УҺУН ҮЙЭЛЭНИИ КИСТЭЛЭҤЭ

23.08.2019
Бөлөххө киир:

Ытык кырдьаҕастар: “Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ бары өттүнэн чэгиэн буолууга, эти-хааны чэбдигирдиигэ, өйү-санааны эрчийиигэ сытар”, — дииллэр.


ОЛОХ КИСТЭЛЭҤ “ХАППАХЧЫТА”

Былыргы быраастар, бөлүһүөктэр “киһи этин-хаанын эрчийбэккэ, быччыҥнарын үлэлэппэккэ чэгиэн буолар кыаҕа суох” диэн суруйаллар. Греция бөлүһүөгэ Платон хамсаныыны “медицина эмин быстыспат сорҕото”, историк Плутарх “олох кыладабыайа” диэн сыаналаабыттарын Н.А. Агаджанян, П.А. Петров “Биһиги эппит-хааммыт сорох кистэлэҥ күүстэрин туһунан” кинигэҕэ бэлиэтээн тураллар.

ААН ДОЙДУНУ АНААРЫАҔЫҤ

USA Today бэлиэтээбитин көрүөҕүҥ.

ЯПОНИЯ

Японияҕа 2017 сыллаахха 2 мөлүйүөн киһи 90 сааһын ааспыт. Холобур, Тие Мияко 117-гэр, Фукуока куорат олохтооҕо Кейн Танака 115-гэр тиийбиттэр. Хоккайдо кырдьаҕаһа Масазо
Нонака 113 сааһын туолбут.

Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) күн киирбэт дойдутугар эр дьон ортотунан 81,1, дьахталлар 87,1 саастарыгар тиийэллэр диэн бэлиэтээбит.
Туох кистэлэҥнээхтэрий?
Сэрэйбиккит курдук, сибиэһэй аһылык. Дьоппуоннар балыгы, тофуну, муора араас үүнээйитин, хаппыыстаны сөбүлүүллэр.

ШВЕЙЦАРИЯ

Швейцарияҕа эр дьон ортотунан 81,2, дьахталлар 85,2 саастарыгар диэри олороллор. Кистэлэҥнэрин сорҕото туохханый? Учуонайдар: “Соҕотохсуйуу доруобуйаҕа буортулаах”, — дииллэр. Бу дойду олохтоохторо санааларын үллэстэр, астына сэһэргэһэр чугас дьонноохторо уопсай туруктарыгар дьайарын бэлиэтииллэр. Сорох чинчийээччилэр: “Сакалааты
таптыыллара үйэлэрин уһатар”, – дииллэр. Суоттаан көрүүлэринэн, биир киһиэхэ сылга 19,8 фунт сакалаат тиксэр үһү.

ОТТОН БИҺИГИ, АРАССЫЫЙАЛАР?

Уһун үйэлээхтэринэн Арассыыйа аан дойдуга бүтэһик кэккэҕэ баар. Ол гынан баран, Саха сирэ уһун үйэлээхтэринэн Арассыыйаҕа үс бастыҥ көрдөрүүлээххэ киирсэр.
Дьэ, уһун үйэлэнэрбитин туох мэһэйдиирий? Итиннэ академик И.Павлов «Бэйэбит бэрээдэгэ суохпутунан, тус бэйэбитин кыайан көрүммэппитинэн, сатаан туттуммакка ыга аһыырбытынан үйэбитин кылгатабыт” диэн хоруйдаабыта баар. Геронтолог-учуонайдар сөптөөх хамсаныы-имсэнии, хаамыы, олоҕунан дуоһуйуу баар буоллаҕына, киһи олоҕо уһуурун ыйбыттар.

ҮЙЭБИТИН ХАЙДАХ УҺАТАБЫТ? 

Азербайджаҥҥа 152 сыл олорбут Махмуд Эйвазов уһун үйэлэнии кистэлэҥин маннык араарбыт: эрчиллиилээх эт-хаан, чөл ньиэрбэ, үчүгэй майгы-сигили, сөптөөхтүк аһааһын, күннэтэ үлэ диэн.


РФ Биэнсийэҕэ пуондатын Саха сирин салаата сылларынан маннык чахчылары биэрбитин көрүөҕүҥ.
2016 сыллаахха СӨ үрдүнэн 270 605 биэнсийэлээх баар эбит.
80 саастаахтарга оҕонньоттор ахсааннара – 582, эмээхситтэр ахсааннара – 1 385.
90 саастаахтарга оҕонньоттор — 55;  эмээхситтэр — 197.
100 уонна онтон үөһэ саастаахтарга оҕонньоттор ахсааннара — 4; эмээхситтэр ахсааннара -8.
2017 сыллаахха  СӨ үрдүнэн 273 653 биэнсийэлээх бэлиэтэммит.
80 саастаах оҕонньоттор ахсааннара — 712, эмээхситтэрахсааннара – 1 573.
90 саастаахтарга — оҕонньоттор ахсааннара — 83;  эмээхситтэр ахсааннара — 244.
100 уонна онтон үөһэ саастаахтарга — оҕонньоттор — 2; эмээхситтэр — 6.
2018 сыллаахха СӨ үрдүнэн 276 187 биэнсийэлээх баара бэлиэтэнэр.
80 саастаах оҕонньоттор ахсааннара – 697, эмээхситтэр – 1 505.
90 саастаахтарга  оҕонньоттор ахсааннара — 73;  эмээхситтэр ахсааннара — 269.
100 уонна онтон үөһэ саастаахтарга оҕонньоттор — 3; эмэхситтэр — 8.


