«Уһаарыллыы» — буойун бойобуой суолун туһунан кинигэ

08.05.2020
Бөлөххө киир:

Горнай улууһугар, Бэрдьигэстээххэ,  Улуу Кыайыы 75 сылынан Николай Николаев «Уһаарыллыы» диэн кинигэтэ  күн сирин көрөн, олохтоохтор үөрүүлэрэ улахан.

edersaas.ru

Кэпсэтиини саҕалыах иннинэ, эрдэлээн эттэххэ, аппыһыар Николай Николаев Аҕа дойду уоттаах сэриитин туһунан суруйбут матырыйааллара 60-ча сыл ыскаапка ууруллан сыппыттар. Сиһилии улуус дьаһалтатын тэрийэр правовой отделын салайар Айталина Санникова маннык кэпсээтэ:

Биһиги улууспутуттан Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыттартан, саамай улахан бойобуой наҕараадалаах — «Кыһыл Знамя» уордьаннаах, Мытаахтан төрүттээх, өлүүнү-сүтүүнү уу хараҕынан көрбүт, кыргыһыы хонуутугар кыа хаанын тохпут сэрии кыттыылааҕа, аппыһыар, рота хамандыыра Николай Иннокентьевич Николаев  буолар. Кини «Уһаарыллыы» диэн Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан сэһэнэ Улуу Кыайыы 75 сылынан бэчээттэнэн таҕыста.

Кинигэни бэчээккэ СӨ култууратын үтүөлээх  үлэһитэ, улахан уопуттаах суруналыыс Василий Алексеев бэлэмнээтэ. Василий Ильич киин куораттар байыаннай архыыптарыттан, Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна РФ куттал суох буолуутун министиэристибэтин архыыптарыттан сэрии саҕанааҕы докумуоннары, о.д.а. архыыптары, анал суруйуулары хасыһан, дьаныардаахтык үлэлиир,  суруйар. Улуус буойуннарын туһунан эрдэ биллибэтэх элбэх чахчыны булан, ааттарын үйэтиппит улахан өҥөлөөх. Ону таһынан, үгүс докумуоннары куоппуйалаан, хаартыскаларга түһэрэн,  сүүһүнэн киһини кытта кэпсэтэн, быһаарсан, чуолкайдаһан барытын биир тиһиккэ киллэрэн, бэчээккэ бэлэмнээн үксүн таһаартарбыта. Кинигэни саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов ситэрдэ-хотордо, литературнай өртүнэн тупсаран биэрдэ. П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Винокуров-Урсун эрэдээксийэлээтэ. Тэрээһин боппуруостарын быһаарсыыга  улуус дьокутааттарын сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Алквиад Тарасов күүс-көмө, сүбэ-ама буолла. Оттон буойун кыра кыыһа, Уус Алдан Дүпсүнүгэр олорор  Любовь Прибылых, Ольга Бережнова, Николай Прохоров  аппыһыар олоҕун кэпсиир докумуоннары, араас суруктары хаһыат эрэдээксийэтигэр тиксэрэннэр,өнү оҥордулар. 

Кинигэҕэ киэн туттар биир дойдулаахпыт, аппыһыар бойобуой суола суруллар.Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов Н.И.Николаев суруйар дьоҕуругар үрдүк сыанабылы биэрбитэ ахтыллар. Итиннэ эбэн эттэххэ, Николай Иннокентьевич  улууска биир бастакы идэтийбит фотограф буолар. Кини түһэртээбит улуус устуоруйатыгар сыһыаннаах хаартыскалара кинигэни ситэрэн-хоторон биэрэллэр. Түгэнинэн туһанан, Николай Иннокентьевич суруйбут үлэлэрин, матырыйаалларын ийэлэрэ, аппыһыар иккис кэргэнэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Варвара Текеянова  60-ча сылы быһа кичэллээхтик харайан уура сылдьыбытын сөҕөн-махтайан бэлиэтиибит. Ону сэргэ, «Сахамедиа» генеральнай дириэктэригэр Алексей Чертковка, кинигэ бэчээттэниитигэр, бэлэмнээһинигэр үлэлэспит бары дьоҥҥо  махталбытын биллэрэбит, — диэн кэпсээтэ.

Кинигэ 500 экземплярынан бэчээттэммит.  Кэпсээбиттэринэн, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, Николай Николаев аймахтарыгар, бибилэтиэкэлэргэ, оскуолаларга бэлэх быһыытынан бэриллэр.

Айталина Санникова хаартыскаларга түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0