Уһук Илиҥҥэ кэлээччилэргэ — 250 тыһ. солкуобай

Бөлөххө киир:

РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ бэлэмнээбит бырагырааматыгар олоҕуран, Уһук Илин региоҥҥа үлэлии уонна олохсуйа кэлээччилэргэ анаан 250 тыһ. солк. харчы, атыннык эттэххэ, подъемнай төлөнөр.

Бу барыта Уһук Илиҥҥэ демографияны сайыннарыыны кытары сибээстээҕин туһунан Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин салайааччыта Александр Галушка этэр. Нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтиигэ «Босхо гектар» бырайыак улахан оруоллааҕын эмиэ Галушка тоһоҕолоон бэлиэтиир. Бырайыак олоххо киириэҕиттэн сир учаастагын быстаран ылыыга 30 тыһыынча кэриҥэ сайабылыанньа киирдэ. Ордук элбэх сайаапканы Саха сиригэр, Приморьеҕа уонна Сахалиҥҥа биэрбиттэр. Оттон олунньу 1 күнүттэн бырайыак үһүс түһүмэҕэ үлэтин саҕалаатаҕына, Россия бары олохтоохторо Уһук Илинтэн сир ылар кыахтаныахтара.
Социологическай ыйытык чахчыларынан, билиҥҥитэ Россия нэһилиэнньэтин 10 — 20% Уһук Илинтэн сир ылар баҕалааҕын туһунан ТАСС суруйар.

Анивера Акимова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0