Уһук Илини сайыннарыы бырагыраамата оҥоһуллар

Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ федеральнай бырабыыталыстыбаҕа Уһук Илин 2024 сылга диэри сайдыытын бырагырааматын үс ый иһигэр оҥорон киллэрэргэ сорудахтаата. Бырагыраамаҕа киһи олоҕун уһатыы, нэһилиэнньэ көһөн барыытын тохтотуу, төрөөһүнү элбэтии, олох таһымын үрдэтии сүрүн сыалынан буолаллар.

edersaas.ru

Ол түмүгэр, киһи олоҕун орто уһуна өссө 5 сыл уһуохтаах, үлэлиир саастаах дьон өлүүтэ 35% намтыахтаах. 2035 сылга диэри Уһук Илин эрэгийиэнэ экэниэмикэ сайдыытынан, нэһилиэнньэ олоҕун таһыма тупсубутунан Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһарыахтаах. Манна доруобуйа харыстабылын уонна үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэлэрэ быһаччы үлэлэһэллэр.

Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр туох ситиһиилээҕий, бу хайысханан туох үлэ барарый? Сүрүн ситиһиинэн киһи орто сааһа уһаан, 73 сылга тиийбитэ буолар. Бу Уһук Илиҥҥэ бастыҥ көрдөрүү буолар.

2019 сыллаахха аан бастаан “Доруобуйа харыстабыла” хайысханан 8 эрэгийиэннээҕи бырайыак, “Демография” хайысханан 2 бырайыак үлэлээн саҕалаабыттара. Кэнники сылларга үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу элбээн иһэр. Ааспыт сылга 7 тыһыынча киһи маннык көмөнү ылар кыахтаммыта. Тэҥнээн көрдөххө, 2015 сыллаахха 4,9 тыһыынча киһи көмөнү ылбыта.

Чэпчэтиилээх эмтэринэн хааччыйыыга былырыын 860 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. 190 тыһыынчаттан тахса киһи бу көмөнөн туһаммыта.

Искэн ыарыыларын утары охсуһуу” бырайыак чэрчитинэн, Дьокуускайга 3, Мииринэй, Алдан, Нерюнгри, Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар амбулаторнай искэн кииннэрэ үлэлээтилэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи искэн диспансерыгар 158 мөлүйүөн солкуобайга анал тэрил ылыллан, 3700 киһи эмтэннэ.

Сылга 156 тыһыынча киһи диспансеризацияны ааста.

2019 сылга 10 саҥа биэлсэр-акушер пууна аһылынна. Быраас ахсаана эбиллэн, 5008 киһи үлэлии сылдьар.

Онкологическай диспансер онкоклиническэй киинин 2-с уочарата тутулла турар. 180 миэстэлээх стационардаах, поликлиникалаах буолар, 2023 сылга тутуллан бүтүөхтээх. 150 миэстэлээх кардио-тымыр киинэ 2021 сылга тутуллан киириэхтээх. Нерюнгрига оҕо поликлиниката өрөмүөннэниэхтээх. Өрөспүүбүлүкэҕэ 13 оҕо поликлиниката 129 мөлүйүөн солкуобайга анал тиэхиникэнэн хааччылынна. “Оскуола мэдиссиинэтэ” хайысха сайдан эрэр. Баатаҕайга поликлиникалаах, 30 куойкалаах оҕо отделениета уонна терапевтическай отделение тутуллан, быйыл үлэҕэ киириэхтээх. 

Өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинэ профилактикатын киинин иһинэн Уопсастыбаннай доруобуйа киинэ аһылынна. Хоту дойдуга уһун үйэлэнии уонна “Эр киһи доруобуйата” бырагыраамалар үлэлииллэр. 3 улууска уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтөр муниципальнай бырагыраамалар үлэлиэхтэрэ.

Саҥа ньымалар, технологиялар киирэллэр:

— аан бастаан быарга химиоэмболизация оҥордулар;

— дерматологияҕа, пульмонологияҕа, ревматологияҕа геннэй-инженернэй эмтээһин ыытылынна;

— тымныынан эмтээһин ньыматын туһаннылар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0