Күүстээх саха дьоно былыр бэйэлэрин биллэрбэккэ, киһиттэн чорбойбокко олорон ааһаллара. Оҕо эрдэхтэриттэн дьон быһа этиэ диэн төрөппүттэрэ да такайан иитэн эрдэхтэрэ.
Хатылыга Уһун Дьөгүөр диэн ааттаах, балачча күүстээх эрээри онтун улаханнык биллэрбэтэх киһи баар. Олохтоохтор кини күүһүн туһунан сөҕөн кэпсээччилэр. Дьөгүөр аҕыйах эрээри, ыллыктаах тыллаах, ылыннарыылаах саҥалаах эбитэ үһү. Уҥуоҕунан миэтэрэ тоҕус уонча сантиметрга чугаһыыр үрдүктээх, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх киһи этэ дииллэр. Кырдьан өлүөр диэри көнөтүк тутта сылдьарын уларыппатах. Ол да иһин дьоно Уһун Дьөгүөр диэн ааттаатахтара.
Ити Попов Егор Сидорович күүһүн туһунан Хатылы олохтоохторо манныгы кэпсииллэр. Биирдэ саас аймахтарыгар элбэх киһилээх бырааһынньык буолбут. Онтон-мантан дьон бөҕө мустубут. Уһун Дьөгүөрү кытта утаа-сабаа уҥуохтаах, эдэр күөгэйэр күнүгэр сылдьар, үрдүкү ыйааһыҥҥа республика биир биллиилээх, тарбахха баттанар тустууга аһара аһаан баран күүһүмсүйэн турбут: “Миигин кытта тутуһуохха айылаах ким баарый?”—дии-дии ону-маны тоҕута тардан боруоктаһаары гыммытыгар, Дьөгүөр оҕонньор туох да саҥата суох түүрэ харбаан ылан кыбынан кэбиспит уонна сүрдээх холкутук туттан таһырдьа тахсан барбыт. Киһитэ аан холуодатыттан атаҕынан тэбинэн, илиитинэн тардыһан көрбүт да, оҕонньор билинэн көрбөккө тоҕо дьүккүйэн хаама турбут.
Дьөгүөр ытыһа киһи ытыһыттан адьас ураты, күрдьэх саҕа эбитэ үһү. Тарбахтара биир оннуктар. Ону кини кыбыстан дуу, хайаан дуу кумуччу тутта сылдьара дииллэр. Олохтоохтор улахан атах таҥастаах киһини көрдөхтөрүнэ, билигин даҕаны саҥа аллайа түһэллэр: “Уһун Дьөгүөрү утумнааччы биһиэхэ да баар эбит дуу!” — диэн. Дьөгүөр атаҕа көннөрү киһи атаҕыттан таһыччы улахан эрээри, бэйэтин бөдөҥөр сөп түбэһэр курдуга. Илиитин, атаҕын тыҥырахтара олус халыҥ уонна кытаанах буоланнар, ханнык да кыптыый хоппот эбит. Онон эдэр эрдэҕиттэн сытыы быһаҕынан элийэн кырыммыт.
Сылгыны кыайан туппатахтарына, Дьөгүөрү ыҥыраллара. Дьөгүөр сылгы тахсар ааныгар баҕанаҕа сөрүөстэн туран тутуллуохтаах сылгыны сиэлиттэн харбаан ылла да ыыппата эбитэ үһү. Сылгы тириитэ быһыта баран хаан оҕуолуура, онон сылгы ыарыытыттан бэринэн туран биэрэрэ дииллэр.
Кини 1902 сыл от ыйын 1 күнүгэр күн сирин көрбүт. Икки саастааҕар аҕата Сиидэр өлбүт. Өлөксөөһө диэн ийэтигэр иитиллибит. Өлөксөөһө оҕотун маачаха аҕа сөбүлүө суоҕа, эрэйдиэҕэ диэн оҕотун туһуттан хат кэргэн тахсыбатах. Ол иһин кинилэри Өлөксөөһөр диэн ааттыыллара.
Дьөгүөр кыра эрдэҕиттэн ыарахан үлэлэргэ харса суох үлэлээбит. Кэлин “Кыһыл партизан”, “Кыһыл ыллык” колхозтар чилиэннэрэ. Сыыйа улаатан, уһаан испит. Кырдьыар диэри арыгыны олох амсайбатах, табаҕы тардыбатах. Уон алта сааһын туолуута аттынааҕы алааһыттан бэйэтиттэн икки сыл балыс кыыһы кытта доҕордоспут. Ийэтэ Өлөксөөһө холбуурга, ыал оҥортуурга санаммыт. Кинилэр ыал буолар эҥин диэни олох билбэттэрэ үһү. Онон эмээхсин ол кыыһы сокуоннай сааһын ситиэр диэри атаҕар илдьэ сыппыт уонна сааһын туолбутун кэннэ дьэ уруу оҥорбут.
1943 сыллаахха Дьөгүөр армияҕа ыҥырыллыбыт. Онтон доруобуйата мөлтөөн 1944 сыллаахха төннөн кэлбит. Армияҕа барарыгар икки оҕолоох эбит. 1947 сыллаахха мэтээл ылбыт. Уопсайынан үлэтин иһин элбэх мэтээллэрдээх эбит. Дьөгүөрдээх уонтан тахсата оҕоломмуттарыттан 7-тэ тыыннаах хаалбыттар, билигин 5 оҕо баар. Кини эмээхсинин кытта 62 сыл биирдэ да этиспэккэ, тыл-тылларыгар киирсэн, сүрдээх эйэлээхтик олорбуттар. Дьөгүөр үөрэҕэ суох киһи. Эмээхсин өлбүтүн кэнниттэн 3 сыл буолан баран, 82 сааһыгар өлбүт.
Оскуолаҕа барар суолум кытыытыгар кыра уола Попов Егор Егоровичтаах дьиэ-уот туттан олороллор.
Үүйэ Попова, Хатылы орто оскуолатын үөрэнээччитэ, Чурапчы.
17.04.2001 с.
“Саха сирин былыргы күүстээхтэрэ” кинигэттэн ылылынна.
Уруһуй: интэриниэттэн ылылынна