Убайым тиһэх күһүнэ. Харах уулаах салют

Ааптар:  Захар Никитин
13.08.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Бу аҕыйах хонуктааҕыта биир киһини кытта билсэн, эн-мин дэһэн, ирэ-хоро кэпсэтэ олорон: «Хас сыллааххыный?» — диэн ыйыппар киһим: «1974»,  — диэн хоруйдаата. Бэйэм саастыы, эбэтэр балыс буолуо диэн таайа олорон, «74 сыллаахпын» диэнтэн бөтө бэрдэрбитим…

1974 — улахан убайым төрөөбүт сыла… Оҕо эрдэхпиттэн дьону кытта билсэрбэр тоҕо эрэ убайым төрөөбүт сыла, кини сааһа миэхэ бэлиэ, кээмэй курдук…

Ээ, убайбыттан аҕа эбит… Убайым саастыы эбит…Убайбыттан балыс… ити курдук… Устудьуоннуу сылдьан убайым саастыы уолаттары кытта билсэрим. Сорох дьон мин убайбынаан эт саастыы эрээрилэр, олус оттомо суохтарыттан, кыра оҕо курдуктарыттан муодаргыырым…

74 сыллаах, эдэр да сааһыгар барбыт… Бу күн сырдыгын көрбөтө олус да кыһыылаах уонна абалаах… Саастыылаахтарын курдук олох үөһүгэр, айа-тута, оҕолоруттан үөрэ-көтө сылдьар буоллун арай, кинилэр курдук, итинник эдэрдии…Ол суох, табыллыбат. Ыыт убайгын. Сүрэххэр тутума. Дьылҕа…Оҥоһуу… Бу сыллар тухары  итинник тыллары, сүбэлэри үгүстүк да истэн кэллим…

Убайым миигиттэн түөрт эрэ да сыл аҕа буоллар, кыра эрдэхпиттэн кинини аҕам курдук ылынар этим. Мөҕөрө, хайгыыра барыта орун-оннугар буолара. Убайым барахсан аҕыйах ый иһигэр көрдөрбүтүнэн суох буолбута. Барыта хайдах саҕаланна этэй?… Мин оччолорго улууспар культура салайааччытабын. Тохсус Маай. Улуус дьоно монумеммытыгар түмсэн улуу бырааһынньыгы бэлиэтээн бүтэн, тарҕаһан эрэбит. Арай, саҥаһым эрийэр: «Оппуонньа ыарыйда… Эмтэммэт курдук этэллэр…» Мин үрүт-үрдүгэр: «Хайдах оннук буолуой? Ким, туох диирий? Диагноһын хаартыскаҕа түһэрэн ыыт»,— диэтим…  Санаабар ол хаартысканы өр да өр күүттүм. Тыыным тиийбэт курдук. Төлөпүөммүн тутан баран туора-маара хаамыталыы сырыттым… Дьэ кэллэ… Адаарыччы суруллубут буочары ааҕан, «гуглга» көрдөтө сатаатым да, тугу да өйдөөбөтүм. Арба, манна улуус кылаабынай бырааһа баарын санаан, кинини көрдүү сүүрдүм. Телефоммун көрөн, чочумча саҥата суох турда… «Бииргэ төрөөбүт убайыҥ дуо», — диэн иккистээн дуу, үһүстээн дуу ыйытта. «Олох уһаатаҕына сыл, эбэтэр сыл аҥара», — диэтэ… Уонна: «Кырдьык, эмтэммэт ыарыы», — диэтэ.

Мин телефоммун хайдах ылбыппын өйдөөбөппүн, ону-маны хос-хос ыйыттым быһыылааҕа. Киһим эппитин этэ турар. Дьон быыһынан дьиэм диэки былдьастым, муҥ саатар монумент, уулусса барыта толору киһи. Ким эрэ кэпсэтэ сатыыр, ким эрэ тугу эрэ ыйытар. Оттон мин санаабар  дьиэбэр эрэ ыксыыбын… Кыбартыырам аанын арыйаат, хаалтыспын устаат, ис испиттэн айманным…Хайдах оннук буолуой? Хайдах? Тоҕо кини??? Тоҕо? Кыаллыбат диэн суох… Син биир биһиги кыайыахпыт…Быраастар билбэттэр… Алҕас буолуо… Итинник санаалар төбөбүттэн отой арахпатылар.

