Күн бүгүн уһуйааннарга төһө даҕаны аҕыйах оҕо сырыттар үлэлии тураллар. Оҕо ахсаана аҕыйаҕынан сибээстээн, сорох бөлөхтөрү холбоотулар.
Үгүс бөлөхтөргө күннэтэ уону кыайбат оҕо кэлэр. Бэҕэһээҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн иитиллээччи уопсай ахсааныттан 32, 4 % оҕо сылдьар. Уһуйаан үлэһиттэрэ кырачааннар доруобуйаларын кыраҕытык кэтииллэр, температураларын кээмэйдииллэр. Сууйар-сотор сириэстибэнэн толору хааччыллан олороллор. Төрөппүттэр оҕолорун аҕалалларыгар бахиланы таһынан, маасканы ирдииллэр.
Санатан эттэххэ, ыарыы кэмигэр төрөппүттэр оҕолорун уһуйааҥҥа ыытымыахтарын сөп. Бу түгэҥҥэ төлөбүр ааҕыллыбат. Маныаха төрөппүттэн сайабылыанньа ирдэнэр.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1