ЫТЫК КЫРДЬАҔАСТАРБЫТ СҮБЭЛЭРЭ

ҮЛЭТТЭН ДЬОЛЛОНУҤ, ҮЙЭҔИТИН УҺАТЫҤ

Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгэр олорор Дьоруой Ийэ, тапталлаах эбээ, хос эбээ Екатерина Васильевна Адамова 94 саастаах. Кини билигин да от мунньар, ас астыыр, кинигэ ааҕар, хос сиэннэрин көрсөр. Ытык кырдьаҕас ааҕааччыларбытыгар сүбэтин тиэрдэр:

—Холкуоска, сопхуоска үлэ бөҕөтүн үлэлээбит киһибин. Атынан, оҕуһунан от-мас тиэйэрбит. Кыраны да буоллар бултаан, сир астаан үссэнэрбит. Кэлин нэһилиэк сэбиэтин сэкирэтээринэн, дьахталлар кэмитиэттэригэр үлэлээбитим. Чөл олох иһин хамсааһыннары оҥорорбут.
Билиҥҥи үйэҕэ дьон олоҕун төһө баҕарар тупсарар, доруобуйатын көрүнэр кыахтаах.

*Күнү быһа бэйэ холунан көрөн хамсаныҥ, үлэлээҥ. Таах сытартан туһа тахсыбат.
*Арыгыны иһимэҥ, табаҕы тардымаҥ.
*Холку майгыланыҥ, киэҥ көҕүстэниҥ. Уһуну-киэҥи толкуйдааҥ. Ыгымсыйартан үчүгэй тахсыбат.
*Бэйэ сибиэһэй аһылыгын аһааҥ. Сир аһын туһатын
умнумаҥ. Былыр биһиги кураан былдьаабатаҕына, хаптаҕаһы саахара суох сиирбит. Кыһыҥҥы тымныыга тулуктаһарбытыгар ол көмөлөстөҕө.
*Күн-дьыл уларыйыытынан көрөн, сөптөөхтүк таҥныҥ. Биһиги тымныыбыт хабырын умнумаҥ.

Мин тэттик сүбэм итинник. Эдэрдэргэ усулуобуйа баар, судаарыстыба көмө, өйөбүл бөҕөтүн оҥорор. Онон үөрэ-көтө сылдьыҥ, үчүгэйи ыралааҥ.

СУДУРГУТУК АҺААҤ, ЭЛБЭХТЭ ХАМСАНЫҤ

Дүллүкү олохтооҕо (Үөһээ Бүлүү), Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар сураҕа суох сүппүт буойун огдообото Елена Федоровна Евдокимова от ыйын 1 күнүгэр 101 сааһын туолбут . Кэргэнин кытта 1941 сыл от ыйын 14 күнүгэр холбоспуттарын, тапталлаах доҕоро атырдьах ыйыгар Ийэ дойдутун көмүскүү барбытын кэпсиир. Елена Федоровна сыралаах
үлэтэ сыаналанан, 1947 сыллаахха Сталин мэтээлинэн аҕатын кытта тэҥҥэ наҕараадаламмыт.
Кэлин олоҕун оҥостон, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, күндү эбээтэ, хос эбээтэ буолан, билигин көмүс чыычаахтарын тапталларынан угуттанар.


—Эһээм 104, аҕам 96, ийэм 94 саастарыгар диэри олорбуттара. Ийэм тииһэ бүүс-бүтүн этэ. Мин аска-үөлгэ хаппырыыһым суох. Бэйэ аһын-үөлүн, судургутук буһарыллыбыты ордоробун. Минньигэһи сиэбэппин, кэлии аска чугаһаабаппын.

Доруобуйам кыратык мөлтөөн-ахсаан ыллаҕына, киэһээтин аһаабаппын. Эрэсииминэн сылдьарбын сөбүлүүбүн. Арыгыга, табахха үйэлээх сааспар чугаһаабатаҕым. 90-мун ааһыахпар диэри ас астыырым, дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөрүм. Хайдахтаах да үлэттэн туора турбатах киһибин.
Хаһыат ааҕааччыларыгар чэгиэн буоларга бэйэҕит кыһаллыҥ диэн сүбэлиибин. Сып-сап курдук туран-олорон, үлэни-хамнаһы кэмигэр бүтэрэн иһиҥ. Мөҕүттэ, кыыһыра сылдьымаҥ. Дьону куолулаамаҥ, үчүгэй өрүттэрин көрүҥ. Мээнэ иирсимэҥ. Үлэттэн толлумаҥ, сүрэҕэлдьээмэҥ. Киһи хайаан да хамсаныахтаах.

Аҕам Федор Иннокентьевич Чуллурҕааһап 90-нун ааһыар диэри оттообута. Ийэм Варвара Герасимовна биир оннук, үлэлээн букунайа сылдьар буолара. Дьонум барахсаттар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, өйөһөн эйэ-дэмнээхтик олорбуттара. Онон эһиги эмиэ бары эйэ-дэмнээх буолуҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0