РФ президенэ Владимир Путин Москваҕа Георгиевскай саалаҕа Анал этиитин иһитиннэрэ турар. Медицинаҕа сыһыаран эһиил 34 региоҥҥа санитарнай авиация саҥа систиэмэтэ үлэлиэҕин эттэ.
Ордук Сибиир, Уһук Илин регионнарыгар, хоту дойдуга болҕомто ууруллуоҕун бэлиэтээтэ. Ону таһынан икки сылынан бары балыыһаларга электроннай өҥөнү оҥоруу тарҕаныахтааҕын, интернетинэн үлэ күүһүрүөхтээҕин эттэ. Быраастар үлэлэригэр туһаайан, докумуон, отчуот, ыспыраапка толоруутун курдук хос үлэлэр быраас эбээһинэһиттэн кыччыахтаахтарын, исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ ордук болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ.
«Үрдүк технологияны туһанан, уустук операциялары ыытар буоллубут эрээри, билигин да медицина кыһалҕата элбэх. Сорох ардыгар, исписэлиис суоҕуттан, баар оборудованиены кыайан үлэлэппэт да түгэммит баар», — диэн этэр Владимир Владимирович.
Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Егор Борисов атырдьах ыйыгар «О мерах по улучшению медицинского обслуживания и совершенствованию качества медицинской помощи в РС(Я)», «О мерах по совершенствованию высокотехнологичных видов медицинской помощи и инновационных методов лечения в РС(Я)» ыйаахтарга илии баттаабыта. Ыйаахтарга эмиэ медицинскэй өҥө хаачыстыбын тупсарыы, инновационнай технология көмөтүнэн эмтээһин туһунан этиллэр.