Аҕыйах хонон баран куораттаатым. Убайым барахсан кыратык ырбыт уонна хараарбыт курдук. Муус маҥан тиистэрэ кэчигирээн, мичээрдээбитинэн көрүстэ. Туох да буолбатаҕын курдук олус истиҥник кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдээтибит. Убайым соккуойа ураты минньигэс, туустаах-тумалаах, киниэнэ тута биллээччи. Кыра уол баракаастарын кэпсэтэ-кэпсэтэ күлүстүбүт. Мин ол олорон өйүм-санаам саҥаспынаан кэпсэппит киһи диэн. Быыс-арыт булан, кистии-саба ыйыталастым. Бу дьиэҕэ саамай дьоллоох дьоннор — бырааттарым, барахсаттар, күн кыһалҕата суох сонуннара, кэпсээннэрэ элбэх. Эргитэ сылдьан сыры-сырылаччы сыллаталаатым,  кинилэр курдук оҕо буолан баран убайбынаан сайылыкпыт устун үрүҥ күнү батыһа атах сыгынньах сүүрэкэлии сылдьыбыт киһи баар ини диэн бэрт улаханнык баҕара санаатым. Убайым хоннорон ыытаары көрдөһө сатаата да, ыксыыр аатыран барда.

Ол баран быраастарын буллум. Бары дьиппиэн, сүгүн-саҕын ону маны быһаарбат дьон буолан биэрдилэр. «Ыарыыта олус улахан. Эпэрээссийэ да, туох да көмөлөспөт» диэнтэн атыны хардарбаттар. Санаабар Кореяҕа эрэ эрэл баарын курдук санаталаатым. Биир доҕорум кэргэнэ көмөлөһөн, сүүрэн-көтөн докумуоннарбын ыыттыбыт. Ыарахан күннэр, кэмнэр саҕаланнылар… Убайбар сирэйигэр эппиттэр курдук… Балыыһаҕа уон хонноро-хонноро таһааран иһэллэр…

Биирдэ олус ыксааммын, киирэн быраастарыгар улаханнык айдаарыстым: «Муҥ саатар, санаатын көтөҕөн албыннаан, үчүгэй буолуоҥ диэн этиҥ», — диэн көрдөстүм. Арай биир быраас миэхэ этэр: «Туох эрэ магнитнай аппараакка сытыарыахпытын сөп, төлөбүрдээх», — диир. Миэхэ ханан эрэ күн сардаҥата тыкпытын курдук буола түстэ: «Көмөлөһүө дуо?» — диэн ыйыттым. «Туох да диэн этэр кыаҕым суох, саҥа үөрэтиллэ сылдьар», — диэтэ.

Тимирэн эрэр дьон хайыахпытый, сөбүлэстим уонна: «Убайым санаатын көтөх, эрэллэ үөскэт», — диэ көрдөстүм. Саҥаспынаан бу ыарыылаахтар эйгэлэригэр эргиччи киирэн хааллыбыт, ким ханна хайдах ыалдьарын, ким төһө өр барбытын барытын кэриэтэ билэр буоллубут. Аны бэйэбитин да араас дьон буулаан бардылар, араас пластырьдары, БАДтары, эмптэри атыылыыр дьон элбээтилэр… Саҥаһым барахсан итэҕэйэн ылан иһэр… Харчы уу курдук барар… Иэстээх дьонум ааттара блокнотум илииһигэр элбээтэр элбээн иһэр, сороҕор ону көрүөхпүн да туттунабын…Үгүс тойон аанын тоҥсуйан Москваҕа запрос оҥотторбутум эмиэ аккаас диэн буолла….Кореяттан эмиэ аккаастанна…

