Сочига буолуохтаах Ыччат уонна устудьуоннар XIX аан дойдутааҕы бэстибээллэригэр бэлэмнэнии үрдүк эппиэтинэстээхтик барар. Бу далааһыннаах киэҥ түһүлгэҕэ кыттарга, тэрийэр хамыыһыйа араас эйгэттэн ыччакка үтүө холобур буолар 18 уопсастыбаннай посолу талла. Бэҕэһээ “Сахамедиа” медиа-киинигэр аан дойдутаҕы ыччат түмсэр Түһүлгэтигэр саха норуотуттан илдьит дьону кытта көрсүһүү буолла.
Айтана АММОСОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Көрсүһүүнү Ыччат бэстибээлин регионнааҕы бэлэмнэнэр кэмитиэт уонна Ыччат миниистирин бастакы солбуйааччы Василина Лукина иилээн ыыттылар. “Бэстибээлгэ Саха сириттэн 150 саамай чаҕылхай ыччат кыттыыны ылыа, кинилэри таһынан 40 волонтер барсыаҕа. Билиҥҥи туругунан 400 кэриҥэ сайаапка киирдэ. Бэстибээлгэ кыттыан баҕалаахтар ыам ыйын 1 күнүгэр диэри www.russia2017.com сайтка регистрацияланыахтарын сөп. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит духуобунай, култуурунай, географическай баайын туоһулуур павильон оҥоруохтаахпыт. Бэстибээлтэн хас биирдии Арассыыйа региона омук дойдуларын кытта сибээс олохтуохтаах. Биһиги Монголияны уонна Соҕуруу Африка Лесототын кытта үлэлэһиэхпит”, — диэн Василина Лукина иһитиннэрэр.
Көрсүһүүгэ илдьит дьонтон «Сыл бастыҥ волонтера-2016» аат хаһаайына, волонтер Антон Васильев, спорду сырдатар суруналыыс, “Спорт Якутии” хаһыат таһаарааччы эрэдээктэрэ Николай Бястинов, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар боппуруостарын уонна Арктика дьылаларын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Гаврил Менкяров, суруналыыс Анна Фомина-Миронова, «D.E.T.S.A.T» айар холбоһук резиденэ Степан Порядин, мас-ретлиҥҥа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Сергей Фролкин, бодибилдиҥҥа (WFF) аан дойду чөмпүйүөнэ Александр Гренадеров кыттыыны ыллылар.
Ыччат бэстибээлин илдьит дьонун сүрүн сыалларынан-соруктарынан бэстибээл суолтатын дьоҥҥо тиэрдии, ыччакка иһитиннэрии буолар.
ЫСПЫРААПКА:
XIX төгүлүн ыытыллар Аан дойдутааҕы ыччаттар уонна устудьуоннар бэстибээллэрэ алтынньы 14-22 күннэригэр Сочи куоракка ыытыллыаҕа. Бу бэстибээл Арассыыйаҕа үсүһүн буолар, бу иннинэ 1957 уонна 1985 сыллардаахха Москваҕа ыытыллыбыта.
Бэстибээлгэ 150 омук дойдутуттан 20 000 киһи кыттыыны ылара күүтүллэр. Биир былаһааккаҕа араас эйгэттэн эдэр лидердэр түмсүөхтэрэ: ыччат НКО-тун бэрэстэбиитэллэрэ, суруналыыстар, айар үлэһиттэр, спортсменнар, инженердэр, ыччат тэрилтэлэрин салайааччылара, үөрэх кыһаларын уһуйааччылара, устудьуоннар хамсааһыннарын лидердэрэ, учуонайдар уо.д.а. Маны тэҥэ, омук дойдутугар олорон нуучча тылын үөрэтээччилэр уонна чинчийээччилэр мустуохтара.
Ааспыт сыл ахсынньытыгар регионнааҕы бэлэмнэнэр кэмитиэт тэриллибитэ. Бэстибээлгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар 150 ыччат кыттыыны ылыаҕа.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru