара… Сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан анааннар, саастарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларыгар үлэлээбиппин умнубаппын.
100 саастаах оскуола саҥа дьиэтэ тутуллар
Тэрилтэ кэнсиэригэр улахан бэлэмнэнии барара. Учууталлар бары да артыыс талааннаах этилэр. Прокопий Степанович суруйбут айымньытынан Филипп Федорович, Степан Тимофеевич, Мария Михайловна, Вера Николаевна сценага таҕыстылар да, саала күлэн тоҕо барара…
Эр дьон учууталлар элбэх буоланнар, оскуола бары үлэҕэ инники күөҥҥэ сылдьара. Чугунов Ф.Ф., Боескоров С.Т., Ефимов Г.Г., Прокопьев П.С., Яковлев В.В., Осоров С.Я., Николаев И.О., Ксенофонтов В.Р., Григорьев В.И., Пахомов О.Е., оскуолаҕа эбии тутуулары, ол иһигэр тир, производственнай үөрэхтээһин дьиэтин туппуттара. Эдэр учууталлар сыл аайы кэлэллэрэ эмиэ интэриэһи үөскэтэрэ. Нуучча тылыгар Саввинова З.Н., Николаева И.В., Корякина А.Ф., начаалынай учууталлара Анисимова Э.С., Уйгурова М.М., Капитонова Р.С., Петрова Т.П., интэринээккэ иитээччилэринэн Алексеева Р.Н., Саввинова К.Н., Васильева В.Н., физикаҕа Васильева Л.Ф., саха тылыгар Московкина Р.П., Остосова АП, биологияҕа Тетелева Е.Н., Тебенева М.С., химияҕа Иванова М.Н. уонна мин үлэбитин үөрэммит оскуолабытыгар саҕалаан ситиһиилэммит буоллахпытына, бу барыта оскуолабыт, учууталларбыт үтүөлэрэ диэн махтанабын.
1985-1988 c. дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээн, салайааччы ыарахан уонна эппиэтинэстээх үлэтин билбитим. Эдэр кэллиэгэлэрбэр көмөлөһөр сыаллаах, настаабынньыктары туһанан, бэйэбин хайдах учуутал үлэтигэр уһуйбуттарын курдук, үлэни тэрийэ сатаабытым. Кинилэртэн Филиппова Н.М., Боескорова О.П., Боескорова Е.В., Огочонова Н.Г., Кисиляхов НВ, Степанова Н.А. идэлэрин баһылаабыт учуутал буолан, ситиһиилээхтик үлэлииллэриттэн астынабын.
Уон биир сыл үлэлээн, элбэх оҕо мэдиссиинэҕэ, учууталга, технологка туттарсан, таптыыр идэлэрин ылалларыгар син көмөлөспүт эбиппин. Оччолорго, үрдүк үөрэххэ киирии дэриэбинэҕэ улахан үөрүү, киэн туттуу буолара. Оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи химия олимпиадатыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт Семенова Валентина, Степанова Альбина (2 миэстэ), Константинов Андрей (4 миэстэ), Семенова Анна, Алексеева Гюльнара, Анисимова Татьяна кэпсэлгэ киирэллэрэ. Иркутскайдааҕы пединститукка үрдүк баалынан киирбит олимпиадницам, учуутал, билигин ХИФУ ИЕН лабораториятыгар чинчийээччи инженер, Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалары өрөспүүбүлүкэҕэ тэрийсээччи, «Олимпиаднай хамсааһыҥҥа кылаатын иһин» бэлиэлээх Степанова А.В., биологическай наука кандидата Боескоров В.С., мэдиссиинискэй наука кандидата Васильева (Степанова) Н.А., о.д.а. үөрэнээччилэрбинэн киэн туттабын. 1977-1988сс. 50-ча оҕо химияны туттаран, СГУ-га, Иркутскайга, Томскайга, Хабаровскайга, Красноярскайга орто анал уонна үрдүк мэдиссиинискэй идэлэргэ үөрэммиттэрэ. Кинилэр билигин ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллара уонна учууталбыт диэн ытыктыы, махтана, үөрэ көрсөллөрө туохха да тэҥнэспэт наҕараада.
Иитиллэн, үөрэнэн, кынаттанан тахсыбыт тапталлаах оскуолабыт 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн үөрэнэр дьиэтэ да суох буоллар, 2019 сыл сэтинньи ый бүтүүтэ бэлиэтээтэ. Ыраахтан-чугастан үөрэммит, үлэлээбит дьону түмэн, 100 сааһыгар кинигэ таһааран, инники былааны түстээн, оскуолабыт үлэлии олорор. Быйыл таас оскуола дьиэтэ тутулла турар, кэскиллээх үлэ күөстүү оргуйар. Саҥа оскуола сандааран, үөрэх-билии тэнийэн, дойдубут барахсан өссө үүнэ-сайда турдун!
Валентина КИСИЛЯХОВА,
Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия химияҕа учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна,
Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» пуонда стипендиата,
Дьокуускай куорат баһылыгын «Уопсастыба билиниитэ» гранын хаһаайката.
Сүрүн хаартыскаҕа: маҥнайгы учууталбыт Иван Петрович Ылаховтыын.