Учуонай Николай Ефремов: “Cаха тылын чинчийэр дьонтон наука саҥа дуоктардара тахсыахтарын баҕарабын!”

29.03.2020
Бөлөххө киир:

Кини аата өрөспүүбүлүкэ, дойду научнай эйгэтигэр  киэҥник биллэр.

Cаха омук тылын чинчийээччи, бөдөҥ учуонай  Николай Николаевич Ефремов — саха  тылын үөрэтиигэ биллэр-көстөр исписэлиис, 1995 сыллаахха Новосибирскайга М.И.Черемисина эрэдээксийэтинэн тахсыбыт «Саха тылын билиҥҥи литературнай тылын грамматиката.  2-с т. Синтаксис» саха тылын академическай грамматикатын биир сүрүн ааптара буолар. Кини 2  монография  ааптара, 4 кэлэктиибинэй монография  кыттыгас ааптара. Уопсайа 300-чэ научнай уонна научнай-популярнай үлэлэри бэчээттэтэн таһаарда.

— Николай Николаевич саха тылын синтаксиһын тутулун үөрэтиигэ дьоһуннаах кылаатын киллэрдэ. Ол эрээри, кини научнай интэриэһэ саха тылын синтаксиһынан эрэ муҥурдаммат, саха тылын атын түүр тылларын кытта тэҥниир,  биллиилээх учуонайдар үлэлэрин сырдатар,  фольклор тылын чинчийэр, кыраайы эмиэ үөрэтэр. Оттон 2005-2008 сылларга “Саха тылын улахан быһаарыылаах тылдьытын” туомнарын бэлэмнээн  бэчээккэ таһаарыыга   үлэлээбитэ. Саха тылын үөрэҕэр функциональнай грамматика түөрүйэтин киллэрсибит уонна салгыы сайыннара сылдьар учуонай буолар.

Итиэннэ үгүс ыстатыйаны Николай Ефремов төрөөбүт Амматын устуоруйатын, дьонун-сэргэтин, ол иһигэр бурдук ыһааччы Немчиновтар, Артемьевтар, Рогожиннар, Айаан тыраагар үлэлээбит Бушковтар,   биллиилээх этнограф, фольклорист В.Н.Васильев,  Социалистическай Үлэ Дьоруойа, академик Л.В.Киренскэй о.д.а. төрүттэрин үөрэтиигэ анаата. Кини – уопуттаах уһуйааччы, СГУ-гар  өр сыл саха тылыгар  лиэксийэ аахпыта, устудьуоннар дьупулуом үлэлэрин салайбыта. Билигин – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ аттестациялыыр судаарыстыбаннай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ. Улахан эрудициятынан, профессиональнай кыаҕынан уонна ураты үлэһитинэн, дьоҥҥо үтүө сыһыаннааҕынан  биллэр. Николай Николаевич — иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, икки уоллаах, улаатан эрэр сиэттэрин иитиигэ көмөлөһөр. Кэлэктиибигэр кинини олус сөбүлүүллэр. Бөдөҥ тюрколог-учуонай быһыытынан дойдуга, кыраныысса таһыгар дириҥник ытыктанар-убаастанар, диэн суруйар  биир идэлээҕин уонна биир дойдулааҕын туһунан филологическай наука дуоктара, А.И.Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай университет Хотугу норуоттар институттарын алтаай тылларын, фольклорун уонна литературатын кафедратын бэрэпиэссэрэ, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Амма улууһун Ытык киһитэ  Александр ПЕТРОВ Санкт-Петербург куораттан. 

Манна, өссө төхтүрүйэн эттэххэ, Николай Николаевич научнай чинчийиитин өссө биир өрүтүнэн саха фольклора буолар. Кини аатырбыт олоҥхоһут Т.В.Захаров-Чээбий,   С.А.Зверев-Кыыл Уола, о.д.а. айар үлэлэрин, олоҥхолорун, тойуктарын тылын  чинчийбитэ. Саха эпическэй нэһилиэстибэтин хомуйааччы В.Н.Васильевы, академик Э.К.Пекарскайы, о.д.а. эмиэ тумнубатаҕа. Николай Николаевич научнай үлэлэрин испииһэгэр Былатыан Ойуунускай, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, В.Г.Короленко, о.д.а.  айымньыларын сырдатар араас хайысхалаах  ыстатыйалар бааллар.

