Быйыл илин эҥэр улуустарга хаар халыҥ буолан, Дьөһөгөй оҕотугар — сылгыга күчүмэҕэйи үөскэттэ.
edersaas.ru
Аны хаар сотору-сотору түһэн, көхсүлэрин хаара эмиэ халыҥыыр. Сүөһүлээх-сылгылаах дьон дьиэҕэ олорор кыахтара суох, үлэлииллэригэр, сылгыларын көрөргө-истэргэ тиийэллэр. Онон саас бу кэмигэр сылгылаахтар түбүктэрэ элбиир. Сылгыларын бэрийэн, ырыгыннаабыты эбии аһатан, атын хаһыыга көһөрөн күн биллибэккэ ааһар.
Аны кыстаабыт убаһаны бэчээттээн, үөргэ холбуурга бэлэмнээһин — эмиэ бу кэмҥэ. Мэҥэ Хаҥалас, Өлөчөйүгэр ини-бии Конон, Петр Брызгаловтар табаарыстарын Александр Аргуновы көмөлөһүннэрэн, убаһаларын бэчээттээтилэр. Уолаттар туттуу-хаптыы түргэнэ, сылбырҕалара!
Маны барытын көрөн турар убайдарын, миигин олуһун астыннардылар. Петр Брызгалов кулуннарын бэчээттээн бүтэрээт, атын ыҥыырдаан, аны алааска турар атыыр үөрүн аһата тиэтэйдэ.
Онтон төннөн кэлэн, аны сүөһүлэри хотонҥо киллэрии, оһох оттуутун бүппэт үлэтэ…
Тыа сирэ барахсан маннык төһүү үлэһит Эр хоһууннардаах буоллаҕына, олох салҕанар диэн бүк эрэнэҕин.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru анаан Зиновий ИГНАТЬЕВ,
Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.