Таксистар ортолоругар түүҥҥү сырыыларга көстөр араас дьулаан кэпсээннэр баар буолаллар. Бииктэр күһүн, ардах ыаҕастаах уунан кута турдаҕына, сакаас ылан сүүрэ сылдьыбыт. Арай көрдөҕүнэ, баһыттан атаҕар диэри дэлби сытыйбыт биир дьахтар куоластыы турар эбит. Хайыаҕай, төһө да ыксыы санаатар, санаата батарбакка тохтообут.
— Үтүө киэһэнэн! Миигин, баһаалыста, Бүлүүлүүр суол хайысхатынан даачаларга илдьиэҥ дуо? — диэн чопчу аадырыһын эппит. Суол килэрийэн, эчи, халтархайа, хараҥата сүрдээх үһү.
— Бачча самыырга, хараҥаҕа хайдах маннык соҕотох сылдьаҕыный? — Бииктэр сөҕөн, аргыһын көрө-көрө, — чэ, аа-дьуо айанныахпыт, — диэбит.
Саҥата-иҥэтэ суох даачалар диэки айаннаан испиттэр. Бииктэр сиэркилэнэн дьахтары элэс көрөн аһарбыта, сүрдээх кырасыабай, мааны көстүүлээх эбит, ол эрэн хайдах эрэ туохтан эрэ олус мунчаарбыт курдук, биир сири тобулу көрөн иһэрэ. Сыыйа туох эрэ сытыйбыт курдук эрээри, эмиэ да киһи сүрэҕин эрийэр минньигэс сыт саба биэрбит. Бииктэр дьиктиргии санаан: «Даачаҕа ыттаргын аһатаары эт илдьэн эрэҕин дуо?» — диэбитин дьахтара суох диэн, баһын быһа илгистибит. Сыт кэлэрэ улам хойдон күүһүрбүт, хата, дьахтар ыйбыт аадырыһыгар чопчу, субу тиийэн кэлбиттэр. «Мин билигин тахсыам», — диэт, бырайыаһын төлөөбөккө тахсан барбыт. Бииктэр чаас аҥаарын кэриҥэ массыынатыгар күүтэн олоро сатаан баран, таһырдьа тахсыбыт. Даача ханан да уота суох, хабыс-хараҥа курдуга, өссө калитка отой да хатыылаах, тугунан эрэ эриллэн турар эбит. «Хайдах-хайдах баҕайыный?» — диэн, бу ким да олорботоҕо ырааппыт, өтөхсүйбүт даачатыттан тыас хомуна охсор.
Дьиэтигэр кэлэн, суунан-тараанан, кыбыс-кытаанахтык утуйан хаалар. Арай түһээтэҕинэ, эп-эдэр уол эбит, били үөрэххэ киирбит сылыгар курдук, Аммаҕа хортуоска хостуу сылдьаллар. Элбэх оҕо ортотугар Бииктэр диэки сып-сырдык күөх харахтарынан бааһынай кыыс, оҕолор ааттыылларынан, Оля, Леля көрөн олорор курдуга…
Сарсыарда уһуктаат, түүлэ бу баардыы көстөн кэлэн, Бииктэр өрдөөҕүтэ, отучча сыллааҕыта, Аммаҕа сылдьыбыттарын санаан кэлбитэ…
Устудьуон буолбут оҕолор олохтоох ыччаттардыын билсиһэн, киэһэ ахсын көрү-нары көҕүлүттэн туталлара. Уопсай бииргэ сылдьан оонньууларыттан ураты туох да суоҕа, дьиҥэр. Оччолорго «тройка», «белки и орешки» оонньуулары салгыбакка оонньууллара. Устудьуоннары атаарар киэһэҕэ Бииктэр Олялыын иккиэн бииргэ хаамса түспүттэригэр кыыс начаас уол иэдэһигэр сыста түһэн ылаат, куотан хаалбыта… Ол, арааһа, эдэр саас аан бастакы нарын иэйиитэ буоллаҕа.
Кыһын, үөрэнэ сырыттаҕына, ол Оля кимтэн эрэ кини аадырыһын булан, истиҥ-иһирэх ахтылҕан тыллардаах суругу суруйбут этэ да, Бииктэр хардарбатаҕа, ол кэмҥэ таптыыр кыыстаах этэ. Дьэ, онтон ыла үгүс сыл-хонук аастаҕа буолуо, Оля туһунан букатын истибэт этэ.
«Хайдах-хайдах баҕайыный, тугуй бу?» — дии санаан, сарсыныгар Бүлүүлүүр суолунан бэҕэһээ киэһэ айаннаабыт даачаларын диэки барбыта. Били бэҕэһээ тохтообут дьиэтигэр чопчу кэлэн, сырдыкка, дьэ, өйдөөн көрбүтэ, икки этээстээх улахан дьиэ эбит. Түннүктэрэ хаптаһынынан сааллыбыттар, калитка тимиринэн кыбыс-кытаанахтык эриллэн хатанан турар. Биир тылынан, киһи олорботоҕо быданнаабыт дьиэтигэр кэлэн турарын, эбиитин бэҕэһээнҥи дьахтар айыы киһитэ буолбатаҕын бигэтик өйдөөн, тымныы уунан саба ыстарбыттыы, этин сааһа аһыллан, массыынатыгар киирбитэ… Бу түгэни биир да киһиэхэ кэпсээбэккэ, санаатын көстүбэт ситимнэригэр кистээн кэбиспитэ. Ол оннук ааспыта.
Биирдэ ол даачалар эргин кэргэнин кытта отоннуу барбыттара. Били дьиэ аттынан ааһан иһэн, ол ааспыт түбэлтэни өйдөөн кэлбитэ. Лената: «Көрүүй, оол дьиэҕэ били хас да сыллаахха сүппүт дьахтар олорбут үһү дии. Оҕонньоро кэлин Украинаҕа барбыт диэбиттэрэ, МВД үлэһитэ, өйдөөбөккүн даа?» — диэбитэ. Ленка ол саҕана криминалиһынан үлэлии сылдьыбыта, кырдьык даҕаны, кини итинник түбэлтэлэри барытын билэр, өйдүүр. «Ол дьахтар, ити даачатыттан тахсан баран, көстүбэтэх этэ. Амма кыыһа диэбиттэрэ, хаартыскаҕа бааһынай көрүҥнээҕэ, ким эрэ, ээ, Ольга диэн быһыылааҕа, дьэ, өйдөөтүм», — диэн кэргэнэ кэпсии олорбута. Бииктэр сирэйдиин-харахтыын уларыйан хаалбыта уонна уруулун куорат диэки салайбыта, өр сылларга кэпсээбэккэ сылдьыбытын Ленатыгар кэпсээбитэ. «Ленкаа, мин ол кыыһы, Амма кыыһа Оляны, Леляны билэр этим», — диэн кэпсээнин саҕалаабыта…
«Иччилээх кэпсээннэр» батсаап бөлөҕүттэн.