Сахалыы ааттарга — анал ыйынньык

Бу күннэргэ 70 сааһын туолбут СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ Николай Николаевич Ефремовтан, наукаҕа бастакы хардыылары оҥороругар кимнээх сабыдыаллаабыттарын, сөбүлүүр, интэриэһиргиир тиэмэлэригэр таба тайанан, ордук, сахалыы аакка анал ыйынньыгы оҥорууга  хайдах үлэлээн кэлбитин, уонна, биллэн турар, наукаҕа өссө тугу оҥорор баҕа санаалааҕын  туһунан ыйыталаспыппар, учуонай маннык хоруйдаата:

—Саха тылын чинчийээччи буоларбар оскуолаҕа, университекка, аспирантураҕа ылбыт билиим-көрүүм, улахан  учуонайдарга уһуйуллуум көмөлөспүтэ.  Онон, ытыктыыр учууталларбар Евгений Гаврильевич Афанасьевка, наукаҕа аартыгы арыйбыт бэрэпиэссэр Николай Демьянович Дьячковскайга, дассыан Михаил Андреевич  Чооруоһапка, уо.д.а. махталым муҥура суох.

Научнай үлэбин салайбыт уһулуччулаах учуонай Майя Ивановна Черемисина, саха тылын үөрэҕин сайыннарбыт улуу тюрколог Елизавета Ивановна Убрятова ааттарын мэлдьи дириҥ ытыктабылынан, барҕа махталынан ахтабын.  Институкка үлэлии кэлбитим кэннэ, салгыы үлэлиирбэр биллиилээх тыл үөрэхтээхтэрэ Евдокия Иннокентьевна Коркина, Петр Алексеевич Слепцов, Николай Егорович Петров, о.д.а.  күүс-көмө буолбуттара, дуоктарыскай диссертациябын суруйан көмүскүүрбэр суол арыйбыттара. Билигин институт салалтата саха тылын үөрэҕэ салгыы сайдарыгар бары усулуобуйаны оҥорор. Диссертационнай сэбиэт тэриллэн үлэлиир, научнай сурунаал тахсар.

2013-2014 сс. СӨ Инновационнай бэлиитикэҕэ уонна наукаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин сорудаҕынан ф.н.х. Багдарыын Ньургун Сүлбэ Уола, ф.н.х. Владимир Дмитриевич Монастырев буоламмыт икки тыллаах саха анал ааттарын ыйынньыгын оҥорбуппут. Бу үлэ 2012 сыл муус устар 25 күнүгэр СӨ Ил Түмэнин уурааҕынан ылыныллыбыт “О присвоении фамилии и отчества ребенку в соответствии с якутскими национальными обычаями при государственной регистрации рождения” диэн СӨ сокуонугар тирэҕирбитэ.

Биллэрин курдук, урут сахалыы аакка анал ыйынньык суох этэ. Ыйынньыкка  барыта 3 тыһыынчаттан тахса анал аат, араспаанньа киирбитэ. Олортон эр киһи аата  700-тэн  тахса, дьахтар аата 900-кэ, 1600-тэн тахса — араспаанньа. Ыйынньыгы оҥорорго араас матырыйаалы туһаммыппыт, туох-ханнык иннинэ — сир аатын үөрэтээччи М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ түмпүт матырыйаалын. Бэйэбит араас тэрилтэлэринэн, оскуолаларынан  сылдьан, ону тэҥэ  кинигэлэртэн, ыстатыйалартан,  архыыптан, дьонтон   эбии матырыйаал хомуйбуппут. Сахалыы анал ааты, аҕа аатын, араспаанньаны нуучча тылыгар таба суруйуу сүрүн быраабылаларын оҥорбуппут. Онуоха саха тылын төрүт фонологическай уратыларын учуоттаабыппыт. Холобур, Ньургун, Сардаана (сахалыытыгар сөп түбэһэр ааттар), Сюлбэ (сахалыытыгар чугаһатан; сахалыыта Сүлбэ), Сюргэл (Сүргэл), Тогус(Тоҕус). Аҕа аатыгар уола диэн тыл киирбитэ (Сүлбэ уола – Сюлбэ уола). Аҕа аатын нууччалыы суруйууга икки барыйааннаабыппыт: Айыы Сиэн кыыһа эбэтэр Айыы Сиэновна, Кэскил кыыһа (Кэскиловна), Сарыал кыыһа (Сарыаловна).

