Саҥа дьыл уһун өрөбүллэригэр оҕолор сүрэҕэлдьиир диэн тугун билиэ суохтаахтарын туһунан исписэлиистэр этэллэр.
Кырдьыга да, төрөппүттэрин кытары остуол хотойорунан астаах остуолтан турбат эбэтэр күнү быһа гаджет, көмпүүтэр «доҕордоох» оҕолорбутун хайдах аралдьытабыт?
Исписэлиистэр маннык кэмнэргэ оҕолор туохха да кыһаллыбат, ээл-дээл буолбаттарын туһугар элбэхтик таһырдьа күүлэйдииргэ, мусуойдарга сылдьарга уонна кинигэ ааҕарга сүбэлииллэр. Төрөппүттэр үс сүрүн сүбэни тутуһаннардаххытына, оҕолоргут туһалаах сынньалаҥ диэн тугун билиэхтэрэ.
Холобур, оҕолоргутун кытары күүлэйдии сылдьан, кинилэр интэриэстэрин күүһүрдэн, үөрэх тиэмэтигэр кэпсэтиэххитин сөп.
Мусуойдарга, хартыына галереяларыгар сылдьыы туһаттан атыны аҕалбат. Аймах билэ дьону кытары төлөпүөнүнэн, скайпынан эрэ билсибэккэ, оҕолоргутун илдьэ аймахтарга тиийэн, атах тэпсэн олорон истиҥник, эйэҕэстик сэһэргэһии оҕолоргут дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин ылыналларыгар холобур буолуоҕа.
Саҥа дьыл өрөбүллэригэр дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны үтүө үгэскэ кубулутуҥ. Онуоха кинигэни социальнай ситимнэртэн буолбакка, дьиҥнээх кинигэни тутан олорон ааҕар улахан суолталаах.
Бу, омос көрдөххө, бары билэр уонна судургу сүбэлэри туһаннахха, оҕолор уһун өрөбүллэрэ туһалаахтык ааһарыгар саарбахтааһын суох. Сүрүнэ -– оҕолоргутун дьиэ кэргэн сылаас эйгэтигэр төнүннэриэххит.
Ону таһынан бу сылдьан оҕо араас кэтээн көрүүлэрин, тус санааларын блокнокка эбэтэр тэтэрээккэ сурунуон наада.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru