Юрист сүбэтэ: Оҕо саадыгар төлөбүрү кыччатыы

Ааптар: 
26.10.2017
Бөлөххө киир:

edersaas.ru сайтка «Юрист сүбэтэ» рубриканы арыйабыт. Манна юрист Лиза Эверстова дьон мунаахсыйар боппуруостарыгар, тиэмэлэригэр сөптөөх хоруйу биэриэҕэ.

Россияҕа «Үөрэҕирии туһунан» сокуоҥҥа этиллэринэн, уһуйааҥҥа босхо сылдьар бырааптаах оҕолор бааллар. Онно киирэллэр:

  • инбэлиит оҕолор;
  • тулаайах оҕолор;
  • сэллигинэн интоксикациялаах оҕолор;
  • төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор.

“Үөрэҕирии туһунан» сокуон 52.2 ыстатыйатыгар этиллэринэн, уһуйааҥҥа сылдьар оҕолоох төрөппүттэр төлөөбүт харчыларыттан компенсация ылыахтарын сөп. Ол компенсация кээмэйэ уһуйааҥҥа хас оҕо сылдьарыттан тутулуктаах.

Бастакы оҕоҕо – 20 %, иккис оҕоҕо – 50 %,  үһүс оҕоҕо – 70 %. Холобур, биир ыйга төрөппүт 2 тыһ.500 солк. төлүүр буоллаҕына, ол сууманы 22 үлэ күнүгэр түҥэтэбит, оччоҕо оҕо биир күҥҥэ уһуйааҥҥа сылдьара 113 солк. буолар, 113 солк. оҕо уһуйааҥҥа сылдьыбыт күнүгэр төгүллүүгүт, онтон 20 % ааҕаҕыт.

Аны туран, икки оҕолоох ыалтан биирдэстэрэ уһуйааҥҥа сылдьар буоллаҕына, 20 %-ын төннөрөллөр. Оттон иккиэн сылдьар буоллахтарына, 50 % төннөр. Дьиэ кэргэн үстэн элбэх оҕолоох буоллаҕына, 70 % компенсация оҥоһуллар. Бу сокуонунан 18 саастарыгар диэри үөрэнээччилэр эбэтэр үрдүк үөрэххэ сирэй үөрэнэр 23 саастарын туола илик устудьуоннар оҕо быһыытынан ааҕыллан, ыалга компенсация оҥоһуллар.

Чааһынай уһуйааннарга сылдьар оҕолордоох төрөппүттэргэ эмиэ компенсация бэриллэр. Чааһынай уһуйаан хайаан да лицензиялаах буолуохтаах, оннук эрэ түгэҥҥэ компенсация төлөнөр.

Компенсация ылар туһугар туһааннаах докумуоннары (төрөппүт пааспарын, оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу суругу, дьиэ кэргэн ыспыраапкатын, баан счетун) уһуйааҥҥа туттараллар.

Докумуоҥҥут барыта сөп буоллаҕына, компенсация оҥоһуллар.

Ийэ хапытаалынан оҕо уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүрүн эмиэ төлүөххэ сөп. Онуоха Пенсионнай пуонданы кытта дуогабар түһэрсиэххэ наада.

Сорох Россия регионнарыгар оҕо уһуйааҥҥа тиксибэтэх түгэнигэр компенсация төлөнөр. Хомойуох иһин, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оннук өҥө оҥоһуллубат.

Бэйэҕит быраапкытын билиҥ уонна туһаныҥ.


Юрист сүбэтэ: Массыынаны атыылаһыы, дуогабар түһэрсии

Юрист сүбэтэ: Дьиэни атыылыырга нолуогу кыччатыы

Юрист сүбэтэ: Дьиэни атыылааһын уонна атыылаһыы

Лиза Эверстова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0