Убаҕас оттук оннугар гаас конденсата

Ааптар: 
26.07.2017
Бөлөххө киир:

ОДьКХ ГУП тэрилтэтэ хоту улуустарга быйылгы сылга 395 429 т былааннаммыт оттук-энергетическэй ресурсатын тиэрдиэхтээх.

 edersaas.ru

 Таһаҕас түөрт өрүһүнэн тиэрдиллэр: Өлүөнэ (Булуҥ улууһа — Тикси, Күһүүр); Халыма (Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Аллараа Халыма улуустара), Индигирка (Аллайыаха, Абый, Муома улуустара), Дьааҥы ( Дьааҥы, Эбээн Бытантай улуустара).

Тиэйиллэр таһаҕас: таас чох, убаҕас оттук (нефть), гаас конденсата).

 Быйылгы таһаҕаһы уунан таһыы туһунан СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар Госкэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Жан БУРЦЕВ быйылгы навигацияҕа туох сонун сүүрээн киирбитин бу курдук билиһиннэрдэ:

Быйылгы уу суолунан таһаҕаһы тиэйии сүрүн уратыта — убаҕас оттугунан (нефть уонна гаас конденсата) хааччыйыы схемата уларыйда. Убаҕас оттугунан хааччыйар “Иирэлээхнефть” САУо туолуута уустук ирдэбили туруоран, “ЯТЭК” ААУо кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, убаҕас уматыгы гаас кондесатынан солбуйдубут. Онон гаас конденсатын кээмэйин 12 961 т 34 236 т тиийэ элбэттибит. Маны таһынан, 2012 сылтан ыла тохтоон турбут ньыма сөргүтүлүннэ. Ол курдук, уунан айан бастакы тууругар Дьааҥы өрүс устун чоҕу уонна убаҕас оттугу “Дьааҥы өрүс пароходствота” ХЭУо тиэйдэ. Онон бу айан сырыыта кэлиҥҥи сылларга да туттуллуоҕа.

Быйылгы навигация үбэ кэмигэр көрүллэн, уунан айаҥҥа үлэлиир дьоҥҥо барыларыгар хамнас тута төлөнө турар. Бу бэс ыйыгар “Сбербаан” ПАО тус сыаллаах коммерческай кирэдьиити биэриитин түмүгэр ситиһилиннэ. Атырдьах ыйыгар тус сыаллаах бюджетнэй кирэдьиитинэн туһаныахпыт.

Арктическай навигация атырдьах ыйын бастакы декадатыгар саҕаланыаҕа.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0