Оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр киин тохсунньу бүтүүтэ үлэтин саҕалыа. Бу туһунан Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Александр Михеев суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Инбэлиит оҕолорго анаан тутулла турар 250 миэстэлээх киин Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн тарбахха баттанар улахан, аныгылыы медицина тиэхиникэтинэн толору хааччыллыбыт, сүҥкэн тутуу буолар.
Бу туһунан РФ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Алексей Вовченко кэлэ сылдьан, этэн турар: «Мин соторутааҕыта Чечня Өрөспүүбүлүкэтигэр сылдьан, илиҥҥи дойдулар медициналарын хайдах туһаналларын көрдүм. Түмүгэ киһини сөхтөрөр – хаампат, ыарахан туруктаах оҕолор эрэллээхтик хаамар буолаллар. Онон, эһиги кииҥҥит өрөспүүбүлүкэ уонна Уһук Илиҥҥи регион оҕолорун кыһалҕаларын толору быһаарыаҕар эрэнэбин», – диэн.
Оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр киини тутуу 2014 сылтан саҕаламмыта. Киин биир кэлим: социальнай-медицинскэй, социальнай-педагогическай, социальнай-психологическай, социокультурнай, спортивнай уо.д.а. көмөнү оҥоруоҕа. Суукканы быһа үлэлиир уонна күнүскү стационардар аһыллыахтара. Инбэлиит оҕолор төрөппүттэригэр тустаах көмө тиһигин быспакка оҥоһуллуоҕа.
Билиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 10 тыһыынчаттан тахса хааччахтаммыт доруобуйалаах, ол иһигэр, 6054 инбэлиит оҕо баар. Нерюнгрига баар реабилитациялыыр киин ньиэрбинэй систиэмэлэрэ, харахтара, кулгаахтара ыалдьар оҕолору эмтиир, ол эрээри, баҕалаахтары барыларын хабар кыаҕа суох. Ону тэҥэ төрөппүттэр, айанныырга, тиийэн олорорго ыарахаттары көрсөллөр.
Кииҥҥэ үлэлиэхтээх медиктэр штаттара (50 киһи) талыллан, үлэлииргэ бэлэм сылдьаллар. Тохсунньу 22 күнүттэн консультацияларын саҕалыахтара. Бу күнү оҕолор, төрөппүттэр тэһийбэккэ кэтэһэллэр. Бастакы күн 40 оҕо кэлэрэ күүтүллэр.
Ол эрээри аныгы тиэхиникэнэн хааччыйыы үлэтэ салҕаныа, онон олунньу бүтүүтэ, кулун тутар саҕаланыыта киин үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа диэн миниистир иһитиннэрдэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу үлэтэ түмүктэнэн, Үүнэр көлүөнэлэр пуондалара 150 мөл. солкуобайдаах анал тиэхиникэни аҕалан туруоруохтаах.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru