Уһун кыһыҥҥа эрэллээх, сылаас оһоҕу хайдах талары исписэлиис сүбэлиир 

Ааптар: 
30.09.2018
Бөлөххө киир:

Сунтаартан төрүттээх Дьокуускай куорат олохтооҕо Владимир Никифоров гааһынан уонна ититии боппуруоһунан 1996 сыллаахтан ыла дьарыктанар. Итиинэн, уунан, гааһынан хааччыйыыга баай уопуттаах инженери (кини маҥнай Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн, мэхээнньик-инженер идэтин ылбыта) көрсөн, кэтэх дьиэлээх, гаас оттуктаах ыал кыһыҥҥы ыйдары хайдах хочуолунан туоруура ордук табыгастаах, көдьүүстээх буолуоҕун туһунан сүбэлииригэр көрдөстүм. 

 Ыскаап курдук эркиҥҥэ ыйанара ордук 

 Владимир Никифоров, бастатан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр киэҥник тарҕаммыт, дьиэ эркинигэр ыскаап курдук ыйанар, дьаһымыр кээмэйдээх, дьон сөбүлээн ылар омук оһохторун ааттаталыыр: “Риннай” (Соҕуруу Кэриэй), “Бакси” (Италия), “Бош” (Германия). Ол гынан баран, кэлиҥҥи сылларга “Бакси” хочуол саппаас чааһа олус ыарахан сыаналаах буолан, дьон тэйэ быһыытыйбыт итиэннэ атыылыыр тэрилтэлэр даҕаны аанньа аҕалбат буолбуттар. Балартан, Владимир Лукич бэлиэтииринэн, саппаас чааһа чэпчэкитинэн, киэҥник тарҕаммыттара уонна биһирэнэллэрэ – «Риннай».  

Хочуол иккис көрүҥэ – дьиэ муостатыгар туруоруллар. Бу бөлөххө “Лемакс”, “Атон”, “Очаг”, о.д.а. дойду иһигэр оҥоһуллан тахсар хочуоллар киирэллэр. “Балары, үгэс курдук, эргэ систиэмэлээх ыаллар ылаллар. Оттон саҥа дьиэлээхтэр эркиҥҥэ ыйанар хочуоллары атыылаһа сатыыллар”, — диир инженер уонна туох ордуктааҕын ыйар: бииринэн, эркиҥҥэ ыйанар оһох элбэх миэстэни ылбат, куукунаҕа даҕаны ыйыахха сөп, иккиһинэн,  муостаҕа туруоруллар хочуолга гаас быраабылатын ирдэбилэ атын. Хайаан даҕаны 2 х 2,5 миэтэрэ иэннээх туспа тутуу эрэйиллэр. 

Баҕар, сорохтор эркиҥҥэ ыйанар хочуоллар сыаналара быдан ыарахан дии саныыр буоллахтарына – улаханнык сыыстараллар. Холобурга, «Риннай» ортотунан 40 тыһ. солкуобай сыаналаах буоллаҕына, дьиэ муостатыгар туруоруллар оһох 28 тыһ. солкуобай сыаналаах. Омос көрдөххө, кырдьык, ыарахан. Ол эрээри, эбии атыылаһарыҥ элбэх: носуос, расширительнай баах уонна саамай сыаналааҕа – буруо тахсар турбата. Инньэ гынан, түмүгэр, муостаҕа туруоруллар хочуол сыаната өрө көтөн тахсар.  

 Сиирэ – кыра, кэмчилиирэ – улахан 

Владимир Никифоров сүүрбэттэн  тахса сылы  быһа хочуол ырыынагар орооһон, биэс тарбаҕыныы курдат билэр. Онон мөккүһэр даҕаны туһата суох. Кини быһаарарынан, «Риннай» хочуол дьоппуон технологиятынан оҥоһуллар, Соҕуруу Кэриэйгэ собуот арыйбыттар. Арай, уратыта диэн — дьоппуоннар хочуолу таһырдьа туруоран үлэлэтэллэр эбит, ону кэриэйдэр үөлэстээн биэрбиттэр.  

Эркиҥҥэ ыйанар хочуол гааһы сиирэ быдан кыра. Оттон муостаҕа туруоруллар оһох төлөбүрүгэр эмиэ ороскуоттаах буолан тахсар эбит. Оһох сылааһы аллараттан анньарыгар  элбэх энергия ороскуоттанар. Ол иһин, кэлиҥҥи сылларга тыа сирин ыаллара омуһах хаһан, “самотек” диэн ньыманы туттубат буолбуттар. Бары носуоһу тутта сатыыллар. Итиэннэ аныгы ыаллар 100  кв. миэтэрэттэн итэҕэһэ суох  иэннээх дьиэни туттар буоланнар, носуос көмөтө суох табыллыбаттар. Носуос гаас оттугу туһаныыны 20-25 бырыһыаҥҥа тиийэ кэмчилиир. 

 Ыал олоҕун-дьаһаҕын чэпчэтэр суол 

 Сорохтор “электричество уота араарыллар түбэлтэтигэр хайдах буолабыт” диэн саарбахтыахтарын сөп. Аныгы үйэҕэ ыал үксэ носуоска көстө диэтибит. Уот бардаҕына бесперебойник (ИБП) диэн тэрил үөдүйдэ. Аккумулятортан уонна преобразовательтэн турар. Саамай чэпчэкитэ 16 тыһ. солкуобай сыаналаах. Уопуттаах инженер бигэргэтэринэн, кэлиҥҥи кэмҥэ ыал күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын чэпчэтэргэ туһуламмыт технология биһиги тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр даҕаны киирэн эрэр.  

