Уһук Илин олохтоохторугар ипотека 5% буолуоҕа

17.01.2019
Бөлөххө киир:

Быйыл кирэдьиит бырыһыана уонна дьиэ сыаната үрдээтэ эрээри, РФ Бырабыыталыстыбата дьиэ кэргэни өйүүр сыалтан, ипотекаҕа кэккэ чэпчэтиилэри киллэриэҕэ. Ол курдук, вице-премьер Татьяна Голикова Гайдаровскай форумҥа чэпчэтиилээх ипотеканы миниистирдэр кабинеттара бигэргэппитин туһунан иһитиннэрдэ.

edersaas.ru


Онно олоҕуран, кирэдьиити төлүүр кэмҥэ бырыһыан кыччаан биэриэҕэ, ону таһынан, ипотеканы төлүүргэ субсидия бэриллиэҕэ. Ыалга үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ 450 тыһыынчаны куоһарбат иэс 10% сотуллан хаалыаҕа.

Өссө биир үөрүүлээх сонун, Уһук Илин олохтоохторугар ипотека төлөбүрүн  5% диэри түһэрэр туһунан тустаах докумуон 2018 сыл ахсынньытыгар баттаммыт.

Үлэ уонна социальнай көмүскэл миниистирэ Максим Топилин этэринэн, оҕолоох ыаллар ипотекаларын 6% оҥорон, сорҕотун судаарыстыба кирэдьиит хаһан төлөнөн бүтүөр диэри субсидиялыаҕа.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0