Уһун суһуох – саха кыыһын киэргэлэ

Ааптар: 
02.07.2022
Бөлөххө киир:

Өҥүрүк куйаас Сахабыт сиригэр сатыылаан турар күннэригэр күүтүүлээх ыһыахпыт буолан ааста. Туох да бэрткэ барда, хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх киһи ыһыахтаата быһыылаах, айаннаан тиийэр суолбут кэҥэтиллибитин үрдүнэн, хас эмэ чааһы быһа сыыйан тиийбиппититтэн көрдөххө.

edersaas.ru

Иккис күн оҕолорбуттан хаалан оптуобуһунан төнүннүм, син миэстэҕэ тиксэн олордум эрээри, эдэр кыыс баттаҕар эриллэн, кыратык моһуогуран ыллым. Ыһан кэбиспит баттаҕа, аһаҕас түннүк салгыныгар үрдэрэн уһун суолу быһа сирэйбин кымньыылаан биэрдэҕэ үһү. Тулуйа сатаан баран, санныга аргыый таптайан: “Тоойуом, баттаҕыҥ миигин моһуоктаата, саха кыыһа суһуоҕун өрүнэн сылдьыахтааҕын туһунан истибэт этиҥ дуо?” — диэн. «Билэбин», — диэн кэҕис гынна. Өһүргэнэн силбиэтэммэтэ, онтон эр ылан аргыый аҕай сибигинэйэ былаастаан салгыы эттим: «Тулаҕар араас эниэргийэ баар, ону ыһыллыбыт баттаҕыҥ хомуйан ылан бэйэҕэр иҥэриэ эбээт, онтон сэрэнэриҥ буоллар бэрт этэ», — диэтим.

Төрүкү да бэлиэтии көрөбүн, саха кыргыттара арҕааҥы омуктары үтүктэн, хап-хара баттахтарын өрбөккө ыһан сылдьаллара биһиэхэ барбат көстүү диэн. Соторутааҕыта саха тэлэбиидиэнньэтин ханаалыгар А.П. Старостина — Сайыы Кута кыыс суһуоҕун туһунан дириҥ ис хоһооннооҕу кэпсээбитэ, ол устуу хатыланара буоллар элбэх кыргыттар көрөн-истэн суһуохтарын хомуна соҕус сылдьыахтара эбитэ буолуо. «Тоҕус былас суһуохтаах…” — диэн Туйаарыма Куону мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар — улуу олоҥхоһут өбүгэлэрбит, кыыс оҕо киэргэлэ буоллаҕа, субуллар уһун суһуох. Оннооҕор ынах кутуруга уһун буоллаҕына, кэрэтийэн көстөр ээ.

Саха кыыһа барахсан суһуоҕун биир дуу, икки дуу гына өрүнэн баран хааман иһэрэ чахчы да олоҥхо кэрэ Куотугар майгынныыр ээ, ону өйдөөбөккөлөр арбайан сылдьаллар, сорохтор омук быһыытынан уратыбытын туора сотон, олох да кугас, араҕас гына кырааскалаан сылдьаллара төрүт да киэргэппэт. Соторутааҕыга диэри суһуох уһунугар күөн күрэстэр буолаллар этэ, ол уота-күөһэ умулунна дуу, хайдах дуу. Бу хаартысканы көрөн үөрүҥ, манньыйыҥ, кыыс оҕону уһун суһуох хайдахтаах курдук тупсарарын, киэргэтэрин болҕойуҥ.

Наталья МОРДОВСКАЯ — Уйан Кут.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1