Ол ахсын убайбар ууну-хаары кэпсээн, санаатын көтөҕө сатаан араастаан бары албынныыбын… Киһи бу ыарахан кэмҥэ түбэстэҕинэ эрэнэриҥ эрэ бэйэҥ дьонуҥ, ойууттарыҥ, удаҕаттарыҥ, эмчиттэриҥ буолаллар эбит… Син элбэх киһиэхэ сырыттыбыт… Биирдэ убайбын аралдьыта диэн ыраах улууска эмчиккэ барыах диэн хаайдым. Киһим, хата, сөбүлэстэ. Икки убайдарбынаан, үс бииргэ төрөөбүттэр айаннаатыбыт. Убайым барахсан ордук үһүөн айанныырбытыттан үөрэр, сүргэтэ көтөҕүллэр быһыылааҕа. Иннибитигэр уһун суол. Олох суолун устун эмиэ маннык өйөнсөн уһуннуук-уһуннук айаннаабыт киһи баар ини диэн санаа миигиттэн арахпат. Эмчит көрдө уонна үөһүҥ туолбут, үчүгэй буолуоҥ диэтэ.

Быраастар сыыһа эмтии сылдьаллар эбит диэн түмүктээтэ. Убайым барахсан хараҕыттан уу тахсыар диэри үөрдэ. Биир кэм дьиэлиэххэ да дьиэлиэххэ диэн хаайда.  Үһүөн үөрэ-көтө массыынабытыгар олордубут, айаннаан иһэн санаам буолбата…»Тохтоо эрэ» диэн баран эмчиккэ дьиэтигэр хат сүүрдүм, киирэн «Хайдах да үөс буолбатах, уһаабат диэн этэллэр. Хайдах буолабын», — диэн ыйытыыбар, хайыһан да көрбөтө, «Этэҥҥэ дьиэлээҥ» эрэ диэтэ.  Убайым буоллаҕына тоҕо иккистээн киирбиппин ыйытан суолу биир гына сулуйда. Ону: «От чэйдэрин төһөнү кутары ыйыттым», — диэн хардаран иһэбин. «Кырдьык үөһүм, үөһүм эбит» диэн санаата көтөҕүллэн ахан эргиллибиппит…

…Куоракка биир да балыыһа ылбакка, убайбын Майа балыыһатыгар таһааран киллэрдим. Киһим хайа да быраастааҕар ыарыытын барытын билбит, телефонугар интэриниэтинэн барытын үөрэппит, билигин бу стадияҕа сылдьабын, сотору маннык буолуом, онтон оннук буолар эбиппин диэн көрдөрөр… Ол онно көстөр хаартыскалар амырыыннар… Биирдэ уун-утары көрөн олорон: » Мин өлөөрү сылдьабын дуо?»- диэн ыйытан ууга-уокка түһэрдэ. «Дойдубут дьоно тоҕо миэхэ харчы хомуйалларый? Тохтот, хомуйбатыннар», — диэн сүбэлиир икки, сэмэлиир икки ардынан эттэ. «Миэхэ наһаа кэлимэ-барыма. Хата, куоракка ыҥырар буоллахтарына киир, сөбүлэс. Иккиэн чугас олоруохпут. Чэ, дьиэлээ, маамаҕа мээнэ тугу да кэпсээмэ», — диэхтээтэ. Ардыгар, аны, убайым бэйэбин уоскутар курдук.

Куоракка көһөн киирдибит. Хата доҕоттторбут ыҥыран икки хостоох дьиэлэригэр сааланы баһылаан, быстах кэмҥэ диэн олохсуйдубут. Хам-түм убайбар сылдьабын. Саҥа үлэҕэ киирэн бириэмэм туохха да тиийбэт курдук. Служебнай квартира биэриэх буолбуттара, күннэрэ-дьыллара уһаатар уһаан иһэр. Улуустан киирбит киһи куоракка билбэтим-көрбөтүм элбэх…

