«Уһук Илиҥҥи ипотека» туһата

Ааптар: 
21.07.2021
Бөлөххө киир:

Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорациятын чахчыларынан, 2021 сыл 5 ыйыгар ипотеканы  ылыы 33%-нан  ааспыт сыллааҕы көрдөрүүлэри куоһарбыт.

2020 сыл тохсунньутуттан ыам ыйыгар диэри УИФУо үрдүнэн 31 229 кирэдьиит бэриллибит эбит буоллаҕына, бу сыл ыам ыйыгар 41 386 кирэдьиит түҥэтиллибит. Хас сэттис ипотечнай кэрэдьиит Уһук Илиннээҕи Федеральнай уокурукка «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааманан бэриллибит, ол эбэтэр 5 379 кирэдьиит.

— «Уһук Илиҥҥи  ипотека» бырагыраама ипотека ырыынагар улахан уларыйыылар төрүөттэринэн буолла. Бу бырагыраама үлэлиэҕиттэн Уһук Илин уокурук үрдүнэн ипотеканан ылыллар кирэдьиит ортотунан бырыһыана намтаата. Бырагыраама үлэҕэ киирэн, 2019 сыл ахсынньытыгар саҥа тутуллубут  дьиэни атыылаһарга ипотека бырыһыана оротунан 9,53% эбит буоллаҕына, 2021 сыл ыам ыйын 31 күнүгэр ипотечнай кирэдьиит орто ставката 5,82% тэҥнэстэ, — диир Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорациятын социальнай блогун «Уһук Илиҥҥи  ипотека»бырайыага олоххо киллэрии департаменын дириэктэрин солбуйааччы Сергей Потанин.

Корпорация хомуйбут чахчыларынан, туһааннаах бырагыраамаҕа кыттыспыт 14 баан чэпчэтиилээх кирэдьиит ылыыга холбоон 22 480 дуогабар түһэрсибиттэр. Илиигэ бэриллибит үп уопсай суумата 85,1 млрд солкуобайга тэҥнэспит.

Ордук көхтөөхтүк бырагырааманан туһаныы Приморскай кыраайга тарҕаммыт – онно 6398 дуогабар түһэриллибит, уопсайа 26 млрд солк. кирэдьиит бэриллибит. Саха Сиригэр 4626 дуогабарынан 18,6 млрд солк. түҥэтиллибит. Үһүс миэстэҕэ Хабаровскай кыраай турар — 3147 дуогабар түһэриллэн, дьон илиитигэр 12,1 млрд солк. суумалаах кирэдьиит бэриллибит.

Чааһынай дьиэни туттууга анаан бэриллэр кирэдьиит Уһук Илин уокурукка ортотунан 4,13 мөл. солк. тэҥнэһэр.
«Уһук Илиҥҥи  ипотека» тупсаҕай усулуобуйалара эдэр ыалларга олорор дьиэлэрин атыылаһарга эбэтэр бэйэ күүһүнэн туттарга, кэлэр кэскили былаанныырга көмөлөһөр.

Дьокуускай куорат олохтооҕо Роза Анисимова кэргэнин кытта куорат таһыгар бэйэ дьиэтин тутууга чэпчэтиилээх кирэдьиити ылбыт.

— Тутуубут бэрт түргэн тэтиминэн бара турар. Икки этээстээх дьиэни буруус маһынан тутан эрэбит. «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааманан 2020 сыл сэтинньитигэр “Алмаасэргиэнбаантан» кирэдьиит ылбыппыт. 4 мөлүйүөн солкуобай 20 сылга ыламмыт билигин ыйга 20200 солкуобайы төлүү сылдьабыт, биһиги дьиэ кэргэн уйунар ороскуота. Билигин биир хостоох кыбартыыраҕа олоробут, сотору икки этээстээх бэйэбит дьиэбитигэр көһүөхпүт. Куорат кииниттэн 15 мүнүүтэ айаннаах сиргэ тутта сылдьабыт! Кэргэмминээн 30 сааспытын эрэ ааспыт дьоммут, онон баҕа санаабыт түргэнник туолан эрэриттэн олус үөрэбит!, — диэн кэпсээтэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0