Уһук Илин олохтоохторугар Ийэ хапытаала балтараа-икки төгүл үрдүөн сөп
Уһук Илин Федеральнай уокуругар Бурятия уонна Забайкальскай кыраай киириэхтэрин иннинэ, дойду аҕа баһылыга Владимир Путин бу эрэгийиэҥҥэ олох таһыма үрдүөхтээҕин туһунан этэн турар. Билигин Уһук Илини сайыннарыы национальнай бырагырааматын оҥорууга олохтоохтортон этиилэри хомуйаллар.
edersaas.ru
Федераллар кэлиҥҥи сылларга дьэ Уһук Илин диэки хайыһан, уокуругу атаҕар туруорууга саҥаттан-саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ үлэлэһэллэр, сайдыы саҥа суолларын тобулаллар. Олортон биирдэстэринэн икки сыллааҕыта атыыр айдааны, үгүс кэпсэтиини таһаарбыт “Уһук Илин гектар” сокуон буолар. “Босхо гектарга” Уһук Илин олохтоохторо эрэ буолбакка, атын эрэгийиэн дьоно-сэргэтэ эмиэ түбэһэн, бүгүҥҥү туругунан, докумуоҥҥа киирэринэн, 48075 учаастак түҥэтиллибит.
РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, вице-премьер Юрий Трутнев этэринэн, үүммүт сылга демографияны тупсарыыга, нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтиигэ болҕомто ууруллуохтаах. “Ийэ буолууну, оҕо сааһы өйөөһүҥҥэ биһиги күүскэ үлэлиибит. Бэрт сотору туһааннаах боппуруос быһаарыллыа. Бу туһунан үп миниистирэ Антон Силуановтыын күн ахсын кэпсэтэбит” , — диэн “Российскай газетаҕа” биэрбит интервьютугар эппит.
Билигин Уһук Илин олохтоохторугар Ийэ хапытаалын балтараа-икки төгүл улаатыннарар, босуобуйа кээмэйин үрдэтэр туһунан РФ Доруобуйа харыстабылын, социальнай сайдыытын уонна Үп министиэристибэлэрин холбоһуктаах бырайыактарын барыла оҥоһуллан эрэр. “Российская газета” суруйарынан, РФ үлэҕэ миниистирэ Максим Топилин иһитиннэрбитинэн, Уһук Илиҥҥэ оҕо төрөөһүнүгэр эбии чэпчэтиилэр оҥоһуллуохтаахтар. Ол курдук, саҥа төрөөбүт оҕоҕо тиийинэн олоруу икки кээмэйин (прожиточный минимум) саҕа босуобуйа төлөнүөхтээх. Итиэннэ Ийэ хапытаалыгар эбии 130 тыһыынча солкуобайдаах төлөбүр көрүллэрин таһынан, Саха сиригэр, Бурятияҕа, Чукоткаҕа уонна Сахалин уобалаһыгар олорооччуларга үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ, бособуойа баар буолуохтаах.
Билигин Арассыыйаҕа Ийэ хапытаала 453 026 солкуобайга тэҥнэһэр. 2020 сылга 470 241 солкуобайга үрдүүрэ былааннанар.
Бүгүҥҥү туругунан, Уһук Илиҥҥэ 8,2 мөлүйүөн киһи олорор. Бу Уһук Илин федеральнай уокуругар былырыын киирбит Бурятияны уонна Забайкальскай кыраайы ааҕан туран.
Анивера Акимова, edersaas.ru