«Эбийиэккин хонтуруоллуургар GSM модем туруортараҕын— диир Владимир Лукич. – Бэйэтэ SIM-калаахсмартфоҥҥар СМС ыытаруот барбытын-кэлбитиндьиэ иһинээҕи температураны, радиатор сылааһын көрдөрөрОну таһынан эбии датчик туруордаххына, эн суох кэмҥэр дьиэҕэр ким киирбитин-тахсыбытын «кэпсии» турар. Маннык тэрили ханна баҕарбыт сиргэр – дьиэҕэргаражкар — туруораҕынбэйэтэ уокка холбонор блоктаахСуотабай сибээс хабар сиригэр барытыгар үлэлиирОнонТаилаҥҥа да сылдьандьиэҥ хайдах турарын билэр кыахтанаҕын».  

Ону таһынан GSM көмөтүнэн үлэҕэр, тыаҕа сылдьан эбэтэр санаторийга сынньана сытан, носуоскун, холодильниккын, чаанньыккын, о.д.а. электрическэй тэриллэри араарыаххын-холбуоххун, ол эбэтэр дьиэҕин-уоккун ыраахтан араҥаччылыы, дьиэ кэргэҥҥэр куттал суоһаабатын хааччыйа сылдьыаххын сөп эбит.  

 Киһиэхэ хорук тымырын кэриэтэ 

 Инженер Владимир Никифоров кэлиҥҥи кэмҥэ эркиҥҥэ ыйанар хочуоллар үлэлэрин хааччыйар сервис тэриллибитин кэпсиир. Маннык өҥөнү “Сахатранснефтегаас” АУо исписэлиистэрэ уонна

аҕыйах ИП оҥороллор. «Риннай» хочуол оҥоһуута судургу буолан, кэбэҕэстик ыраастаныллар. Тыа сиригэр тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах киһи бэйэтэ даҕаны ыраастыан, оҥостуон сөп.  

Дьиҥэр, хочуол барыта үчүгэй. Киһиэхэ хорук тымырын кэриэтэ, ититии систиэмэтэ хайдах оҥоһуулааҕа элбэҕи  быһаарар. Тыа сирин ыаллара сыыйа металлопластик (армированнай полипропилен)  ситимҥэ көһөн эрэллэр. Тимир турбатааҕар быдан табыгастаах: саахал таҕыстаҕына эбэтэр систиэмэ  табыллыбатаҕына, кыһыннары өрөмүөннүөххэ сөп. Өссө өйдүөххэ наада – чугууннааҕар алюминий радиатор сылааһы тутара үс төгүл ордугун. Ити гынан баран, исписэлиис аһара чэпчэки сыаналааҕын сырсыбаккытыгар сүбэлиир: чэпчэки чэпчэки курдук, сотору кэминэн тэстэн бадьыыстыы сылдьыа.   

“Бу дьыалаҕа быһаарсыбат киһи сурунаал тэринэрэ ордук, — диир Владимир Лукич. – Онно хочуол мааркатын, уунан эбэтэр антифриһинэн сылытылларын, оттук ыйдааҕы ороскуотун, туох үлэ хаһан ыытыллыбытын, ууну (антфриһи) хаһан эбии куппуккун, салгыны хаһан таһаарбыккын, уот арахса сылдьыбытын барытын бэлиэтэнэн иһихтээххин. Исписэлиис кэлэн үлэлииригэр оннук иһитиннэрии улахан көмөлөөх буолар”.  

Манна эбэн эттэххэ, Саха сирин ыаллара «сылаас муостаны» биһирээн эрэллэр. Электрическэйдээҕэр ититии систиэмэтиттэн пластик турбалары тардан оҥостор ордук. Смеситель туруоран, муоста сылааһын 25-45 кыраадыс икки ардынан сүрүннүүр кыахтанаҕын. Маннык сылытынарга улахан энергия ороскуоттаммат. Оҕо муостаҕа сылдьарыгар, кырдьаҕас дьон сүһүөҕэр олус абыраллаах ньыма. Аан дойдуга саамай уһун үйэлээх дьоппуоннар мээнэҕэ айбатахтара чахчы. 

 

Европаҕа итиини  105 бырыһыан туһаналлар 

 Түмүккэ “ГаасБойлер” маҕаһыын дириэк­тэрэ Владимир Никифоров олох сайдыытынан уонна күһэйиитинэн, Европа судаарыстыбалара — Германия, Дания, Швеция, Австрия конденсатнай хочуолу оҥорон, тэнитэн, гаас оттук КПД-тын муҥутуурдук туһанарга туруммуттар. Оттугу кэмчилиир ыалларга ити судаарыстыбалар бырабыыталыстыбалара компенсация төлүүллэр эбит.  

Судургутук быһаардахха, оһох үөлэһин сыгынньах илиигинэн тутаҕын. Аныгы “Риннай” хочуолларга урукку 150 кыраадыс итии оннугар 60 кыраадыс сылааска диэри түһэрбиттэрин иһитиннэрдэ. Салгынтан  уу конденсата тахсарыгар сылаас (энергия) үөскүүр. Ол үөскээбит сылааһы гаастан тахсыбыт сылааска эбэллэр. Оччоҕуна КПД-та 105 бырыһыантан тахсар. Онон оҥоһуллар итиини, халлааны «сылыппакка», муҥутуур көдьүүстээхтик туһаныы ситиһиллэр. Биһиги, аан дойдуга саамай тымныы сиргэ олорор дьон, ити кирбиигэ талаһыах тустаахпыт.

  Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

Хаартыскаҕа: Владимир Никифоров

  

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0