Арай биир күн табаарыһым кэргэнэ эрийдэ. Корея биир клиниката ылар буолбут диэн. Оо, онно үөрдэхпиэн. Харчытын эрэ кыаммыт киһи, балайда улахан суума эрээри, барарга эрэл, тыыннаах хааларга соҕотох тыын курдук этэ… Билэр-билбэт дьоммунан, тэрилтэбинэн барытынан сүүрдүм… Ааннар бэрт эрэйинэн аһыллаллар, ол курдук ыараханнык сабыллаллар. Сорох-сорохтор приемнаабат да буоллулар… Убайым Кореяттан ыҥырыы тутан баран бастаан олус да үөрбүтэ. Онтон кэлин «отой барбаппын» дииртэн атыны билбэт буолбут этэ…  Аахтаҕа, хасыһан биллэҕэ-көрдөҕө…

Ити кэмнэргэ ити интэриниэти, онно баар форумнары олус да абааһы көрбүтүм, убайбын онтон хайдах харыстыахпын сатаан билбэт этим… Биирдэ биир хаартынан таайар көрбүөччүгэ тиийдим. Көрбүөччүм: «Убайыҥ бу балаҕан ыйыгар барыыһык», — диэн туруору этэн кэбистэ. «Тоойуом, Кореяҕын эҥин тохтот. Онтон өлүгү аҕаларыҥ өссө ыарахан буолуо», — диэтэ. Мин итэҕэйбэтэҕим, ылыныахпын баҕарбатаҕым… Ол эрэн, көрбүөччү таһаарбыт кириэс тоҕуһа — «бу балаҕан ыйа» диэн этиитэ кулгаахпар хатанан хаалбыта, хаартыта харахпыттан сүппэтэҕэ . «Ама, хайдах оннук буолуой… Бүтүн киһи дьылҕата, олоҕо итинник биир хаартынан быһаарыллар дуо?!» Барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ буолан, бу ыган кэлбит күһүн тыыммын-быарбын хаайара, сүрэхпин бобута тутара.

Түүн утуйбакка, күнүс аһаабакка убайбын хайдах гынан тыыннаах хаалларабын эрэ диэн толкуйга түспүтүм… Күһүҥҥү көстүү, хагдарыйыы убайым бүтэһик күннэрин курдуга… Аара суолга арыгыһыттары, бомжтары көрдөхпүнэ биирдэ бэриллэр олохторун кэбилии сылдьалларыттан кыйаханарым. Оттон мин убайым олоххо тардыһыыта уостан синигэр түһэн, киһи билбэт гына уларыйбыта… Санаа, санаа… Киһи санаа кулута. Убаай, ыһыктынан кэбиһимэ дуу, убаай, тулуйа сатаа, барыта уруккубут курдук буолуо. Күлэ-үөрэ көрсүөхпүт, уһун да уһун дьоллоох олох бастыҥын олоруохпут. Оҕолорбут улааталларын көрүөхпүт, сиэннэрбитин көтөҕүөхпүт… Убаай, тулуй дуу, тостума, туруулас…

Киэһэлик телефонум тыаһаата, саҥаһым эрийэр: «Оппуонньаны скорайынан балыыһаҕа аҕаллыбыт, хаан бөҕө барда», —  диэтэ. Мин хап сабар саҥата-иҥэтэ суох таҥынным, доҕорум кэннибиттэн батыста, киэһээҥҥи тымныы куорат устун уку-сакы, хаамар икки, сүүрэр икки ардынан ыксыы-ыксыы, тыын былдьаһыгынан балыыһаҕа сүүрдүбүт…. Санаабар түргэнник тиийдэхпинэ убайбын быыһыах дуу, абырыах дуу курдукпун. Кэлбиппит убайбын сыгынньахтаан тэлиэскэҕэ сытыарбыттар. Саҥаһым ытыы-ытыы аттыгар тураахтыыр. «Убаай, убаай, Оппуой», — дии-диибин илиитин туппутум…  номнуо тымныйбыт, хараҕа өспүт, ыарыыттан, олохтон, албынтан сылайбыт, тугу да баҕарбат, уостубут, мин билбэт киһим сытара… Атыҥыраабытым, убайбын манныгын ылыныахпын баҕарбатаҕым…

«Молодой человек, вы мешаете нам, освободите помещение», — диэт икки санитар хоннохторум анныттан соһон таһааран баран, тимир ааны ыы муннубар тыастаахтык сабан кэбистилэр… Саҥаһым, доҕорум, мин… Үһүөн көрүдүөргэ балай эмэ саҥата суох турдубут… Санаабар, аттыгар буоллахпына көмөлөөх курдукпун. Онно да өр туруорбатылар, көрдөһөр икки, үүрэр икки ардынан «босхолооҥ» диэн таһаардылар.

