Уһук Илин сайдыытын миниистирэ Конституция күнүнэн эҕэрдэлиир
Күндү Уһук Илин олохтоохторо! Эһигини Арассыыйа Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бүгүн биһиги дойдубут дьоһун суолталаах даатаны бэлиэтиир. Бу күн 25 сыл анараа өттүгэр киһини сүрүн баайынан, оттон кини быраабын уонна көҥүлүн билиммит Төрүт сокуон – Арассыыйа тумус туттар бигэ тирэҕэ ылыныллыбыта.
Саҥа Конституция дойдуга демократическай уларыта тутууларга кыаҕы биэрбитэ, гражданскай уопсастыбаны олохтооһуҥҥа бигэ тирэҕинэн буолбута. Аныгы Арассыыйа – араас омуктары, култууралары уонна конфессиялары түмпүт күүстээх уонна көҥүл судаарыстыба. Биһиги аҕа дойду наукатын, искусствотын, экэниэмикэтин уонна социальнай эйгэтин ситиһиилэринэн киэн туттабыт. Маныаха биһиги улуу Ийэ дойдубут мөлүйүөнүнэн гражданнарын таһаарыылаах үлэлэрин түмүгэ көстөр. Биһиги бары бииргэ саамай үрдүк көрдөрүүлэри ситиһиэхпит диэн эрэнэбин.
Бу бырааһынньык күн Уһук Илин олохтоохторугар торумнаабыт былааҥҥытын олоххо киллэриигэ ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын!
Александр Козлов, Арассыыйа Федерациятын Уһук Илини сайыннарыыга миниистирэ.