Уһук Илини сайыннарыыга саайтка киирэн санааҕытын үллэстиҥ

Бөлөххө киир:

Олунньу 18 күнүттэн https://xn--2025-f4dl.xn--p1ai/ порталга киирэн, Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо Уһук Илини сайыннарыыга бэйэтин санаатын суруйуон уонна платформа атын туһанааччыларын этиилэрин көрүөн, өйүөн сөп. Куоластааһын рейтинэ Уһук Илини 2025 сылга диэри сайыннарыы Национальнай бырагырааматын түстээһиҥҥэ быһаччы сабыдыаллыан сөп.

edersaas.ru


Манна киирэн араас тематическай блоктарынан экология боппуруостарыгар, өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай былаас уорганнарын үлэтин тупсарыыга бэйэҕит санааҕытын үллэстиэххитин сөп. Нэһилиэнньэ этиилэрин муус устар 1 күнүгэр диэри хомуйуохтара, балтараа ый иһигэр номнуо 15 000 этии киирдэ, онтон Саха сирин сайыннарыыга — 3027.

Киирбит этиилэри РФ Общественнай балаататыгар көрүөхтэрэ. Саайтка киирэн, дойдубут сайдыытыгар туох санаалааххытын суруйарга регистрацияланыахха наада Онно олорор сиргитин, төлөпүөҥҥүт нүөмэрин, туох идэлээххитин, хас сыллаахха төрөөбүккүтүн ыйаҕыт. Биир киһи порталга хаста да киирэн, төрөөбүт нэһилиэгин, улууһун, куоратын тупсарыыга туох санаалааҕын тиэрдиэн син.

Уһук Илини 2025 сылга, кэлин 2035 сылга диэри сайыннарыы Национальнай бырагырааматын  торумнарын 2019 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри оҥоруохтара. Бу бырагыраамаҕа национальнай бырайыактар, Уһук Илин сайдыытын стратегията киириэхтэрэ. Сүрүн болҕомтоҕо – дьиэ-уот тутуута, ОДьКХ, тырааныспар сырыыта, доруобуйа харыстабыла, култуура, успуорт, экэниэмикэ, наука хайысхалара бааллар диэн иһитиннэрэр РФ Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэ пресс-сулууспата уонна СИА.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0