Уһук Илиҥҥэ үһүс оҕоҕо мөлүйүөнү биэриэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Быйылгыттан Уһук Илин эрэгийиэнигэр төрөөһүнү көҕүлүүр саҥа миэрэлэр киириэхтэрэ. Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэн 1 мөлүйүөн солкуобайы ылыан сөп. Ол туһунан Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков кэпсээтэ.

Аан бастаан бу көмөнү Уһук Илин аҕыйах эрэгийиэнигэр боруобалаан баран, көдьүүстээҕин көрдөхпүтүнэ, Уһук Илиҥҥэ барытыгар тарҕатыахпыт”, — диэн миниистир эрэннэрэр.

Билигин Уһук Илиҥҥэ төрөөһүнү көҕүлүүр миэрэлэр үлэлии тураллар: чэпчэки бырыһыаннаах Уһук Илин ипотеката, иккис оҕоҕо эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаала, бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ, биирдэ бэриллэр төлөбүр, уо.д.а.

Санатар буоллахха, Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ төрөөһүн көрдөрүүтүнэн бастакы миэстэлээх.

2025 сылга Уһук Илин эрэгийиэнин нэһилиэнньэтэ 8,5 мөлүйүөҥҥэ, 2035 сылга 10 мөлүйүөҥҥэ тиийэ эбиллиэҕэ диэн былаанныыллар, манна туһулаан үлэ ыытыллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0