Уһук Илиҥҥэ ыарыы тарҕаныытын туһунан кэпсэттилэр

Бөлөххө киир:

Күһүн аайы тумуу, кириип, ковид ыарыынан ыалдьыы элбиир. Ону тэҥэ доруобуйа харыстабылын систиэмэтигэр ноҕурууска улаатар. Ленатааҕы кулууп эспиэрдэрэ Уһук Илин эрэгийиэнигэр ыарыы тарҕаныытын бохсор үлэ туһунан кэпсэттилэр.

Биллэрин курдук, Уһук Илиҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, киэҥ иэннээх сиргэ нэһилиэнньэлээх пууннар ыраах-ыраах сыталлар, сорох сирдэргэ суол-иис суох. Онон балыыһалар, миэдиктэр тиийбэт буолуохтарын сөп. Ону Владимир Путин эмиэ бэлиэтээн турар. Уһук Илин эрэгийиэнигэр ыарыыны утары охсуһарга олоҕурбут халыыпка хаайтарбакка, атын суоллары тобуларга ыҥырбыта.

Уһук Илиҥҥэ боломуочунай Юрий Трутнев этэринэн, эрэгийиэннэр ковиды утары эминэн, быһыынан үчүгэйдик хааччыллан олороллор. Сэтинньигэ нэһилиэнньэ 80%-на коронавируһу утары быһыыны ылыахтаах диэн былаан туолар кыахтаах дуо?

Быһыыны биэриигэ Амур уобалаһа, Саха сирэ, Чукотка, Сахалин уонна Бурятия бастаан иһэллэр. Саха сиригэр күннэтэ 1200-1300 киһи быһыыны ылар. Барыта 338,5 тыһыынча киһи, иккис укуолун 315 тыһыынча киһи ылбыта. Коронавируһу утары быһыыны ылыы былаана өрөспүүбүлүкэҕэ 456 177 киһиэхэ тэҥнэһэр. Сорох хотугу улуустарга быһыыны ылыы былаанын 90-тан тахса бырыһыан толорбуттар. 7556 киһи быһыыны сыл аҥаарынан иккистээн ылбыт.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дьон олоҕун быыһыырга мэдиссиинэ таһыма үрдүк буолан, атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо, коронавирустан өлүү намыһах. Ол эрээри, ыалдьыы ахсаана үрдүү турар. Билигин үксүн улуустарга ыалдьар буоллулар. Кыра дэриэбинэлэргэ биир киһи ыарыйдаҕына, уонча киһини сыһыарар, быһыыны ылбыт киһи аҕыйах. Ыраах, суола-ииһэ суох сирдэртэн ыалдьыбыт киһини аҕалар сүрдээх уустук. Саҥа штаммнар кэлэннэр, сыстыһыы үрдээтэ. Ону тэҥэ, оҕолор элбэхтик ыалдьар буоллулар, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Ленатааҕы кулууп эспиэрдэрэ быһыыны ылбыт кэннэ ыарыы чэпчэкитик аһардыллара, балыыһаҕа киирбэттэрэ номнуо дакаастанна диэн эттилэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0