Уһук Илин ипотекатыгар Саха сирэ 2-с миэстэлээх

Бөлөххө киир:

Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията Уһук Илин ипотекатын туһунан саҥа дааннайдары таһаарда.

Ол чэрчитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ “Уһук Илин ипотеката” бырагырааманан 21 843 криэдьиит бэриллибит. Уопсай суумата – 81,4 миллиард солкуобай. Приморскай кыраай, Саха сирэ уонна Хабаровскай кыраай бастыҥ көрдөрүүлээхтэр.

Приморскай кыраай – 25,2 миллиард солкуобай суумалаах 6233 кирэдьиит бэриллибит.

Саха сирэ – 18 миллиард солкуобай суумалаах 4484 кирэдьиит бэриллибит.

Хабаровскай кыраай – 11,6 миллиард солкуобай суумалаах 3044 кирэдьиит бэриллибит.

Бурятия – 5,5 миллиард солкуобай суумалаах 2263 кирэдьиит бэриллибит.

Амурскай уобалас — 7 миллиард солкуобай суумалаах 1993 кирэдьиит бэриллибит.

Забайкальскай кыраай – 4,2 миллиард солкуобай суумалаах 1394 кирэдьиит бэриллибит.

Сахалин уобалаһа – 6,6 миллиард солкуобай суумалаах 1382 кирэдьиит бэриллибит.

Олорор дьиэни туттарга эмиэ Уһук Илин ипотекатын биэрэр буолбуттара. Билиҥҥи туругунан, 6,2 миллиард солкуобай суумалаах 1532 кирэдьиит бэриллибит. Манна ордук Саха сиригэр дьон көхтөөхтүк бу бырагырааманан туһаммыт – 803 кирэдьиит бэриллибит. Бэс ыйыгар 131 дуогабар түһэрсиллибит. “ИЖС” кирэдьиитин суумата ортотунан 3,3 мөлүйүөн солкуобайтан 4 мөлүйүөҥҥэ диэри улааппыт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0