«Уһуйаан оҕотун энциклопедиятын» кытары Билии дойдутугар айан

11.08.2022
Бөлөххө киир:

Бэлэх хаарталаах, дьэрэкээн ойуулаах, кинигэ сирэйиттэн субу сүүрэн тахсыах айылаах баабыр, пантера, ол быыһыгар сиэдэрэй бэйэлээх попугаай кими соһуппат буолуой?
Ити барыта — саҥа үөрэх дьылын көрсө. Бэлэмнэниигэ былырыын уһуйааннарга сылдьыбыттар бастакы кылааска оскуолаҕа киирэллэрин баттаһа, бу кинигэ кинилэргэ эмиэ бэртээхэй бэлэх буолуоҕа. 

edersaas.ru

Тоҕо диэтэххэ, мин бу, 69-с хаарбыт уулларбыт эһэккэ киһи, дьэ кэрэхсээн да көрүтэлээтим манна баар клоун-балыгы, күлгэри аймаҕа тритону, Комодо арыытыгар олохтоох варааны! Кыыл-сүөл, үөн-харамай туһунан барытыгар сиһилии ыспыраапкалардаах, кэпсээннэрдээх уонна кыра дьону умсугутуох айылаах араас сорудахтардаах, оонньуу түһэн ылалларыгар аралдьытар албастардаах.
Харахадьыылы баҕар билиэм ини да, осьминог ол-бу араас дьиктитин, бачча сааспар диэри оройдоппотох оҕонньорбун. Оннук эрэ буолуо диэбэппин ээ. Онтон сылтаан,  бу кинигэни барытын кэпсээбэппин эрээри,  этиим эрэ: баай ис хоһоонноох кинигэ буолбут, ити үөн-күрдьэҕэ эридьиэстэрин үөрэтэр, кэтиир, чинчийэр уонна сатаан ырытар буолан киэҥ эйгэҕэ маннык туһалаахтык сэрэтэр үлэни ыыттахтара диэн үөрэхтээхтэри хайгыыбын. Илэ-чахчы бу “сэрэтэр үлэ”! Аан дойду иэнэ билигин кимиэхэ баҕарар аһаҕас. Алҕас онно-манна тиийэр түгэҥҥэ адьарайдар тустарынан билэ сылдьыбыт ордук. Киһи мыыныах да көтөрө-сүүрэрэ кутталлаах соҕус буолуоҕун  хантан билиэҥий, аны ол сылдьан ол-бу мучумааҥҥа тиксиэх куттала суоһуур аҕай эбээт.
Онон, оҕолор уонна кинилэр төрөппүттэрэ! Сэҥээрииһигит, бу бэртээхэй сахалыы энциклопедияны ааҕан, билиинэн-көрүүнэн сэбилэнэн баран, аан дойду аартыга аһаҕас, айаннааҥ, көрүҥ-истиҥ уонна тус бэйэҕит кэтээбит кинигэҕитин да суруйан таһаарар кыахтаах, билиилээх дьон буола улаатыҥ диэн кэлэн иһэр үөрэх дьылынан эҕэрдэлиибин!
“Уһуйаан оҕотун энциклопедията” “Айар”  кинигэ кыһатын бука бары маҕаһыыннарыгар атыыланан эрэр. Тиэтэйиҥ, тиксибэккэ хаалаайаҕыт! Сыаната баара эрэ 360 солкуобай.
Өйдөө, сыанатын толуйуох көрүҥнээх, иһэ истээх, таһа тастаах кинигэ эн оскуолаҕа кыра кылааска үөрэнэр оҕоҥ бэйэтэ ааҕарыгар олус табыгастаах буолсу!
Хаартатын тэнитэн көрдөххө бары харамай ханна олохтооҕо судаарыстыбаларынан ыйыллыбыта үчүгэйэ бөҕөккөтө. Ону оҕо остуолун үрдүнэн ыйаа да, бүттэ: географияны кытта бииргэ айылҕатын уратытын биллэҕэ ол!
Кытаатыҥ, Билии дойдутугар бэртээхэй айаны!

Лэгэнтэй АКИМОВ, «Саха сирэ»,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0