Уһуйаан кыһалҕалара

Ааптар: 
31.03.2017
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка үһүттэн үөһэ саастаах оҕолору барыларын оҕо саадынан хааччыйдыбыт диэн этэр буоллахтарына, улуустарга бу кыһалҕа билигин даҕаны тирээн турар. Быһаарыллыбыт да эбит буоллаҕына, нуорманы таһынан эбии ылан. Сахамедиа “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн, тыа сиригэр оҕо саадын кыһалҕатын тула “төгүрүк остуолу” тэрийбитэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru


Чахчылар

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күн бүгүн, уопсайа, 700-чэкэ оҕо саада үлэлии турар. Онно 70231 кырачаан сылдьар. Итинтэн үһүгэр диэри саастаах 9154 оҕо (ааспыт сыл бүтүүтүнээҕи чахчынан) уһуйааҥҥа хабыллыбыт. 3-7 диэри саастаах оҕо барыта 100 бырыһыан саадка сылдьар диэн этиллибитэ. Оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 0-7 диэри 113985 оҕо баара биллэр буоллаҕына, төһөтө уочаракка турарын уустуга суох суоттуохха сөп.

Сунтаар

Сунтаар улууһугар 3-7 диэри саастаах 2200 оҕо уһуйаанынан хабыллыбыт. Эрдэ, нэһилиэктэргэ уһуйааннары тутууга “Сахам сирэ – XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһыны кытта үлэлэспиттэр. Ол гынан баран, бу бырагыраамаҕа 40 мөл солк (50 миэстэҕэ диэри) эрэ диэри суумалаах тутуулары ыытар буолан, билигин кыайан хапсыбаттар эбит. Онон саҥа хайысхалары көрдөөн, судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһиинэн Кутана нэһилиэгэр 80 миэстэлээх уһуйаан үлэҕэ киирбит.
Билигин аны оҕо 2 ыйыттан уһуйаанынан хааччыллыахтаах диэн этэллэр. Күн бүгүн 700-чэкэ оҕо сайаапкалаах. «Үтүө дьыала” тутуу сууматын 75 мөл солк диэри таһаараллара буоллар, биһиэхэ 80 миэстэлээх детсадтары нэһилиэктэргэ тутар кыах үөскүөх этэ, диир улуус баһылыга Анатолий Григорьев. Сунтаар нэһилиэгэр 240 миэстэлээх оҕо саадын судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии нөҥүө тутан саҕалаабыттар. Быйыл үлэҕэ киириэхтээх. Улуустар, тустаах бырагыраама эмиэ үчүгэй хамсааһын диэн бэлиэтииллэр.

Булгунньахтаах

I Малдьаҕар нэһилиэгэ 2013 сылтан “Аан дойдутааҕы баан” инвестиция бырагырааматыгар киирсибиттэр. Хомойуох иһин, кириисиһинэн сибээстээн, тустаах бырагыраама тохтоон турар. Нэһилиэнньэ ахсаана — 1700. Билигин икки оҕо саада (65 уонна 35 оҕолоох) үлэлии турар. Хайаан даҕаны 120 миэстэлээх улахан саады тутары туруорсаллар. Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии бырагырааматыгар киирсиэххэ сөп эрээри, инвестордары буларга уустуктар бааллар диэн бэлиэтииллэр.

Саккырыыр
Эбээн Бытантай улууһун Саккырыырдааҕы “Хаарчаана” оҕо саадыгар уопсайа 167 кырачаан сылдьар. Дьиҥэр, 130-ча эрэ оҕо хабыллар кыахтаах эбит. Ол эрээри, 3-7 диэри саастаах оҕону барытын детсаадынан булгуччу хааччыйыллыахтаах диэн “хабахха тыыннаран”, 167 оҕону батарбыттар. Онон ирдэбили толорбуттар. Үс дьиэнэн тэриллэн үлэлээн олороллор, 1954-1956 сыллаах тутуулар эбит. Сэбиэдиссэй: «Типовой буолбатахтар, онон оҕолорго бөлөхтөрү тэрийэргэ улахан ыарахаттар бааллар”, — диэн этэр. “Аан дойдутааҕы баан” нөҥүө тутуох буолан эрэннэрбиттэр эрээри, бырагыраама тохтоон, кураанаҕы кууһан хаалбыттар. Сыл аайы бырабыыталыстыба отчуота тиийдэҕин ахсын туруорсаллар эбит да, Саккырыырга оскуола тутуутун боппуруоһа сүрүн кыһалҕа. Онон оскуола тутулла илигинэ, оҕо саада ыра санаа ымыыта эрэ буолар кыахтаах эбит.
Итинтэн сиэттэрэн, иккис кыһалҕа үөскээн тахсыбыт. Ол туһунан сэбиэдиссэй Любовь Стручкова маннык кэпсиир: «Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин Федеральнай Судаарыстыбаннай стандартын быһыытынан, оҕо Россия хайа да муннугар олордун, биир тэҥ усулуобуйаҕа иитиллиэхтээх, үөрэниэхтээх. Биһиги хайдах да гынан оннук усулуобуйаны тэрийэр кыахпыт суох. Бастатан туран, бөлөхтөр кыараҕастар. Иккиһинэн, спортивнай да, муусука даҕаны саалабыт суох. Хоту сиргэ кыһына олус уһун, тымныы, сайына кылгаһын ааһан үгүстүк ардахтыыр. Инньэ гынан, биһиги оҕолорбут эт-хаан өттүнэн, атыттарга холоотоххо, мөлтөһүөр көрдөрүүлээхтэр. Ол нормативы туттаралларыгар көстөр. Мин иитиллээччилэрим сүүрүүнү кыайан ааспаттар. 75 миэстэлээх оҕо саада тутуллубута да буоллар, биһиги кыһалҕабытын толору быһаарбат. Баара-суоҕа уһуйааммыт биир эрэ дьиэтин сабыах этэ. Онон муҥ саатар 160 миэстэлээх оҕо саада наада».