Быһаарыылаах тылдьыт тыл сайдыытыгар көмөлөөх

—Оттон Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар 2004-2018 сс. үс туому бэрийэн бэчээккэ бэлэмнээһиҥҥэ үлэлэспитим. Уопуттаах биир идэлээхтэрбин кытта бииргэ алтыһан,   тылдьыт ыстатыйаларын быһаарыы ымпыгын-чымпыгын билсибитим. Тылдьыкка үлэ уопута грамматиканы суолта өттүнэн чинчийиигэ көмөлөһөр.  Билигин  тылдьыт  туома барыта тахсан, саха тылын  үөрэҕэ салгыы сайдарыгар биир төһүү күүс буолан эрэр.

2018 сылтан институкка грамматика уонна диалектология сиэктэрэ арыллан, саха тылын грамматикатын функциональнай (араас ньыманан бэриллэр) категорияларын чинчийиигэ үлэлэһэбин. Үс кэлэктиибинэй монографияны таһаардыбыт. Билигин маннык категориялары  лиэксикэни кытта ситимнээн чинчийэбит. Онон тылдьыты туһанан, ону саҥалыы анааран,  грамматика систиэмэтин  үөрэтиини салгыы сайыннарабыт. Биллэрин курдук, наука саҥаттан саҥа төрүккэ олоҕуран истэҕинэ эрэ, тохтообокко сайдар. Урукку үгэс буолбут түөрүйэлэр научнай билии акылаата буолаллар, оттон саҥа научнай хайысхалар, ньымалар наука салгыы сайдыытын хааччыйаллар. Ону үөрэтэн,  чинчийэр матырыйаалга туһаныы  улахан көдьүүстээх.

Саха тылын үөрэтии тыл үөрэҕэ сайдыытыгар  туһалыыр.  Ол курдук биһиги  тылбыт атын түүр тылларыттан эрдэ арахсан, ураты суоллаах-истээх.   Онон түүр тылларын устуоруйаларын үөрэтиигэ көмөлөөх.  Билигин мин саха тылын чинчийэр дьонтон наука саҥа дуоктардара тахсыахтарын баҕарабын. Оччоҕо биһиги тылбыт үөрэҕэ  наука саҥа саҕахтарын арыйан, иннин диэки дьулурҕатык баран иһиэ.

ХХХ

Ити курдук, билигин Николай Ефремов РНА Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт саха тылын салаатыгар грамматиканы чинчийэр блогу салайар. Кини салалтатынан 4 кандидатскай үлэ көмүскэммитэ. Николай Николаевич  РНА СС Саха сиринээҕи научнай киинин  баазатыгар тэриллибит кандидатскай уонна дуоктарыскай диссертациялары көмүскүүр  диссертационнай сэбиэт бэрэссэдээтэлин быһыытынан үгүс өрүттээх үлэни ыытар. Институт таһаарар “Северо-Восточный гуманитарный вестник” научнай сурунаалын сүрүн эрэдээктэринэн буолар. 1992- 2008 сылларга М.К.Аммосов  аатынан ХИФУ (СГУ) дассыана, бэрэпиэссэрэ. Билигин – ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун эксээмэнниир уонна аттестациялыыр судаарыстыбаннай хамыыһыйатын  бэрэссэдээтэлэ.  Талааннаах, дьаныардаах учуонайы олоҕун биир бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлиибит, научнай-чинчийэр үлэтигэр саҥа ситиһиилэри баҕарабыт!

Ыспыраапка

Ефремов Николай Николаевич

1950 сыллаахха кулун тутар 21 күнүгэр Саха АССР Амма оройуонун Бөтүҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1968 с. В.Г. Короленко аатынан Амма орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1969-1971 сс. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. 1971 с. СГУ ИФФ саха салаатыгар үөрэнэ киирбитэ, 1976 с. туйгуннук бүтэрбитэ. Аспирантураҕа ылыллыбыта. 1981 с. «Саха тылын кэм  баһылатыылаах холбуу этиитэ” диэн тиэмэҕэ хандьытаат  диссертациятын, 1999 с. «Саха тылын элбэх предикативностаах  конструкциялара. Систиэмэтэ, тутула, семантиката” диэн тиэмэҕэ дуоктар диссертациятын  ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Москуба, Новосибирскай куораттарга научнай монографиялара тахсыбыттара.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0