Уһук Илин демографическай сайдыытын кэнсиэпсийэтэ бигэргэннэ
РФ Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ регион демографическай бэлиитикэтин кэнсиэпсийэтин бигэргэттэ. Миниистир Александр Галушка этэринэн, кэнсиэпсийэ сүрүн соруга – Уһук Илин регионугар демографическай балаһыанньаны тосту уларытыы, өлүүнү, көһөн барыыны аҕыйатыы, төрөөһүнү элбэтии, эдэр исписэлиистэри олохсутуу буолар.
Бырайыагы икки түһүмэҕинэн олоххо киллэриэхтэрэ. 2020 сылга регион нэһилиэнньэтэ 6,2 мөлүйүөн киһиэхэ тэҥнэһиэхтээх, 2025 сылга — 6,5 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыахтаах.
Бастакы түһүмэҕэр дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕо төрөөһүнүн өйүүр, ону тэҥэ, иккис, үһүс оҕо төрүүрүн көҕүлүүр миэрэлэр ылыллыахтаахтар. Ол курдук, оҕо төрөөтөҕүнэ босуобуйалары улаатыннарыы, элбэх оҕолоох ыалларга нолуокка чэпчэтиилэри киллэрии, о.д.а. Ийэ хапытаалын туһаныы хайысхалара кэҥиэхтээх.
Оҕо төрөөтөҕүнэ социальнай ипотеканы, ИЖС көрүҥүн, о.д.а. туһанан, олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарар пилотнай бырагыраамалар баар буолуохтара. Регионнар бэйэлэрин уратыларын учуоттаан туран, үс сыл иһигэр демографическай сайдыы бырагыраамаларын оҥорон, үлэлэтиэхтээхтэр. Оччоҕуна, 2018 сыл бүтэһигэр көһөн барыы ахсаана үс төгүл аччыахтаах.
Оттон эдэр каадырдары аҕалан олохсутарга, Уһук Илиҥҥэ баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар кэлэллэрин курдук, араас миэрэ ылыллыахтаах. Идэ ылалларыгар, үлэ булалларыгар уонна ыал буолан, атахтарыгар туралларыгар көмөлөһүөхтээхтэр.
Өссө омук сиригэр олорор биир дойдулаахтарын аҕаларга эмиэ усулуобуйа оҥоһуллуохтаах үһү. Холобур, “старообрядцы” диэн итэҕэллээх дьону Уһук Илиҥҥэ аҕалан олохсутар былаан баар.
Кэнсиэпсийэҕэ ыарыыны утары охсуһарга уонна чөл олоҕу тарҕатарга син обургу миэстэ көрүллүбүт.
Кистэл буолбатах, былыр-былыргыттан ыраах, тымныы, олорорго мөлтөх усулуобуйалаах сирдэргэ ускул-тэскил сылдьар, үлэтэ, дьиэтэ суох, эбэтэр буруйдаммыт дьону ыыталыыр этилэр. Уһук Илин киэҥ-куоҥ уонна баай сиригэр-уотугар нэһилиэнньэтэ олус аҕыйах, 6 мөлүйүөн эрэ киһи олорор, сыллата көһөн барааччы элбии турар. Онтон бэйэлэрин кыараҕас дойдуларыгар баппат кытайдар, дьоппуоннар, кэриэйдэр Уһук Илин сирдэригэр “салбаммыттара” ыраатта. Онон бу регион нэһилиэнньэтин элбэтэ оҕустахха сатанар.
Ол эрээри, төһө да босхо гектарынан манчыыктаан аҕала сатаабыт иннигэр, олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун таһымын тупсарыыга, өйөөһүҥҥэ көдьүүстээх миэрэлэр ылыллаллара уолдьаста. Онуоха бу кэнсиэпсийэ миэрэлэрэ олоххо киирэн, дьиҥ туһалаах, көдьүүстээх буолуохтарыгар эрэниэххэйиҥ. Бу сурукка тиһиллибит эрэ курдук буолбутун да иһин, барыбыт олохпутун таарыйар докумуон буоларын өйдүөҕүҥ.
Манна даҕатан эттэххэ
Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана – 962 тыһ. киһи. Өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, 2022 сылга нэһилиэнньэни 1 мөлүйүөҥҥэ тиэрдэр соругу Ил Дархан Егор Борисов туруорбута.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска, уруһуй: интэриниэттэн.