РФ президенэ Владимир Путин Анал этиитигэр Уһук Илин регионнары сайыннарыы Американы кытары хаҕыс сыһыаммытыттан үөскээн тахсыбыт тэрээһин буолбакка, национальнай интэриэс уонна аан дойдуга биир суолталаах хайысха буоларын ыйда.
«Билигин аан дойду экономикатыгар биһиги Кытайы кытары үлэбит улахан суолталанна. Мин санаабар, Россия уонна Кытай бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһан үлэлэһиигэ аан дойдуга холобур көрдөрөбүт», — диэн эттэ уонна Илиҥҥи экономическай форумҥа этиллибит олоххо киириэхтээҕин бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, быйыл биһиги региоммут бу Илиҥҥи экономическай форумҥа сүүрбэттэн тахса инвестиционнай бырайыагынан кыттыбыта. Биэс бырайыакпыт инвестордары кытары ыкса кэпсэтиигэ тэриллибит анал былаһааккаҕа ырытыллыбыта.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1