Куорат күнэ буолан үөрбүт-көппүт дьон уулуссаны толору, болуоссакка — салют… Салюту харах уулаах көрдүм, халлааҥҥа харбыалаһар дьэрэкээн уоттартан убайбын тыыннаах эрэ хаалларыҥ диэн көрдөстүм. Телефоммун араарбакка эрэ утуйар-утуйбат икки ардынан арааһы саныы, билэр-билбэт таҥараларбыттан, айыыларбыттан ааттаһа, көрдөһө сыттым… Түүн ортото төлөпүөнүм тыаһаата. Саҥаһым эрийэн ытыы-ытыы:»Оппуонньа барда…», — диэтэ. Мин уубар аҥаарыйа сылдьан маҥнай: «Ханна?!» — диэтим. Онтон дьэ өйдөөн, саҥа таһаарбакка сымыһахпын быһа ыстаатым, сүрэҕим тэбиитин, тыыммын тэҥнии сатаатым, кими да уһугуннарбатах киһи… халыйбыт хараҕым уутун сатаан тохтоппотум… Кэргэним аттыбар, оҕолорум сиргэ хоонньоһон утуйа сыталлар.

Дьоллоох Дьокуускай куорат, тоҕо эн миигин маннык тыйыстык көрүстүҥ?… Ийэбэр хайдах барытын этэбин? Хаһан сарсыарда буола охсор… Убайбын ол тымныы дойдуттан ыла охсон дойдулуо эбиппит…. Ыар ыарыы убайбар ыам ыйыгар биллэн баран, балаҕан ыйын ортото, баара-суоҕа 38 эрэ сааһыгар илдьэ барбыта… Чугас киһиҥ ыарыйдаҕына хантан да көмө суох буолар эбит, көмүскэтэриҥ эрэ көмүскэҥ уута, харыстатарыҥ эрэ хараҕыҥ уута… Ыарыһах уонна кини аймахтарын, доҕотторун «ыар буруйун» курдук… Умнаһыт курдук, бииртэн биир киһиттэн, тэрилтэттэн көрдөһө-ааттаһа сүүрэҕин… Манныкка түбэспит эрэ дьон билэн эрдэхтэрэ, ОЛОХ диэн хайдахтаах курдук күндүтүн!

Тыыннаах, этэҥҥэ ыалдьыбакка күнү көрөр, дьон-сэргэ ортотугар сылдьар диэн ДЬОЛ буоллаҕа, онтон атын дьиҥэ, туох да наадата суох эбээт… Олох олоро сатыыр кыбыстыы да, буруй да буолбатах. Манныкка түбэспит дьоҥҥо элбэх көмөлөһөр кииннэр суохтара хомолтолоох. Киһи күнэ-ыйа ыйыллыбыт да буоллаҕына, эрэлин сүтэрбэккэ, ыһыктыммакка, ыт оҕотун курдук быраҕыллан хаалбакка туһааннаах көмөнү ылан, кылгас да кэм иһигэр киһи-киһи курдук олороругар кыах, күүс, өйөбүл буолар,инникигэ эрэли үөскэтэр сирдэр хайаан да наадалар….Ол ыарахан кэмҥэ тирэх буолбут чугас дьоммор махтанабын, кыра да сүбэ, өйөбүл олус туһалыыра…Быйыл убайым барахсан баара буоллар 45 сааһын бэлиэтии, үөрэ-көтө олорор буолуох этибит…Киһи бүгүн баар, сарсын суох, биирдэ бэриллэр олоххутун таптааҥ, харыстааҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1