Дулҕалаах
Ити курдук, үгүс тыа сирдэрин уһуйааннара тутуллубуттара быданнаабыт буолан, саҥа дьиэлэр эрэйиллэллэр. Ол эрээри, тутулунна да “биир төбө ыарыыта көҕүрүө” диэн саныыр, хомойуох иһин, букатын сыыһа өйдөбүл эбит. Ол ырылхай туоһутунан, Дьааҥы улууһун Дулҕалаах нэһилиэгин холобура буолар. Манна 2014 сыллаахха “Сахам сирэ – XXI үйэҕэ” үтүө дьыала чэрчитинэн, 30 миэстэлээх оҕо саада тутуллан үлэҕэ киирбит. Ол эрээри, сэбиэдиссэй Клара Ноговицына, дьиэбит олус тымныы диэн бэлиэтиир. Муостатынан тымныйар эбит. “Быйыл төрөппүттэр күүстэринэн хаарынан хайа сатаатыбыт. Ол эрээри, улахан тымныыга син биир хотторор. Сабараанньата суох. Дьиэни туппут дьон сабараанньа бырайыакка суох диэн куотуналлар”, — диэн отчуокка бара сырыттахпытына кэпсээн, соһутан турардаах.
Сахамедиа ыыппыт “төгүрүк остуолун” кэмигэр мин ити ыйытыыны “Сахам сирэ – XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһын салаатын салайааччыта Иван Емельяновтан анаан-минээн хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй диэн ыйыппыппар: “Итиннэ улуус бэйэтэ сакаасчыт буолар. Онон тутуу хаачыстыбалаах буоларын барытын кинилэр көрүөхтээхтэр, эппиэттииллэр. Дулҕалаахха былырыын баран көрө сылдьыбыппыт. Муостатынан сылааһы тутуута олус мөлтөх буолан, бэдэрээтчит барытын көннөрүөм диэбитэ. Хайдах оҥорору биһиги миэстэтигэр кэпсэппиппит. Бэйэлэрин уоллара туппут этэ. Үс сыл иһигэр тутуу хаачыстыбатыгар бэдэрээтчит эппиэттиир. Сабараанньалаах дуу, суох дуу, бырайыагыттан тутулуктаах. Дулҕалаах киэнэ сыбаайаҕа турар уонна цокольнай сабыыта мөлтөхтүк оҥоһуллубут этэ”, — диэн хоруйдаабыта.

Кыыллаах
Баҕар, сорохтор ити биирдиилээн көстүү диэххит. Ол эрээри, сыыһаҕыт. Өссө биир чаҕылхай туоһунан Өлүөхүмэ улууһун Даппарай сэлиэнньэтигэр көһөрүүнэн сибээстээн тутуллубут 50 миэстэлээх оҕо саада буолар. Уопсайынан, ханна баҕарар тутуу хаачыстыбата мөлтөөтө диэн бэлиэтииллэрэ саамай сөптөөх.
Даппарай сэлиэнньэтин уһуйаана 2015 сыллаахха үлэҕэ киириэхтээх этэ. Ол эрээри, тутуутугар кэккэ итэҕэстэр баар буолан, күн бүгүҥҥэ диэри итиччэ бэртээхэй тутуу таах көрүнньүк эрэ буолан турар. Сакаасчытынан улуус буолар. Тэрилтэ тутуутун ыыппыт эрээри, үлэтин туттарбатах. Тустаах боппуруоска улуус үлэлэһэ сылдьар. Ити сыл тута суукка биэрбит. Ол эрээри, тэрилтэ эстэн, итэҕэстэрин туоратар кыаҕа суох, күн бүгүҥҥэ диэри сууттаһа сылдьаллар.

Түмүк
Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, ханна баҕарар уһуйааннар тутуллаллар. Ол эрээри, “Путин оҕолоро” сыыппараны эмискэ эбиилэрин суотугар, уһуйаан тиийбэт кыһалҕата үөскээтэ. Аны оҕону 2 ыйыттан 3 сааһыгар диэри уһуйаанынан хааччыйыыга саҥа ирдэбил киирэн, балаһыанньаны өссө уустугурдуох курдук. Иккиһинэн, оскуолалары биир симиэнэҕэ көһөрүүнэн сибээстээн, уһуйааннары тутуу бытаарыан сөп. Оччотугар, били, 2013-2014 сыллардааҕы курдук, уһун айдааннаах уочараттар хат күөрэйэн тахсыахтарын сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0