Уһук Илини хааччыйыыга көмө миэрэлэр ылыллыахтара

Бөлөххө киир:

Уһук Илиҥҥэ бастайааннай бэрэстэбиитэл Юрий Трутнев РФ экэниэмикэҕэ уонна Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэлэригэр кэккэ сорудахтары биэрдэ. Ол курдук, Уһук Илин эрэгийиэннэрин тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан, эминэн-томунан хааччыйарга, федеральнай көмөнү оҥорорго миэрэлэр ылыллыахтара диэн ТАСС суруйар.

Кини ыраах сытар, таһаҕаһы тиэрдиигэ уустук балаһыанньалаах эрэгийиэннэргэ нэһилиэнньэни бородууктанан, эминэн-томунан хааччыйыы тыын суолталааҕын бэлиэтээтэ.

Юрий Трутнев соторутааҕыта бэрэсидьиэн Владимир Путины кытары Арктика эрэгийиэннэригэр көмө туһунан мунньах кэмигэр хотугу таһаҕаһы таһыы  сокуона оҥоһуллуохтааҕа этиллибитин ыйда. Бу сокуон сүрүн сыала – ыраах хоту сытар эрэгийиэннэргэ чэпчэки сыаналаах бородууктаны тиэрдии уонна сыана үрдээбэтин ситиһии буолар.

Бу сокуон икки сүрүн түһүмэхтээх. Бастакытынан, хотугу таһаҕаһы тиэрдии инники күөҥҥэ тутуллуохтаах, сокуон “приоритет” диэн өйдөбүлү киллэрэр. Иккиһинэн, сыананы тутуу. Баан ыстаапкалара үрдээтилэр, оттон хотугу таһаҕаһы таһыы кирэдьиит быһыытынан оҥоһуллар, ол эбэтэр, бастаан табаар атыылаһыллар, ол кэнниттэн эрэ харчыта төннөр. Онон хотугу таһаҕаһы таһыыга бырыһыан ыстаапката субсидияланарын ситиһиэхтээхпит. Кирэдьиит сыаната үрдээбитэ тиэрдиллэр бородуукта сыанатыгар дьайбатын курдук, — диэн кини тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: tass.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0